Тохсунньу 2

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тохсунньу 2 диэн Григориан халандаарыгар сыл 2-с күнэ. Сыл бүтүө 363 күн (ордук хонуктаах сылга 364 күн) баар.

Бэлиэ күннэр

  • Саҥа Дьыл иккис күнэ (Арассыыйаҕа, Казахстааҥҥа, Хотугу Македонияҕа, Науруга, Черногорияҕа, Саҥа Зеландияҕа, Румынияҕа, Словенияҕа, Швейцарияҕа, Украинаҕа өрөбүл).
  • Билим фантастикатын күнэ.
  • ГаитиFlag of Haiti.svg Гаити — өбүгэлэр күнэ.
  • ШвейцарияБертольд күнэ.
  • Сент-Китс уонна НевисFlag of Saint Kitts and Nevis.svg Сент-Китс уонна Невис — карнавал күнэ.
  • КолумбияFlag of Colombia.svg Колумбия — карнавал бастакы күнэ (соҕуруу Колумбия).

Түбэлтэлэр

  • 1570Уордаах Уйбаан опричниктара Новгород куоракка погром саҕалаабыттар.
  • 1703 — Арассыыйа бастакы бэчээттэнэр хаһыата «Ведомости» күн сирин көрбүт.
  • 1757Британия Калькутта куораты (Ииндийэ) сэриилээн ылбыт.
  • Михаил Кутузов бэйэтин сэриилэрин французтары дойду кыраныыссатыттан үүрбүттэринэн эҕэрдэлээбит.
  • 1900 — Чикаго ханаала аһыллыбыт. Бу ханаал хараабыллар Улуу күөллэр уонна Миссисипи өрүс ыккардыларыгар устууларын хааччыйбыта уонна санитарнай суолталааҕа: ханаал тутуллуон иннинэ Чикаго куорат канализациятын уута Мичиган күөлгэ түһэрэ.
  • 1905
    • Арассыыйа-Дьоппуон сэриитин кэмигэр Порт-Артур гарнизона куораты дьоппуоннарга туран биэрбит.
    • Порт-Артур тас рейдэтигэр «Севастополь» броненосец тимирдиллибит.
  • Нуучча ботаникаҕа уопсастыбата тэриллибит[1].
  • 1919
    • Вильнюска Польша легионердара былааһы ылбыттар.
    • Ригаҕа оробуочайдар өрө турбуттар.
  • 1942 — Иккис аан дойду сэриитэ: Дьоппуон сэбилэниилээх күүстэрэ Филиппиин киин куоратын Маниланы сэриилээн ылбыттар.
  • Кавказка ньиэмэстэр чугуйуулара саҕаламмыт.
  • 1947Сахалин уобалаһа тэриллибит. Саҥа уобалас сорҕото дьоппуоннартан төннөрүллүбүтэ, онтон сорҕото Хабаровскай кыраайтан таһаарыллыбыта.
  • 1951Дьокуускайга -60C кыраадыс буолбут.
  • 1967Рональд Рейган, уруккута киинэ артыыһа уонна кэлин АХШ бэрэсидьиэнэ буолбут киһи, Калифорния күбүрүнээтэрин бирисээгэтин биэрбит.
  • 1992Арассыыйаҕа табаар сыаната босхо ыытыллыбыт (либерализация цен). Бу дойду экэниэмикэтин төрдүттэн уларыта тутуу (радикальнай реформа) саҕаланыыта этэ.
  • 2020Нидерланды "Голландия" диэн аат официальнай туттуллуутун тохтоппут.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр


  1. Шерих Д. Ю. «Городской месяцеслов. 1000 дат из прошлого Санкт-Петербурга, Петрограда, Ленинграда.» К 290-летию Санкт-Петербурга. Издательство «Петербург — XXI век». 224 с., тираж 30000 экз. ISBN 5-85490-036-X