1943 сыл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1939 1940 1941 1942 — 1943 — 1944 1945 1946 1947
Уоннуу сыллар
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэXXI үйэ

1943 сыл.

Түбэлтэлэр

Тохсунньу

Олунньу

  • Олунньу 2Аан дойду иккис сэриитэ: Сталинград кыргыһыыта түмүктэммит, ньиэмэс бүтэһик чаастара бэриммиттэр.
  • Олунньу 5
    • Гаагаҕа Голландия икки антифашиһа Хендрик Сейффардт диэн коллаборационист генералы өлөрбүттэр.
    • "Олох суола" диэн ааттаммыт Ладога мууһунан барар суол Ленинграды дойдуну кытта ситимнээбит.
  • Олунньу 9Аан дойду иккис сэриитэ: Япония Гуадалканаалтан хаалбыт сэриилэрин таһаарбытын кэннэ сойуустаахтар бу арыыны куттала суох сиринэн биллэрбиттэр. Гуадалканал иһин кыргыһыы түмүктэммит.
  • Олунньу 11 — Иосиф Сталин Сэбиэскэй Сойууска аатам буомбатын оҥоруутун саҕалыыр туһунан быһаарыыга илии баттаабыт.
  • Олунньу 16Харьков куорат ниэмэс сэриилэриттэн босхоломмут. Ол эрэн кулун тутарга ниэмэстэр утары кимэн киирэн Харьковы төттөрү ылбыттара.

Кулун тутар

  • Кулун тутар 5 — Дьокуускайтан Өлүөхүмэҕэ көтөн испит ЛИ-2 (Дуглас) байыаннай тырааныспар сөмүлүөтэ Горнай сиригэр саахалламмыт. 24 саастаах пассажир Николай Терешкин тыыннаах хаалбыт дьону быыһаабыта. Ол саҕана Лиэнискэй хомсомуолун сэкирэтээринэн саҥа талыллан, үлэлиир сиригэр баран испитэ, кэлин сэрии кэнниттэн Дьокуускайы салайа, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талылла сылдьыбыта. Бу саахалга олоҕуран Амма Аччыгыйа "Алдьархай" диэн сэһэнин суруйбута.
  • Кулун тутар 15 — олунньу 17 күнүттэн Гжатскай анныгар буолбут кыргыһыыларга кыттыбыт Ньурба учуутала Александр Чусовской ыараханык бааһырбыт. Үтүөрэн баран сулууспатын салҕаабыта. Кэлин Саха АССР үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччыта (1954—1962) буола сылдьыбыта, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала (1953) ытык ааты ылбыта, 90 сааһыгар диэри олорбута.

Алтынньы

  • Алтынньы 1 — Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Фёдор Попов Глушец диэн дэриэбинэ аттыгар өстөөх уотун аннынан биир бастакыннан Днепр өрүһү туораан тахсыбыт. Өстөөх траншеяларыгар бастакынан ыстанан тиийэн илиинэн охсуһуу кэмигэр пулеметтарын былдьаабыт. Бу охсуһууга 23 ньиэмэс саллаатын уонна эпиһиэрин охторбут. Салгыы уонунан ааҕыллар өстөөхтөр хос атаакаларын төттөрү охсубут. Уотунан өйөөн бэйэтин подразделениета өрүһү туоруурун хааччыйбыт.
  • Алтынньы 13Аан дойду иккис сэриитэ: маршал Пьетро Бадольо Италия Германияҕа сэриини биллэрбитин туһунан эппит.
  • Алтынньы 14
    • Запорожье куорат ньиэмэстэртэн босхоломмут.
    • Собибор концлааҕырга өрө туруу буолбут, хаайыылаахтар харабыллары өлөртөөн баран күрээбиттэр — бу Үһүс рейх лааҕырдарыгар соҕотох ситиһиилээх өрө туруу этэ.
  • Алтынньы 19АХШ-га Рутгерс университетыгар сэллиги (туберкулез) уонна чумааны кыайар антибиотик — стрептомицин — араарыллан ыллыллыбыт.
  • Алтынньы 21Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр дьоппуоннар бас билэр сирдэригэр Сингапурга Көҥүл Ииндийэ быстах кэмнээх бырабыыталыстыбата тэриллибит. Сотору кэминэн онно Ииндийэ Национальнай Аармыйата тэриллибитэ. Дьоппуон импиэрийэтэ Ииндийэни сэриилээн ылбатаҕа эрээри Ииндийэ Национальнай Аармыйатын саллааттара норуот дьоруойдара буолан Ииндийэ Улуу Британияттан босхолоноругар төһүү күүс буолбуттара.

Сэтинньи

Ахсынньы

  • Ахсынньы 1 — Дьокуускайга өстүөкүлэ собуота үлэтин саҕалаабыт. Собуот олохтоох матырыйаалтан графиннары, ыстакааннары, чэриниилэ иһиттэрин, лиитэрлээх кырыыҥкалары таһаарара. Кэлин аналлаах оһох тутуллубутн кэннэ түннүк тааһын оҥорор буолбута. Собуот 50-с сыллар ортолоругар сабыллыбыта.
  • Ахсынньы 4Аан дойду иккис сэриитэ: Югославияҕа утарылаһыы баһылыга маршал Иосип Броз Тито быстах кэм бырабыыталыстыбатын тэрийэр туһунан биллэрбит.
  • Баренц байҕалыгар Нордкап тумул арыы аттыгар ньиэмэс линейнай крейсерэ «Шарнхорст» тимирдиллибит.
  • Калмык АССР-ы суох гыныы туһунан ыйааҕынан калмыыктары Сибииргэ уонна Уһук Илин оройоуннарыгар көһөрүүлэрэ саҕаламмыт. Күүс өттүнэн 91919 калмыыгы депортациялаабыттар.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр