Воронеж уобалаһа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Воронеж уобалаhа

Воронеж уобалаһын былааҕа Воронеж уобалаһын гиэрбэтэ
Воронеж уобалаһын былааҕа Воронеж уобалаһын гиэрбэтэ
Билэ:Map of Russia - Voronezh Oblast (2008-03).svg
Киин куората Воронеж
Иэнэ 52 216 км² км²
Дьонун ахсаана 2 330 377 (2013)
Федеральнай уокуруга Центральнай
Экономическай оройуона Центральнай
Ил тыла Нуучча тыла
Губернатор Алексей Васильевич Гордеев
Уобалас Думатын председателя Владимир Иванович Ключников
Кэм зоната MSK (UTC+3, UTC+4)

Воронеж уобалаhа эбэтэр Воронежскай уобаласАрассыыйа Федерациятын субъега. Россия центральнай федеральнай уокуругар киирэр. 1934 сыл бэс ыйын 13 күнүгэр төрүттэммитэ.

Соҕуруу өттүттэн Липецк уобалаһын уонна Тамбов уобалаһын кытта, соҕуруу-илин өттүттэн Волгоград уобалаһын кытта уонна илин өттүттэн Саратов уобалаһын кытта кыраныысслардаах.


Нэһилиэнньэтэ

Госкомстат ааҕыытынан кыраайга 2 330 377 киһи олорор (2013). Дьон чиҥэтэ 44.63 киһи/км2. Онтон куорат олохтоохторун бырыһыана —66.3 % (2013).

Национальнай састааба

Биэрэпис сыла 1989[1] 2002[2] 2010[3]
Национальностарын ыйбыт дьон ахсаана 2466661 (100 %) 2366946 (100 %) 2224631 (100 %)
Нууччалар 2304620 (93,4 %) 2239524 (94,6 %) 2124587 (95,5 %)
Украинецтар 122622 (5,0 %) 73716 (3,1 %) 43054 (1,9 %)
Эрмээннэр 1865 (0,0 %) 8813 (0,4 %) 10369 (0,5 %)
Цыгааннар 3953 (0,2 %) 4779 (0,2 %) 5153 (0,2 %)
Атын национальностар 33601 (1,4 %) 40114 (1,7 %) 41468 (1,9 %)


Экономика

Уопсай региональнай бородуукта 2004 сыллахха 203 млрд. солк этэ. Киһиэхэ аахтахха Россия субъектарыттан сэттис миэстэ этэ (хас киһи аайы 172,8 тыһ солк) . Структуратынан көрдөххө 16,9% промышленность, атыы-эригэн уонна тутууөттүгэр 21,6%, сибээс уонна транспорга 21,1% уонна тыа хаһаайыстыбататыгар 15,6% ылар эбит, Воронеж экономикатын кылгас характеристиката (нуучч.)

Үлэтэ суох дьон ахсаана 2011 сыллаахха 6,2% эбит, ол эбэтэр 72,8 тыһ. үлэлиир кыахтаах дьон иллэҥ сылдьыбыттар. Воронеж уобалаһа Россия регионнарын тэҥнээтэххэ 35 миэстэни ылан олорбут Уровень безработицы в России

Быһаарыылар