Николаева Изабелла Васильевна
Николаева Изабелла Васильевна (төр. 1950 сыл сэтинньи 12 күнэ, Ньурба, Саха АССР) — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
Олоҕун олуктара
1950 сыллаахха сэтинньи 12 күнүгэр Ньурба оройуонун Ньурба бөһүөлэгэр төрөөбүт.
1974 сыллаахха М. С. Щепкин аатынан Үрдүкү Москватааҕы театральнай училище саха студиятын драма тыйаатырын уонна киинэ артыыһын идэтигэр үөрэнэн бүтэрбит[1].
1974 сылтан П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр артыыһа[1].
Айар үлэтэ
Тыйаатырга оонньуур сүрүн оруоллара
- Дуняша («Тихий Дон», М. Шолохов романынан);
- Мадина, Замзагуль («Пеший Махмуд», М. Карим);
- Агафья Тихоновна («Женитьба», Н. Гоголь);
- Марена («Бэмби», Зальтен);
- Поэт кэргэнэ («Алампа, Алампа», Н. Лугинов);
- Зербинетта («Плутни Скапена», Ж. Б. Мольер);
- Агафья («Олох дьэбэрэтэ», А. Софронов);
- Марина («Кукаакы кулуба», Н. Неустроев);
- Софья («Наара Суох», И. Гоголев);
- Сабыйа Баай Хотун (олоҥхо «Кыыс Дэбилийэ»);
- Мария («Эргиллиэм хайаан да…», В. Васильев — Харысхал);
- Кормилица («Ромео уонна Джульетта», В. Шекспир);
- Агнустиас («Иччитэх дьиэ», Г. Лорка);
- Анфиса («Женитьба Бальзаминова»);
- Мамаева («Сатабыллаах саһыл саҕалаах», А. Островскай)[2].
Киинэҕэ оонньообут оруоллара
- «Залив счастья» (Свердловскай киностудията);
- «Дыши глубже», реж. С. Потапов;
- «Кэскил», реж. Р. Дорофеев;
- «Ыаллыылар», реж. А. Кириллин;
- «Кэрэл», реж. В. Макаров;
- «Уол оҕото» реж. В. Мункуев;
- «Кончится лето» — тетя Марина оруола[3].
Дьиэ кэргэнэ
Кэргэнэ — Николаев Анатолий Павлович, артыыс[4].
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха сирин комсомолун бириэмийэтин лауреата («Сыл бастыҥ дебюта», Манчаары спектакльга Фекла оруолун иһин) (1986)[1];
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа (2002)[1];
- Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх артыыһа (2005)[1];
- «Желанный берег» тыйаатыр бэстибээлин лауреата («Дьахталларга бастыҥ оруол» номинацияҕа)[1];
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.