УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ахсынньы 20 диэн Григориан халандаарыгар сыл 354-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 355-c күнэ). Сыл бүтүө 11 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Дьон биир санааланыытын (солидарность) күнэ
- Арассыыйа Арассыыйа — Арассыыйа куттала суох буолуутун үлэһиттэрин күнэ
- Армения Армения, Беларусь Беларусь, Кыргыстаан Кыргыстаан — Судаарыстыбаннай уонна национальнай куттала суох буолуу үлэһиттэрин күнэ
- ГвианаГвиана, РеюньонРеюньон — Кулуттааһыны суох гыныы күнэ (фр. Fête des Cafres)
- Мьянма Мьянма — Бо Аунг Чжо күнэ. Бу Рангун университетын устудьуонун 1938 сыллаахха устудьуоннар көҥүл иһин үһүс бойкоттарын кэмигэр Британия аттаах полицията өлөрбүт.
- МакаоМакао — Макао ураты дьаһаллар оройуон быһыытынан төрүттэммит күнэ
Түбэлтэлэр
- Ричард I Үһүс Кириэстээх бохуоттан төннөн истэҕинэ Нормандияҕа, Аквитанияҕа, Гасконьҥа герцог, Пуатьеҕа, Анжуга, Мээҥҥэ уонна Нантка граф, Бретаньҥа Overlord диэн титуллаах салайбыта.
- 1408 — Үөдүгэй (нууч. Едигей, Едигу) хаан Москубаттан дьиэтигэр төннүүтүн саҕалаабыт. Бу монгуол-татаардар Руська бүтэһик бөдөҥ эспэдиссийэлэрэ этэ.
- 1699 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I Арассыыйаҕа Саҥа Дьылы бэлиэтээһин балаҕан ыйын 1 күнүттэн тохсунньу 1-гар көһөрөргө уурбут.
- 1803 — Саҥа Орлеаҥҥа АХШ Францияттан Луизиананы атыылаһыытын церемонията ааспыт. Франция Испанияттан соторутааҕыта ылбыт Хотугу Америкатааҕы олус киэҥ сирин-уотун АХШ-ка 10 млн долларга атыылаабыт.
- 1917 — Контрреволюцияны уонна саботаһы утары охсуһар аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы суһал комиссия (ВЧК) тэриллибит.
- эрзя уонна мокша омуктары биир омук дииллэрэ, мордва диэн ааттыыллара, ол дьон тылларын билбэт сыдьааннара билигин да мордваларбыт дэнэллэр.
- 1942 — Аан дойду Иккис сэриитэ: дьоппуон сөмүөлүөттэрэ Калькуттаны (Ииндийэ) буомбалаабыттар.
- Кыраныыссата суох быраастар» диэн тэрилтэни Бернар Кушнер уонна суруналыыстар бөлөхтөрө Парижка тэрийбит.
- 1989 — АХШ сэбилэниилээх күүстэрэ Панаамаҕа саба түспүттэр, Мануэль Норьега былаастан туоратыллыбыт. Норьега "тымныы сэрии" кэмигэр АХШ диэки этэ, ФБР-тан тус бэйэтэ хамнас ылара, ол эрээри кэлин наркотик атыылааһына биллэн хаалан (Ираан-Контрас диэн ааттаммыт айдаан, холобур), АХШ салалтатын кытта тапсыбат буолбута. Тиһэҕэр утарбыта. АХШ Панаамаҕа саба түһүүтүн ХНТ уонна Америка дойдуларын холбоһуга аан дойду быраабын кэһии быһыытынан сыаналаабыттара.
- 1991 — Аан маҥнайгы Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин быыбара буолбут. Манна уруккута Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэстээтэлинэн олорбут Михаил Николаев кыайыылаах тахсыбыт.
- 1995 — НАТО сэриилэрэ Боснияҕа сэриини тохтотор соруктаах киирбиттэр.
- 1996 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан улуус кыттыылаах Ньурбаҕа регистрацияламмыт АЛРОСА-НЬУРБА акционернай уопсастыба тэриллибит. 2019 сыллаахха бу хампаанньаны ликвидациялыырга диэн быһаарыы ылыллыбыта.
- 1999 — Португалия колонията Макао Кытайга бэриллибит.
Төрөөбүттэр
- 1927 — Иван Федосеев - Доосо — саха түмэт диэйэтэлэ, бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, литэрэтиирэ критигэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1964). 1965-1992 сылларга «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар холбоммут эрэдээксийэлэрин эппиэттиир сэкиритээрэ.
- 1929 — Иннокентий Рожин — 1969—2002 сылларга Үөһээ Дьааҥы орто оскуолатын дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин (2000) уонна Үөһээ Дьааҥы улууһун ытык киһитэ.
- 1932 — Николай Борисов - Николай Уус — суруйааччы, 1972—1988 сылларга Саха АССР прокурорун солбуйааччыта, Российскай Федерация үтүөлээх юриһа.
- 1934 — Василий Лебедев — эбээн бэйиэтэ, филолог.
- 1934 — Яков Васильев — физкультура учуутала, Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин ытык олохтооҕо.
- 1948 — Николай Захаров - Сахаачча — саха аатырбыт тустууга, кини аата Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар иҥэриллибит.
Өлбүттэр