Арыгы

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Арыгы (сорохтор аргы дииллэр) — састаабыгар алкоголь (этиил испиирэ) ботуччу соҕус бырыһыана киирэр утахтар уопсай ааттара. Дьон бу бөлөххө уруккуттан тыыннаах испиири, буокканы, брендилары, бальзамнары, ликёрдары, винограадтан оҥоһуллар кыһыл уонна үрүҥ арыгылары, атын фрукталартан уонна отоннортон оҥоһуллар арыгылары, настойкалары, сороҕор пиибэни киллэрэр.

Арыгы сүрүн уратыта — киһи мэйиитин кылгас кэмҥэ туймаардар, тулалыыр эйгэни атыннык көрөр-билэр оҥорор, холуочук уонна итирик диэн туруктарга киллэрэр. Куруук бу утахтары иһэр дьон бастаан мэйии өттүнэн психологическэй тутулукка киириэхтэрин сөп, ол аата, арыгыта суох буоллахтарына туохтара эрэ тиийбэт, олох соччо үөрдүбэт буолар. Онтон улам эт-хаан өттүнэн тутулуктаах буолуохтарын сөп. Ол аата сааныктарыгар этиил испиирэ олохсуйан, наадалаах эттик буолар. Ол тиийбэт түгэнигэр (арыгы испэтэхтэринэ) арыгыһыт сааныктарын химическэй реакциялара уларыйан, организм барыта эмсэҕэлиир, онон арыгыһыттар ыалдьаллар — «баттаталлар». Маннык дьону бу дьаллыктан эмтиир күчүмэҕэй уонна элбэх үбү эрэйэр.