2005

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
2001 2002 2003 2004 — 2005 — 2006 2007 2008 2009
Уоннуу сыллар
1970-с 1980-с 1990-с — 2000-с — 2010-с 2020-с 2030-с
Үйэлэр
XX үйэ — XXI үйэ — XXII үйэ

2005 сыл.

Туох буолбута

Тохсунньу

  • Тохсунньу 14 — «Гюйгенс» диэн Европа космоска агентствотын зонда Сатурн аргыһыгар Титаҥҥа сымнаҕастык түспүт. Бүгүҥҥү (2021 сыл) туругунан бу Тас Күн систиэмэтигэр соҕотох сымнаҕас түһүү.

Олунньу

Кулун тутар

Бэс ыйа

  • бэс ыйын 14 — Аан дойдуга Донор күнэ аан бастаан бэлиэтэммит. 2005 сыллаахха Доруобуйа харыстабылын Аан дойдутааҕы Ассамблеята хас сыл аайы бэс ыйын 14 күнүгэр хаан туттарааччылар күннэрин бэлиэтииргэ уураахтаабыта.

Алтынньы

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын уонна педагогика уопсастыбаннаһын XI сийиэһэ аһыллыбыт.
  • Алтынньы 8Пакистаҥҥа Азад Кашмир эрэгийиэнигэр 7.6 магнитудалаах сир хамсааһына буолбут. 100 тыһыынчаҕа тиийэ киһи өлбүт, 69 000–75 266 киһи бааһырбыт, 4 мөлүйүөн киһи дьиэтэ-уота суох хаалбыт.
  • Алтынньы 12Ил Түмэн уурааҕынан Өлөөн улууһа эбэҥки национальнай улууһун стаатуһун ылбыт.
  • Алтынньы 20 — СӨ бырабыыталыстыбатын 562№ уурааҕынан «СӨ тырааныспарын комплекса 2005—2010 сылларга сайдыыта уонна 2015 сылга дылы сүрүн туһаайыылара» диэн судаарыстыбаннай тустаах бырагыраама ылыныллыбыт.
  • Алтынньы 23 — Кэрээк автономиялаах уокуруга уонна Камчаатка уобалаһа холбоһоллорун туһунан референдум буолбут. Корякия дьоно үгүстэрэ төһө да сөбүлээбэтэллэр, куоластаабыт дьон баһыйар өттө холбоһуу диэки буолбут. Инньэ гынан 2007 сыл от ыйын 1 күнүгэр Камчатка кыраайа диэн саҥа эрэгийиэн үөскээбитэ.

Сэтинньи

Ахсынньы

  • Пермь уобалаһа уонна Коми-Пермяк автономиялаах уокуруга холбоһон Пермь кыраайа буолбуттар.
  • Ахсынньы 2 — «О защите государственной собственности в алмазно-бриллиантовом комплексе Республики Саха (Якутия)» диэн боротокуолга илии баттаммыт. Бу дөкүмүөҥҥэ АЛРОСАны федерализциялааһын механизма бигэргэтиллибит. Боротокуол чэрчитинэн федеральнай киин АЛРОСА хампаанньа 50% +1 акциятын бас билбитэ. Кэлин 2013 сыллаахха Росимущество уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ аахсыйаларын 7-лии бырыһыанын кэтэх бас билиигэ атыылаабыттара.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр