Ыам ыйын 21

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыам ыйын 21 диэн Григориан халандаарыгар сыл 141-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 142-c күнэ). Сыл бүтүө 224 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Саха халандаарынан саас бүтэһик күнэ. Сарсыҥҥыттан сайын саҕаланар
  • Саха ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of Sakha.svg Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Ырыа күнэ. 2022 сылтан бэлиэтэнэр
  • ХНТFlag of the United Nations.svg ХНТ — Аан дойдуга Култуура эгэлгэтин күнэ. 2003 сыллаахтан бэлиэтэнэр.
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ырыа Күнэ. Мелодист Алексей Калининскай-Луҥха көҕүлээһининэн 2013 сылтан бэттэх киэҥник бэлиэтэнэр
  • ГрецияПировассия (уотунан хаамыы) [1]
  • ИиндийэРаджив Ганди кэриэһигэр)
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа:
    • Байыаннай тылбаасчыт күнэ[2];
    • Үлэтэ суох буолууттан көмүскэнии күнэ [3];
    • Тихоокеанскай байыаннай флот күнэ;
    • Хапхаас сэриитин сиэртибэлэрин ахтар күн;
    • Полярник күнэ[4];
  • ЧерногорияFlag of Montenegro.svg Черногория — Тутулуга суох буолуу референдумун күнэ (референдум түмүгүнэн 2006 сыл бэс ыйын 3 күнүгэр биллэриллибитэ)
  • ЧиилиFlag of Chile.svg Чиили — Байыаннай байҕал флотун күнэ
  • БолгарияПредой [5].
  • КазахстаанFlag of Kazakhstan.svg Казахстаан - Култуура уонна ускуустуба үлэһитин күнэ [6]


Түбэлтэлэр

  • 878 — Ифрикия мусульмааннара Сицилия арыы оччотооҕу бөдөҥ куоратын Сиракузу 9 ый төгүрүктээн олорон баран ылбыттар. Бу Ибрагим I ибн аль-Аглаб диэн Ифрикия эмиирэ уонна кини сыдьааннара (Аглабидтэр) Хотугу Африканы, Италия соҕуруу өттүн, Сицилияны биир үйэттэн ордук кэмҥэ баһылаан олорбуттара.
  • 1660 — биэс хонуктаах Лонг-Солт аттынааҕы кыргыһыыга ирокезтар француз холуонньатын ополчениетын (уонна кинилэр диэкки сэриилэспит гуроннары уонна алгонкиннары) кыайбыттар.
  • 1712Бүөтүр I Арассыыйа киин куоратын Москубаттан Санкт-Петербурга көһөрбүт.
  • 1731Чуумпу далайга тахсар кытылы уонна арыылары харабыллыырга анаан Охуоскайга Сибиир байыаннай флотилията олохтоммут.
  • Британия Импиэрийэтэ Саҥа Зеландияны бэйэтин холуонньатынан биллэрбит.
  • 1864Арассыыйа Кавказ сэриитин бүппүтүнэн биллэрбит. Бу кэннэ элбэх чэркиэс (бэйэлэрин тылларынан адыыгтар) дойдуларыттан Осмаан Импиэрийэтигэр үүрүллүбүттэрэ.
  • Париж коммунатыгар кимэн киирбиттэр. Биир нэдиэлэ тухары буолбут кыргыһыыга 20 000 кэриҥэ коммунар өлбүтэ, 38 000 хаайыллыбыта.
  • 1904Парижка ФИФА тэриллибит — Дойдулар ыккардыларынааҕы футбол федерацията.
  • 1922Киллэмнээҕи кыргыһыы буолбут, үрүҥнэр кыайтарбыттар.
  • Үөһээ Дьааҥы сиһэ, 1800—2000 м.) А-20-Ж «Бостон» орто бомбардировщик саахалламмыт. Маршрута: Сэйимчээн-Дьокуускай (1200 км). Сөмүлүөт кырадаһыннара уонна өлүктэр 1980 с. сааһыгар эрэ көстүбүттэрэ. Штурман кэлин Тополинай бөһүөлэккэ көмүллүбүтэ. Саахаланныы төрүөтэ: салгыннара тиийбэккэ сөмүлүөт тыраассаттан туора тахсыбыт уонна хайаҕа сааллыбыт. 2005 с. атырдьах ыйыгар «Вечная память» диэн Саха сирин көрдүүр экспедицията хайа тэллэҕэр өйдөбүнньүк туруорбута.
  • БАМ тутуутугар аттаммыт. Хамыһаарынан Покровскайтан төрүттээх Гавриил Адамов барбыт.
  • 2008 — Дьокуускайга култуура эгэлгэтин күнэ киэҥник бэлиэтэммит. Саха тыйаатырыгар үөрүлээх тэрээһин ыытыллыбыт. Бастакы түһүмэҕэ Олоҥхоҕо анаммыт, 4 тыйаатыр олоҥхоттон быһа тардыылары көрдөрбүттэр, иккис түһүмэх Саха сирин устуоруйатыгар анаммыт, манна сахалар, аҕыйах ахсааннаах омуктар, былыргыттан олорор нууччалар култууралара көрдөрүллүбүт. Үһүс түһүмэххэ ЮНЕСКО Саха сиригэр үлэтин көрдөрүү буолбут.

Төрөөбүттэр

  • Альбрехт Дюрер (1528 өлб.), Барҕарыы кэминээҕи ньиэмэс графига.
  • 1945 — Булуҥ улууһун Булуҥ нэһилиэгэр Күһүүргэ Зоя Башарина, саха литэрэтиирэтин чинчийээччи, филология билимин дуоктара.
  • 1971 — Андриан Борисов — сахалары омук быһыытынан чинчийэр устуоруйа билимин дуоктара.

Өлбүттэр

  • 1942 — Александр Габышев, 1934—1938 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлэ, үс сылтан ордук хаайыыга сытан баран хат сууттанан ытыллыбыт.