Лев Троцкай

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Тройкай Лев Давидович

Лев Давидович Троцкай (идиш тылынан: לייב דאַווידאָוויטש טראָצקי) (дьиҥнээх араспаанньата Бронштейн) - аан дойду коммунистическай революционнай хамсааһынан диэйэтэлэ, марксист, марксизм биир салаатын саҕалааччыта (троцкизм). 1879 сыл сэтинньи 7 күнүгэр төрөөбүтэ. Өктөөп өрөболүүссүйэтин тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, Кыһыл Аармыйаны тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ. Коминтерн олохтооччулартан уонна кини идеологтарыттан биирдэстэрэ. Бастакы сэбиэскэй бырабыыталыстыба тас дьыалаҕа наркома, 1918—1925 — байыннай уонна муора дьыалаларын наркома, РСФСР онтон ССРС реввоенсоветын бэрэстээтэлэ. 1923 сг. — партия иһинээҕи хаҥас оппозиция салайааччыта. 1919—1926 сс. ВКП(б) политбюротун чилиэнэ. 1927 с. туох баар постарыттан уһуллан көскө ыытыллыбыт. 1929 с. ССРС таһыгар таһаарыллыбыт. 1938 с. Төрдүс интернационалы тэрийбит. Арассыыйаҕа өрөбөлүүссүйэ буолбутун туһунан үлэлэр ааптардара, «Моя жизнь» диэн кинигэ ааптара (Берлин, 1930). Мексикаҕа олордоҕуна НКВД агена Рамон Меркадер 1940 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр өлөрбүт.


Сигэлэр

Троцкай үлэлэрэ

Троцкай туһунан