Сэтинньи 12

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэтинньи 12 диэн Григориан халандаарыгар сыл 316-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 317-c күнэ). Сыл бүтүө 49 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа — Сбербаан күнэ. Бу күн (уруккунан алтынньы 30) 1841 сыллаахха Николай I Арассыыйа импиэрийэтигэр мунньар каассалары арыйар туһунан ыйаах таһаарбыт[1]

Түбэлтэлэр

  • хлороформу анестетик (ыарыыны уталытар эмп) быһыытынан туттууну дьоҥҥо аан бастаан Эдинбург университетыгар Джеймс Симпсон көрдөрбүт.
  • 1888Франция Лилль куоратыгар бэчээт үлэһиттэрин бырааһынньыгар «Интернационал» диэн кэлин аатырбыт ырыаны аан бастаан ыллаабыттар.
  • 1927Троцкай уонна Зиновьев ВКП(б) кэккэтиттэн уһуллубуттар.
  • 1933Германия Түмэнигэр быыбар түмүгэр 92% куолаһы нацистар баартыйалара ылбыт.
  • Вячеслав Молотов Берлииҥҥэ тиийбит. Икки хонук устата сүнньүнэн Риббентроптуун кэпсэппит уонна иккитэ Гитлердыын көрсүбүт. Британияны утары сэрии туһунан, Туурсуйаны кытта биир тылы булууну, Финляндия, Бессарабия, Болгария, Ираан дьылҕаларын ырыппыттар. Сэбиэскэй Сойуус үс дойду (Германия, Япония, Италия) холбоһугар киирэрин туһунан кэпсэтэ сатаабыттар да, Финляндияны уонна Буковинаны былдьаһан биир тылга киирсибэтэхтэр.
  • 1941Аан дойду иккис сэриитэ: Москуба аттыгар ол сыл аан бастаан тымныйыы буолбут (−12° C), сылаас таҥаһа суох ньиэмэстэри утары Кыһыл аармыйа хайыһардаах чаастарын бырахпыттар.
  • 1941 — Аан дойду иккис сэриитэ: сэбиэскэй «Червона Украина» кириэйсэр Севастополь иһин кыргыһыы кэмигэр тимирбит.
  • 1942 — Аан дойду иккис сэриитэ: Гуадалканал иһин үс хонуктаах байҕал кыргыһыыта АХШ уонна Дьоппуон сэриилэрин ыккардыгар саҕаламмыт. Дьоппуоннар кыайтарбыттар.
  • 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ: Британия салгын сэбилэниилээх күүстэрэ 29 "Авро Ланкастер" (Avro Lancaster) бомбардировщигы ыытан, "Тирпиц" (Tirpitz) диэн ньиэмэс сүүнэ линкорун Тромсё (Норвегия) аттыгар тимирдибиттэр.
  • 1948Токиоҕа дойдулар ардыларынааҕы байыаннай түрүбүнээл сэттэ дьоппуон салайааччытын (ол иһигэр Хидеки Тодзё диэн генераалы) Иккис аан дойду сэриитигэр оҥорбут буруйдарын иһин өлөрөргө уурбут.
  • ССКП КК генеральнай сэкирэтээринэн өр сылларга КГБ-ны салайбыт Юрий Андропов буолбут. Сорох устуоруктар этэллэринэн, кыахтаах уонна өйдөөх салайааччы буолан, "улугуран" олорор дойдуга дириҥ уларытыылары саҕалаабыта, ол эрээри сылтан эрэ ордук буолан баран 1984 сыл олунньу 9 күнүгэр өлөн хаалбыта.
  • 1988 — Ырыаһыт Ольга Иванова-Сидоркевич Киин тэлэбиидэнньэ экрааныттан бүтүн Сэбиэскэй Сойуус дьонун Амма өрүһүн быыһыырга көмөлөһөллөрүгэр ыҥырбыт.
  • 1990 — Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума Дьокуускайдааҕы бибилитиэкэҕэ «национальнай» стаатус иҥэрбит.
  • 1990Тим Бернерс-Ли Аан ситими тэрийэр туһунан этиитин бэчээттээбит.
  • 2003Кытайга Shanghai Transrapid диэн магнитка дайар (маглев) пассажир пуойаһа аан дойду түргэн рекордун олохтообут — 501 км/час (311 миля/час).
  • Валерий Чкалов бүүһүн туруорбуттар. Чкалов манна 1936 сыл балаҕан ыйыгар Георгий Байдуковтуун, штурман Александр Беляковтуун АНТ-25 сөмүлүлүөтүнэн кэлэн ааспыттара. Маршруттара: Игарка — Амуур өрүс төрдүгэр баар Удд арыы (билигин Чкалов арыыта).
  • 2014 — Европатааҕы Космос Агентствотын Фила диэн түһэриллэр аппарата Розетта зондтан арахсан 67P / Чурюмов-Герасименко кометатыгар ситиһиилээхтик олорбут. Бу түгэн аан дойду устуоруйатыга бастакытын киһи оҥорбут аппарата комета ньууругар үктэниитинэн буолар.

Төрөөбүттэр

  • Сунь Ятсен (1925 өлб.), — Гоминьдан баартыйатын төрүттээччитэ, Кытайга саамай ытыктанар бэлиитикэ диэйэтэллэриттэн биирдэстэрэ.
  • 1944 — Люция Нестерова — бэйиэт, олоҥхону, фольклору чинчийэр литературовед, филология билимин хандьыдаата.
  • Георгий Родионов — муосчут, ювелир, СӨ норуодунай худуоһунньуга, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, педагогика билимин хандьыдаата.
  • 1947 — Егор Шишигин — биллиилээх учуонай, кыраайы үөрэтээччи, устуоруйа билимин хандьыдаата, 1976-1992 сылларга уонна 2003 сылтан ыла Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ.
  • 1950Изабелла Николаева — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа.
  • 1981 — Наталья Сивцева — Өксөкүлээх Өлөксөй үлэтин уонна саха тылын сиинтэксиһин чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.

Өлбүттэр

Быһаарыылар