Алтынньы 12

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алтынньы 12 диэн Григориан халандаарыгар сыл 285-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 286-c күнэ). Сыл бүтүө 80 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • ХНТFlag of the United Nations.svg ХНТИспаан тылын күнэ
  • Көҥүл санаа күнэ — "Салем удаҕаттарын" буруйга тардан, 1692-1693 сылларга буолбут сууттар тохтообут күннэригэр бэлиэтэнэр (200-тэн тахса киһи буруйдаммыта, 14 дьахтары уонна 5 эр киһини ыйаан өлөрбүттэрэ, аҕыйаҕа 3 киһи хаайыыга өлбүттэрэ). Маассабай истиэрикэ түмүгэр аһара кырыктаах сууттар буолбуттарыттан ытырыктатан дьон санаата уларыйбыта, ону өйдөөн Массачусетс былаастара сууттары тохтоппуттара, буруйга тардыллыбыттары босхолообуттара
  • Ааптар быраабын көмүскүүр ньыматыктары (технологиялары, кылгатан ааҥл. DRM) утарар аан дойдутааҕы күн. Элбэх дойдуларга ылыныллыбыт ааптар быраабын сокуоннара дьон быраабын кэһэллэр, DRM сайдыыны уонна күрэстэһиини хааччахтыыр диэн санааттан, манна болҕомто тардаары бэлиэтэнэр
  • Американы арыйыы күнэ, ону Америка дойдулара уонна Испания тус-туспа ааттаан бэлиэтииллэр:
    • АргентинаFlag of Argentina.svg Аргентина — Култууралар уратыларыгар ытыктабыл күнэ (Día del Respeto a la Diversidad Cultural)
    • БагаамаларFlag of the Bahamas.svg Багаамалар — Национальнай дьоруойдар күннэрэ эбэтэр Американы арыйыы күнэ
    • БелизFlag of Belize.svg Белиз, ПеруFlag of Peru (state).svg Перу, УругвайFlag of Uruguay.svg Уругвай — Америка күнэ (Día de las Américas)
    • БоливияFlag of Bolivia (state).svg Боливия, МиэксикэFlag of Mexico.svg Миэксикэ, ЧиилиFlag of Chile.svg Чиили — Американы арыйыы күнэ
    • ВенесуэлаFlag of Venezuela (state).svg Венесуэла — Олохтоох омуктар утарылаһыыларын күнэ (Día de la Resistencia Indígena)
    • ГуатемалаFlag of Guatemala.svg Гуатемала, ГондурасFlag of Honduras (1949–2022).svg Гондурас, Эл СалвадорFlag of El Salvador.svg Эл Салвадор, КолумбияFlag of Colombia.svg Колумбия — Раса күнэ (Día de la Raza) эбэтэр Испанидад күнэ
    • ИспанияFlag of Spain.svg Испания — Испания наассыйатын күнэ (Día de la Hispanidad эбэтэр Fiesta Nacional de España)
    • Коста РикаFlag of Costa Rica (state).svg Коста Рика — Култууралар көрсүһүүлэрин күнэ (Día de las Culturas)
    • АХШFlag of the United States.svg АХШКолумб күнэ
  • БразилияFlag of Brazil.svg Бразилия — Оҕо күнэ
  • ИспанияFlag of Spain.svg Испания — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
  • Экватор ГвинеятаFlag of Equatorial Guinea.svg Экватор Гвинеята — Тутулуга суох буолуу күнэ (Испанияттан, 1968)

