Ахсынньы 25

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ахсынньы 25 диэн Григориан халандаарыгар сыл 359-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 360-c күнэ). Сыл бүтүө 6 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Григориан халандаарынан Рим импиэрийэтигэр Ирод ыраахтааҕы дойдутугар Иерусалимтан чугас Вифлеем диэн кырачаан куорат таһыгар кэлин Иисус Христос диэн ааттаммыт киһи төрөөбүт.
  • Елизавета II ыраахтааҕы Холбоһуктаах хоруоллук олохтоохторугар үгэс буолбут тыл этэр күнэ
  • ИиндийэFlag of India.svg Ииндийэ — Үчүгэй салайыы күнэ. 2014 сыллаахха Нарендра Моди бырабыыталыстыба дьон иннигэр эппиэтинэстээҕэр болҕомто тардаары бу күнү урукку премьер-миниистирдии сылдьыбыт Атала Бихари Ваджпаи төрөөбүт күнүгэр бэлиэтииргэ уураах таһаарбыта
  • Flag of Mozambique.svg Мозамбик — Дьиэ кэргэн күнэ
  • КамерунFlag of Cameroon.svg Камерун, КАӨFlag of the Central African Republic.svg КАӨ, ЧадFlag of Chad.svg Чад, Экватор ГвинеятаFlag of Equatorial Guinea.svg Экватор Гвинеята, Конго ДӨFlag of the Democratic Republic of the Congo.svg Конго ДӨ, ГабонFlag of Gabon.svg Габон, Конго ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of the Republic of the Congo.svg Конго Өрөспүүбүлүкэтэ — Оҕо көмүскэлин күнэ
  • ПакистаанКуайд-и-Азам күнэ
  • ПеруFlag of Peru (state).svg Перу (Чумбивилкас провинция) — Таканакуй
  • Кытай ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of the Republic of China.svg Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ — Конституция күнэ
  • ТурцияГазиантеп куорат босхоммут күнэ (1921).
  • ЧечняFlag of the Chechen Republic.svg Чечня, ИнгушетияFlag of Ingushetia.svg Ингушетия (вайнаахтар) — Малх күнэ (Күн төрөөбүт күнэ)

Түбэлтэлэр

  • 800 — Улуу Карл «Арҕаа импэрээтэрэ» диэн титулунан Римҥэ бэргэһэлэммит.
  • Иштван I Сибэтиэй Венгрия хоруола буолбут.
  • Вильгельм I Сэрииһит Англия хоруонатын кэппит.
  • Рожер II Сицилия хоруола буолбут.
  • Эспаньола арыыга Ла-Навидады олохтообут.
  • Хуриҥда күөлгэ тиийэ сылдьан баран уһун унньуктаах айан кэнниттэн төннөн иһэн, Чуона өрүс төрдүгэр тиийбит. Бу кэнниттэн тохсунньуга Павловскай учуутал салалталаах бөлөҕү кытта Сунтаарга холбоспут.
  • 1903 — Илин Сибииргэ көскө сылдьан «Искра» хаһыаты тарҕаппытын иһин өрөбөлүссүйэниэр Иван Бабушкины өссө ыраатыннаран Дьокуускайга аҕалбыттар. Салгыы Үөһээ Дьааҥы уокуругар утаарбыттар. Онно 1905 сыллаахха амньыыстыйа биллэриллиэр диэри олорбута.
  • 1905 — Новороссия өрөспүүбүлүкэтэ хам баттаммыт.
  • 1917Украинаҕа сэбиэскэй былаас олохтоммут.
  • 1941 — Керчь-Феодосия десаан эппэрээссийэтэ саҕаламмыт.
    • Гонконг иһин кыргыһыы түмүктэммит, куораты дьоппуоннар оккупациялаабыттар.
  • 1946 — ССРС-ка И. В. Курчатов салалтатынан Европаҕа бастакы ядернай реактор үлэтин саҕалаабыт.
  • 1949Хабаровскайга Япония байыаннайдарын сууттааһын саҕаламмыт (ахсынньы 30 күнүгэр диэри буолбута).
  • 1962Сэбиэскэй Сойуус ядернай сэрии сэбин сир үрдүгэр тиһэҕин дэлби тэптэрбит. 1963 сыллаахха сөбүлэҥинэн сир үрдүгэр, ууга уонна салгыҥҥа дэлби тэптэрии бобуллубута.
  • 1977Израиль премьер-миниистирэ Менахем Бегин Эгиипэт бэрэсидьиэнин Мохаммед Анвар ас-Садаты кытта көрсүбүттэр.
  • 1979Афганистааҥҥа Сэбиэскэй Сойуус сэриилэрэ киирбиттэр.
  • 1991 — Арассыыйа РСФСР диэн аата уларыйан билиҥҥи аатын сүкпүт, Михаил Горбачёв ССРС бэрисидьиэниттэн уурайбыт.
  • Саханефтегаз" национальнай ньиэп-гаас хампаанньата үөскээбит.
  • 2016 — Александров ансамблын тиэйэн иһэр оборуона министиэристибэтин Ту-154 сөмүлүөтэ Хара Байҕалга түспүт, онно баар 92 киһи бары өлбүттэр.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр