УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Тохсунньу 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 28-с күнэ. Сыл бүтүө 337 күн (ордук хонуктаах сылга 338 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
- Күрүөлэнии күнэ (ааҥл. Data Privacy Day). Дьон уонна тэрилтэлэр бэйэлэрин тус информацияларын туора дьонтон харыстыыр буолалларыгар болҕомто тардаары бэлиэтэнэр. Харыстааһын көмүскүүртэн арыый атын. Көмүскүүр диэн ол аата, холобур, уоруйах киирбэтин диэн түннүккэ тимир эрэһиэккэ туруоруу, оттон харыстыыр диэн, туора харахтан харыстанаары, дьиэ иһигэр туох буола турарын көрдөрүмээри түннүк сабыытын сабыы. Ол аата көмпүүтэргэ харалла сытар дааннайбытын биһиги "бу миэнэ, туора киһи көҥүлэ суох көрүө суохтаах" диибит.
- Армения Армения — Аармыйа күнэ
Түбэлтэлэр
- Ытык Рим импиэрийэтин (Франктар импиэрийэлэрин) бастакы импэрээтэрэ. Бүрүстүөлгэ кини уола Людовик Благочестивай олорбут.
- 1724 — Санкт-Петербурга Арассыыйа Билимин акадьыамыйатын тэрийэр туһунан Бүөтүр I ыйаах таһаарбыт.
- 1820 — Фаддей Беллинсгаузен уонна Михаил Лазарев салайыылаах Арассыыйа аан дойдуну эргийэр эспэдииссийэтэ Антарктиданы арыйбыт.
- Пруссия сэриитигэр Париж осадата тупсуунан түмүктэммит. Сэриини Пруссия уонна кини ньиэмэс кыттыгастыылара быһаарыылаахтык кыайбыттар.
- 1887 — Парижка Эйфель башнятын тутуута саҕаламмыт. 1889 сыл кулун тутар 31 күнүгэр тутуу түмүктэммит.
- 1906 — Санкт-Петербурга дьахталлар политехническэй куурустара арыллыбыттар — Арассыыйаҕа бастакы дьахталлары үөрэтэр техническэй үөрэх кыһата.
- 1918 — Эстония уонна Латвия Арассыыйаттан тутулуга суохтарын биллэрбиттэр.
- 1932 — Дьоппуон сэриилэрэ Шанхайга саба түспүттэр. Куорат иһигэр буолбут биир ыйдаах кыргыһыы түмүгэр Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ сэбилэниилээх күүстэрин барытын Шанхайтан таһаарбыт.
- 1935 — Исландия мэдиссиинэ абортун сокуонунан көҥүллээбит бастакы арҕаа дойдунан буолбут.
- 1958 — Данияҕа Lego хампаанньа оонньуур кубиктарын аныгы конструкциятын патеннаабыт.
- 1968 — ССРС билимин Академиятын ыҥырыытынан Сорбонна профессора Жан Масари Саха Cиригэр кэлэ сылдьыбыт.
- 1971 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ Өймөкөөн улууһугар хотугу норуоттар экэниэмикэлэрин уонна култуураларын сайыннарыы хайдах баран иһэрин туһунан уураах ылыммыт.
- 1981 — АХШ бэрэсидьиэнэ Рональд Рейган ньиэп сыанатыгар хонтуруолу көтүрбүт. Мантан ыла 1979 сыллааҕы ньиэп кириисиһэ бүппүт, 1980-с сыллардааҕы ньиэп аһара оҥорон таһаарыыта уонна сыаната түһүүтэ саҕаламмыт. Ол иһин 1980-с сылларга ньиэп хостуур дойдуларга, ол иһигэр Сэбиэскэй Сойууска, экэниэмикэ кириисиһэ буолбута.
- 1985 — Ядернай сэриини утары Дели декларацията ылыныллыбыт.
- 1986 — АХШ "Челленджер" хараабыла саҥа көтөн иһэн дьон бөҕө көрөн турдаҕына дэлби тэппит, сэттэ астронавт өлбүттэр.
- 1992 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин «Атыы-эргиэн көҥүлүн туһунан» (нууч. О свободе торговли) ыйаахха илии баттаабыт.
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр