Карачай-Черкесия
| |||||
Билэ:Map of Russia - Karachay-Cherkess Republic (2008-03).svg | |||||
Киинэ | Черкесск | ||||
Иэнэ | 14 300 км² | ||||
Дьонун ахсаана | 434 500 к. (2005) | ||||
Федеральнай уокуруга | Соҕуруу | ||||
Экономическай оройуона | Хоту Хапхаас | ||||
Ил тыла | абазин, карачай, ногай, черкес | ||||
Президент | Борис Эбзеев | ||||
Дьаhалта салайааччыта | Владимир Кайшев | ||||
Кэм зоната | MSK (UTC+3, UTC+4) |
Карачай-Черкес Өрөспүүбүлүкэтэ (Кабарда-Черкестыы: Къэрэшей-Шэрджэс Республикэ; Карачай-Балкардыы: Къарачай-Черкес Республика) диэн субъега. Киин куората Черкесск.
Тохсунньу 12 1922 тэриллибитэ.
Географията
- Иэнэ: 14,100 км2
- Кыраньыыссалара:
- ис: Краснодар кыраайа (Х/ХИ/И), Кабардино-Балкария (И/СИ), Ставрополь кыраайа (А/ХА).
- тас: Грузия (С/СА).
- Үрдүкү сирэ: Эльбрус хайа (5,642 м)
Өрүстэр
Республика сиригэр 172 өрүс баар. Сүрүн өрүстэрэ:
- Аксаут
- Большая Лаба
- Большой Зеленчук
- Даут
- Кубань
- Кума
- Кьяфар
- Малый Зеленчук
- Маруха
- Подкумок
- Теберда
- Уруп
Күөллэр
Республикаҕа 130 кэриҥэ күөл баар.
Хайалар
Республика сирин улахан өттө хайалаах (сирин ~80%). Эльбрус, Кабардино-Балкария кыраньыыссатыгар баар.
Сир баайдара
Карачай-Черкесия сирин баайдара: кыһыл көмүс, чох, туой уо.д.а.
Климата
- Тохсунньу орто температурата: -3.2 °C
- От ыйын орто температурата: +20.6 °C
- Сыллааҕы сөҥүү орто таhыма: 550 мм (сыhыыларга), 2500 (хайаларга)
Дьоно уонна омуктара
Карачай-Черкесия элбэх омуктардаах республика: кини сиригэр 80 тахса омук олорор. Дьонун бүтүн ахсаана 434,5 тыh. к. (2005). Дьон чиҥэ — 30,8 к./км² (2005), куорат олохтоохторо — 44,1 % (2005).
Омук | Ахсаана 2002, тыh. киhи (*) |
---|---|
Карачайдар | 169,2 (38,5 %) |
Нууччалар | 145,4 (33,5 %) |
Адыгтар (Черкестар) | 49,6 (11,3 %) |
Абазиннар | 32,3 (7,4 %) |
Ногайдар | 14,9 (3,4 %) |
Осетиннар | 3,3 |
Украиннар | 3,3 |
Эрмээннэр | 3,2 |
Казактар | 2,5 (0,6 %) |
Татаардар | 2,0 |
Чеченнар | 1,8 |
Гректар | 1,3 |
Азербайдьаннар | 1,0 |
Олохтоох пууннар
5 тыh. тахса олохтоохтордоох пууннар Тохсунньу 1 2008 туругунан | ||||||||||||||||||||||||||||
|
Администрациянан араарыыта
Республика 10 муниципальнай оройуоҥҥа арахсар, олорго 144 олохтоох пуун баар, олортон — 4 куорат: Черкесск, Карачаевск, Усть-Джегута уонна Теберда.
Оройуон | Дьон ахсаана, к. Тохсунньу 1 2007 |
---|---|
Абазин оройуона | 13 835 |
Адыг-Хабльскай оройуона | 26 223 |
Зеленчук оройуона | 50 493 |
Карачай оройуона | 24 693 |
Малокарачаевскай оройуона | 39 787 |
Ногай оройуона | ??? |
Прикубанскай оройуона | 27 654 |
Уруп оройуона | 17 858 |
Усть-Джегута оройуона | 48 927 |
Хабез оройуона | 28 118 |
Экономиката
Индустрия күүстэрэ үксэ республика киин куоратыгар Черкесскайга бааллар. Сайдыылаах салаалара химия, мас уонна ас оҥоруулара.