Түбэлтэлэр

  • Б.э.и. 539Персия ыраахтааҕыта Улуу Кир Вавилону сэриилээн ылбыт. Вавилон импиэрийэтэ сууллубут.
  • 1492Христофор Колумб бастакы эспэдииссийэтэ Багама арыыларыттан биирдэстэригэр Сан-Сальвадорга тиийбит. Түүн икки чааска матрос Родриго де Триана «Пинта» каравеллаттан сири көрбүт. Бу түгэн "Американы арыйыы" официальнай дататынан ааҕыллар.
  • 1884Аргентинаҕа Уоттаах Сир арыытыгар аан дойду саамай соҕурууҥҥу куората Ушуая олохтоммут.
  • 1924Молдавия өрөспүүбүлүкэтэ Украина иһинэн автономиялаах өрөспүүбүлкэ быһыытынан тэриллибит.
  • 1928 — Саха АССР Совнаркома "Дьокуускайга тирии собуотун тутар туһунан" уураах ылыммыт.
  • 1928 — Бостоннааҕы оҕо балыыһатыгар аан бастаан "тимир тыҥа" туттуллубут: бэйэлэрэ сатаан тыыммат дьону тыыннарар аппараат. Киһини моонньугар тиийэ тимир капсулаҕа угаллара уонн ол капсула иһигэр салгын баттааһынын уларыталлара. Бу аппараат сүнньүнэн полиомиелитаабыт оҕолорго туттуллар этэ, кэлин полиомиелит суох буолбутун кэннэ туттуллубат буолбута.
  • 1931Бразилияҕа Рио-де-Жанейро куоратын символа буолбут Христос Толуйааччы статуята аһыллыбыт.
  • П. И. Чайковскай аатынан кэнсиэртиир саала аһыллыбыт.
  • Ту-104 сөмүлүөт пассажирдаах бастакы көтүүтэ "Москуба — Прага" рейсигэр буолбут.
  • 1960 — ССРС баһылыга Никита Хрущев ХНТ-га аатырбыт тыл этиитэ. Филипиин этиитин утары саҥара туран, уутугар-хаарыгар киирэн, бачыыҥкатын устан остуолу тоҥсуйбут.
  • СӨ Кэлэр көлүөнэлэрин аналлаах пуондатын олохтообут.
  • 1999Абхазия, уруккута автономиялаах өрөспүүбүлкэ, Грузияттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
  • 1999 — Аан дойду дьонун ахсаана 6 миллиардка тиийбит, 12 сыл иһигэр биир миллиард киһи эбиллибит. Билиҥҥи туругунан Сиргэ дьон ахсаанын элбиир тэтимэ аччаан иһэр.
  • 2005Ил Түмэн уурааҕынан Өлөөн улууһа эбэҥки национальнай улууһун стаатуһун ылбыт.
  • 2011Хабаровскайга аан бастаан Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын гастроллара саҕаламмыт. "Кыһыл ойууну" көрдөрбүттэр.
  • 2017АХШ ЮНЕСКО-ттан тахсарын туһунан биллэрбит, кини кэнниттэн тута ол туһунан Израиль биллэрбит.

Төрөөбүттэр

  • 1350 — Дмитрий Донской — Москуба кинээһэ (1359 сылтан), Владимир улуу кинээһэ (1363 сылтан). Куликово кыргыһыытыгар кыайыытын иһин Донской диэн ааттаммыт.
  • 1895Михаил Винокуров (1983 өлб.) — АХШ-ка саамай бөдөҥ нуучча архыыбын (Конгресс бибилэтиэкэтигэр) хомуйбут Саха сириттэн төрүттээх киһи.
  • 1959 — Тамара Захарова — Саха сирин бибилэтиэкэлэрин устуоруйатын чинчийэр устуоруйа билимин хандьыдаата.
  • 1963 — Инна Спиридонова — Саха сирин омуктарын сыһыаннаһыыларын чинчийэр социология билимин хандьыдаата.
  • 1963Сатоси Кон — анимацияҕа үлэлээбит дьоппуон режиссера.

Өлбүттэр

  • 1998 — Александр Самсонов - Айыы Уола (07.01.1978 төр.) — саха эстрадатын ырыаһыта, ырыа айааччыта, мелодиһа. Хаҥалас улууһугар сыл аайы кини аатынан оҕолорго уонна ыччакка аналлаах ырыа күрэҕэ буолар. 2013 с. «Айыы Уола» диэн ааттаах Айыы Уолун кылгас, чаҕылхай олоҕор, айымньыларыгар олоҕуран, Мария Находкина сценарийынан уус-уран киинэ уһуллубута.