УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Олунньу 14 диэн Григориан халандаарыгар сыл 45-с күнэ. Сыл бүтүө 320 күн (ордук хонуктаах сылга 321 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
- Тапталлаахтар күннэрэ
- Кинигэ бэлэхтэһии дойдулар ардыларынааҕы күнэ
- Аризона Аризона (АХШ) — Судаарыстыбаннас күнэ
- Орегон Орегон (АХШ) — Судаарыстыбаннас күнэ
- Ииндийэ Ииндийэ (сорох сирдэрэ) — Төрөппүттэргэ сүгүрүйүү күнэ (Матру Питру Пуджан Дивас). 2007 сылтан арҕаа култууралар сүүрээннэригэр утары туруу курдук биир куоракка бэлиэтээбиттэрэ, кэлин элбэх штаат иилэ хабан ылан бэлиэтиир буолбута
Түбэлтэлэр
- Валентин Рим былаастарын дьаһалынан өлөрүллэргэ ууруллубут. Кини буруйа диэн ыал буолуо суохтаах саллааттары кистэлэҥинэн бэргэһэлиир эбит.
- Людовик II Ньиэмэс уонна Карл II Тараҕай Страсбургтааҕы андаҕардарын икки тылынан эппиттэр: романныы (эргэ боронсуустуу) уонна ньиэмэстии. Бу күн боронсуус тыла билиниллибит күнүнэн ааҕыллар.
- Ирекекуа (Иречеква) диэн бөдөҥ дойду Киин Миэксикэҕэ бүтэһик тутулуга суох дойду этэ. Аармыйата 100 тыһыынчаҕа тиийэрэ, ол эрээри быһаарыылаах кэмҥэ 1522 сыллаахха сэриилэһэртэн батыммыттара, ыраахтааҕылара өлүөн иннинэ 8 сыл тухары испанецтарга түһээн төлүү олорбуттара.
- Улуу Моҕуоллар Импиэрийэлэрин ыраахтааҕыта буолбут.
- Мапуче омуктар Чиилигэ испанецтары утары өрө туруулара саҕаламмыт.
- Бастакы серб өрө туруутун баһылыга буолбут.
- 1918 — Арассыыйа Григориан халандаарыгар көспүт. Тохсунньу 31 күнүн кэнниттэн олунньу 14 күнэ буолбут.
- Пилсудскай баһылыктаах поляктар Польшаны урукку кыраныыссаларынан сөргүтэр былааннаахтара. Сэрии 1921 сыллаахха кулун тутар 18 күнүгэр Украина уонна Белорусия сирдэрин аҥаардааһынынан түмүктэммитэ.
- 1924 — Былатыан Ойуунускай «Кыһыл ойуун» поэматын бүтэрбит.
- 1939 — Саха сиригэр ойуур хаһаайыстыбатын тэрийии туһунан уурааҕы Саха АССР Норуотун Хамыһаардарын Сэбиэтэ таһаарбыт.
- 1946 — Америкаҕа Пенсильвания университетыгар бастакы электроннай көмпүүтэр ENIAC (Electronic Numerical Integrator and Computer) көрдөрүллүбүт.
- 1956 — ССКП XX сийиэһэ саҕаламмыт. Бу сийиэскэ улахан уларыйыылар торумнаммыттара: Иосиф Сталин алҕастар сараламмыта, социализм капиатизмы кытта эйэлээхтик олоруон сөбө этиллибитэ, дойдулар социализмҥа эгэлгэ суолунан тиийиэхтэрин сөбө этиллибитэ, идеология олохтон арахсара сатамматын уонна догматизм суох буолуохтааҕын туһунан этиллибитэ.
- 2001 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын "Сахалыы таба суруйуу сиэрин туһунан" 83 №-дээх уурааҕа тахсыбыт. Онтон 2015 сыл ахсынньы 22 күнүнээҕи бырабыыталыстыба 501 №-дээх уурааҕынан саҥа таба суруйуу сиэрэ тахсыбыта.
- 2005 — YouTube видеохостинг төрүттэммит.
- 2011 — «Арааб сааһа»: Бахрейнҥа «Уордайыы күнэ» диэн ааттаммыт өрө туруу саҕаламмыт.
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
- 1943 — Давид Гильберт — биллиилээх ниэмэс математига.
- 1995 — Огдуо Аксенова — дулгаан бэйиэтэ, дулгаан литэрэтиирэтин төрүттээччитэ.
- Харлампий Луковцев, суруйааччы, суруналыыс, СӨ үтүөлээх учуутала.
- 2018 — Тарас Десяткин — геолог идэлээх, «Якутзолото» тэрилтэни өр сылларга салайбыт киһи. Социалистыы Үлэ Дьоруойа, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан икки төгүллээх кавалера (1969, 1981), Ленин уордьанын икки төгүллээх кавалера (1971, 1976). Алдан улууһун, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун (1998) уонна Дьокуускай куоратын (2013) Ытык киһитэ.