Тохсунньу 17
Тохсунньу 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 17-с күнэ. Сыл бүтүө 348 күн (ордук хонуктаах сылга 349 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
- Греция — Патрас карнаваала — Греция сүүнэ бөдөҥ карнаваала, аан дойду бөдөҥ карнаваалларыттан биирдэстэрэ. Бэлиэтэммитэ 160-ча сыл буолбут. Былыргы итэҕэллэри кытта ситимнээх, сааһы аҕалар туомнары оҥороллоро.
- Менорка арыы — Менорка күнэ. 1287 сыллаахха бу күн Каталония уонна Арагон хоруола Альфонсо III бу иннинэ мусульмааннар баһылаан олорбут арыыларын сэриилээн ылбыт.
Түбэлтэлэр
- Сен-Жермен эдикта олоххо киирэн, Францияҕа гугеноттар бырааптара билиниллибит.
- Соҕуруу эргимтэни быһа охсубут бастакы хараабыл буолбут.
- 1774 — Саха сирин бойобуодатынан Ларион Черемисинов анаммыт. Кини бу солоҕо бэс ыйын 15 күнүгэр диэри сыл аҥаара сулууспалаабыт.
- 1906 — «Сахалар сойуустара» («Союз якутов») (эргэ истиилинэн тохсунньу 4 күнүгэр) диэн түмсүү тэриллибит. Тэрийээччи — Василий Никифоров - Күлүмнүүр.
- 1904 — Москубаҕа МХАТ тыйаатырыгар Антон Чехов пьесатынан «Вишня сада» испиктээкил аан бастаан туруоруллубут.
- 1912 — Британия айанньытын Роберт Скотт бөлөҕө Соҕуруу полюска тиийбит. Онно кинилэртэн биир ый иннинэ Норвегия айанньытын Руаль Амундсен бөлөҕө тиийбит эбит этэ.
- 1915 — Бастакы Аан дойду сэриитин кэмигэр Хапхааска Сарыкамыш аттынааҕы кыргыһыыга Арассыыйа сэриилэрэ Осмаан импиэрийэтин сэриилэрин кыайбыттар.
- 1920 — АХШ Көнүстүүссүйэтигэр 18-с уларытыы күүһүгэр киирбит, дойдуга арыгы атыыта, оҥоруута уонна тиэйиитэ бобуллубут. 1933 сыл ахсынньы 5 күнүгэр бу бобуу көтүрүллүбүтэ.
- 1941 — Франция-Таиланд сэриитэ: Франция Виши бырабыыталыстыбатын сэриилэрэ Таиланд Хоруолун флотун урусхаллаабыттар.
- 1944 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Италияҕа түөрт ыйдаах Монте-Кассино кыргыһыыта саҕаламмыт. Союзниктар Рими ыла сатаабыттар, ол түмүгэр 105 000 киһилэрин сүтэрбиттэр.
- 1945 — 1-кы Белоруссия фронун чаастара уонна Войско польское 1-кы аармыйата Варшаваны босхолообуттар.
- 1946 — ХНТ Куттал суох буолуутун Сүбэтин бастакы мунньаҕа буолбут.
- ХНТ Куттал суох буолуутун Сүбэтэ сэрии сэбин хонтуруоллуур туһунан 79-с резолюцияны ылыммыт.
- Лумумбаны өлөрбүттэр, бу быһылааҥҥа Бельгия уонна АХШ кыттыбыттарын туһунан чахчылар көстүбүттэрэ.
- F-117 сөмүлүөт сэриигэ аан бастаан кыттыыта. Израили сэриигэ кытыннара сатаан Ираак «Скад» диэн 8 ракетаннан Израили ытыалаабыт, Израиль хоруйдаабатах.
- 1992 — Япония премьер-миниистирэ Киити Миядзава дьоппуон аармыйата Иккис аан дойду сэриитин кэмигэр кэриэй дьахталларын кулут быһыытынан туһаммытын иһин Япония буруйдааҕын билиммит уонна кэриэйдэртэн хом санааны туппаттарыгар көрдөспүт.
- 1994 — Күндү таастары уонна метааллары уоран атыылааһыны утары охсуһар Саха сиринээҕи ИДьМ анал салаата тэриллибит.
- 1996 — Чиэхийэ Европа Сойууһугар киирэргэ сайаапка түһэрбит.
- 2003 — СӨ «О родовой, родоплеменной кочевой общине коренных малочисленных народов Севера» сокуона ылыныллыбыт (бу сыл сэтинньи 20 күнүттэн олоххо киирбит, 2007 с. олунньу 14 уларытыллыбыт).
- 2006 — Санкт-Петербурга Эрмитаж тыйаатырыгар «Саха сирин виртуозтара» кырыымпаһыттар бөлөхтөрө кэнсиэртээбит. Бу иннинэ мусукаан оҕолор Судаарыстыбаннай академическай капеллаҕа, ортопедия уонна травматология үнүстүүтүн кырачаан пациеннарыгар, «Зазеркалье» тыйаатырга кэнсиэртээн истээччилэр биһирэбиллэрин ылбыттар.
Төрөөбүттэр
- Бенджамин Франклин — Америка бэлиитигэ, дипломата, учуонайа, айааччыта, суруналыыһа. Сүүс дуоллардаах банкнотаҕа кини мэтириэтэ ойууланар.
- 1837 — Василий Радлов төрөөбүт (өлбүт сыла 1918), востоковед-түркүөлэк, акадьыамык. РАН Азия түмэлин салайаачыта (1894—1918).
- Константин Станиславскай — нуучча сэбиэскэй тыйаатыр диэйэтэлэ, артыыс, режиссёр, педагог, ССРС бастакы норуодунай артыыһа. Кини аатырбыт тыллара — "Не верю!".
- Аль Капоне (Альфонсе Габриэль Капоне) — 1920—1930-с сыллардааҕы Америка маапыйатынЧикаго саамай улахан баандатын бас-көһө.
- 1915 — Иван Березкин — фольклору, кыраайы үөрэтээччи, түмэл үлэһитэ.
- Мухаммед Али (төрүүрүгэр аата Кассиус Марселлус Клей - кыра) — Америка боксуора, Олимпия оонньууларын чөмпүйүөнэ (1960), ыарахан ыйааһыҥҥа аан дойду муҥутуур кыайыылааҕа.
- Кирилл Худогизов — биллиилээх сири олохтооччу.
- Джим Керри — Канада-Америка артыыһа, комига, сэнэрииһэ, продюсера.
- 1965 — Татьяна Иванова — Саха сирин судаарыстыбаннаһа XIX—XX үйэлэргэ атаҕар туруутун чинчийэр учуонай, юридическэй билим дуоктара.
Өлбүттэр
- 1468 — Скандербег — билиҥҥи Албания сиригэр-уотугар үөскүү сылдьыбыт Кастриоти княжество салайааччыта (1443—1468), османнары утары охсуһуу баһылыга, Албания национальнай дьоруойа.
- 1957 — Захар Винокуров (12.03.1922 төр.) — сахаттан биир бастакы композитор. 1962 сыллаахха кини аата Нам улууһун музыкальнай оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
- 2002 — Николай Михайлов — аатырбыт сылгыһыт, Мэҥэдьэк сылгыта туспа боруода буоларыгар кылаатын киллэрбит киһи.
|