Эбээннэр
Эбээннэр (урукку ааттара илиҥҥи тоҥустар, ламууттар) — Арассыыйа хотугулуу илин өттүгэр тарҕанан олорор эбэҥкилэргэ чугас омуктар.
Эбээн диэн тыл икки суолталаах буолуон сөп, бастакыта хайаттан түһээччи, иккиһэ - маннааҕы, олохтоох киһи диэн. Ольскай түөлбэ уонна Камчааткаҕа баар Быстринскай оройуон эбээннэр бэйэлэрин орочел дииллэр — табалаах, табаһыт (орон — таба). Ольскай оройуон икки сэлиэнньэтигэр (Армань уонна Ола) олохтоох эбээннэр бэйэлэрин мэнэ, мэнэл дииллэр, ол аата биир сиргэ олорооччу диэн. Аллараа Халыма эбээннэрэ бэйэлэрин иилкан дииллэр — дьиҥнээх, оттон эвын диэн кинилэр хайаҕа уонна тайҕаҕа олорор эбээннэри ааттыыллар.
Этнолингвистическэй классификацияннан эбээннэр тыллара тоҥус-мондьуур бөлөх хотугу тоҥус салаатыгар киирэр.
Бүтүн Арассыыйатааҕы 2002 с. биэрэпис түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 11 657 эбээн олорор эбит, Магадаан уобалаһыгар — 2527, Камчааткаҕа — 1779, Чукотскай автономиялаах уокурукка — 1407, Хабаровскай кыраайга — 1272, Кэрээк автономиялаах уокуругар — 751.[1]
Саха Сиригэр эбээннэр бу улуустарга түөлбэлээн олороллор — Эбээн-Бытантай, Уус-Дьааҥы, Муома, Кэбээйи, Томпо, Булуҥ, Үөһээ Дьааҥы, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Үөһээ Халыма, Алайыаха, Өймөкөөн, Абый; Магадаан уобалаһыгар маннык оройуоннарга — Ольскай, Хотугу-Эбээн, Орто-Канскай; Хабаровскай кыраайга маннык оройоуннарга — Охуоскай, Үөһээ-Бурея; Камчаатка Быстринскай оройоунугар.
2025 сыллаахха сэтинньи 4 күнүгэр Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын күнүн олохтуур уонна муус устар 30 күнүгэр бэлиэтиир туһунан уураах таһаарбыта. Туһааннаах ыйаах правовой акталары официальнай бэчээттиир сайтка тахсыбыта[2].
Өссө маны көр
Быһаарыылар
- ↑ Численность коренных малочисленных народов Российской Федерации по территориям преимущественного проживании (по итогам Всероссийской переписи населения 2002 г.)
- ↑ В России появился новый праздник, РИА Новости (4 Сэтинньи 2025). Сигэнии күнэ: 4 Кулун тутар 2026.
| Бу Аан дойду омуктарын туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |