Өлөөн улууһа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Өлөөн улууһа — Эбэҥки национальнай статустаах Саха сирин иэнинэн саамай улахан улууһа.

Өлөөн улууһа
Гиэрбэтэ
Coat of Arms of Olenyok rayon (Yakutia).png
Дойду  АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа
Регион  Саха ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of Sakha.svg Саха Өрөспүүбүлүкэтэ
 Өлөөн
 Ленскэй
Улуус баһылыга  Иванов Александр Степанович
Улуус буолуута  1935 с.
Иэнэ  317 976,06 км²
Климата  тосту-конт
Олохтоох дьонун ахсаана
 • Чиҥэ
 • Омуктара
 ↗4247 (2020) киһи
 0,01 киһ./км²
 саха, нуучча, эбээн
Өлөөн улууһа Саха Сирин каартатыгар
Официальнай ситим-сир

Айылҕата

Өлөөн сирэ туундара, ойуурдаах туундара уонна соҕуруу өттүгэр тайҕа. Улуус улахан өттүн ортотунан 300-400 м үрдүктээх Орто Сибиир хаптал хайата ылар, хоту өттүгэр Анаабыр платота сыталлар.

Кыһыҥҥы түүн дьүкээбил оонньуур, саас туундара сибэккилэрэ киһи сөҕүөн курдук кэрэтик көстөллөр.

Өлөөн өрүс уонна кини салааларын кытылларыгар айылҕа оҥорбут кэрэ сирдэрэ бааллар: Киһи Таас, Эбиэн Мас, Тиис Хайа, Мэрчимдэн, Сенкю. Былыр-былыргыттан киһи олорбут ытык сирдэрэ, суруктаах хайалар бааллар. Холобур Сэвэки, Таҥаралаах, Куойка диэн сирдэри ааттыахха сөп.

айылҕа мэҥэтэ диэн стаатустаахтар.

Үүнээйитэ

Тиит мас улуус 20% үүнэр. Муохтар, лишайниктар сайдыбыттар, сэппэрээк элбэх (хатыҥ, кытыан, сугун уо.д.а.). «Алакыыт» эркээйи сиргэ 4 Кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйи үүнэр: родиола, вздутоплодник волосистый, башмачок пятнистый, кувшинка четырехгранная.

Кыыла-сүөлэ

Бөдөҥ кыыллартан тайах, хотугу таба, бөрө бааллар. Киис, тайах, кырса уонна кыыл таба бултаналлар.

Көтөрдөр 118 көрүҥнэрэ баара биллэр, онтон 61 көрүҥ уйаланар (холобур, Кыһыл кинигэҕэ киирбит мороду уонна лыглыкы), 15 - көтөн ааһар, 1 - киирэн тахсар, уонна 41 - баара сабаҕаланар.

Өрүстэргэ, үрэхтэргэ уонна күөллэргэ балык 12 көрүҥэ баар: сыа-балык, быраҥаатта, дьарҕаа, сордоҥ, собо о.д.а.

Устуоруйата

Ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕана билиҥҥи улуус сирдэрэ Булуҥ уокуругар киирэллэр этэ. 1935 сыллаахха алтынньы 1 күнүгэр Өлөөн культбаазатыгар кииннээх туспа Өлөөн оройуона тэриллэрин туһунан уураах тахсыбыта. Ол саҕана 3 сэбиэт баара: Өлөөн, Дьилиндэ, Кирбэй. 2000 кэриҥэ киһи 351 ыалынан олороро, 18339 табалаахтар этэ.

Демография

Биэрэпис ыытыллыбыт сыллырга уонна 2007 сылга нэһилиэнньэ ахсаана
2002 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн омуктар өлүүлэрэ

Дьаһалталарынан араарыы

Өлөөн улууһугар 4 национальнай стаатустаах нэһилиэк киирэр. Сорох сирдэрэ нэһилиэктэргэ киирбэттэр.

Дьилиндэ улуус кииниттэн 320 км хоту сытар, Анаабыр улууһун кытта быысаһар. Харыйалаах (Кирбэй нэһилиэгин киинэ) Өлөөн бөһүөлэгин таһыгар баар. Ээйик (Солоҕон нэһилиэгин киинэ) улуус кииниттэн 550 км сиргэ, Үөһээ Бүлүү кирбиитин чугаһыгар сытар.

Өлөөн улууһун каартата (нэһилиэктэргэ киирбэтэх территориялар өҥө суохтар)
Улуус иһинээҕитэ
# Нэһилиэктэр Кииннэрэ Кыра сэлиэнньэлэр Улуус

кииниттэн, км

Почта

индекса

Нэһилиэнньэ

ахсаана

(2007 сыл)

1 Өлөөн улуус киинэ 0 2 347
2 Кирбэй Харыйалаах 3 831
3 Дьилиндэ Дьилиндэ 320 659
4 Солоҕоон Ээйик 550 322
Барыта 4 159

Экономиката

Улуус экономикатыгар төрүт дьарыктар улахан сабыдыаллаахтар (таба иитиитэ, булт, балыктааһын, сүөһү иитии). Хостуур промышленность үөскээн эрэр. Хара Таас уонна Талахтаах диэн сирдэргэ алмаас хостууллар. 1959 сыллаххха Томтор Таас диэн сиргэ ниобий уонна тантал үөскээбит бөдөҥ сирдэрэ булуллубута[1].

Үөрэҕирии

Биллэр-көстөр дьонноро

  • Семенов Василий Семенович - аатырбыт булчут. Ленин уонна Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннардаах. Түүлээҕи бултааһыҥҥа ситиһиилэрин иһин Саха АССР уһулуччулаах булчута, Саха АССР үтүөлээх булчута буолбута.
  • Матвеев Христофор Иннокентьевич - аатырбыт табаһыт. Ленин уонна Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннардаах. Биригээдэтэ саҥа үлэ ньымаларын олоххо киллэрэн таба ахсаанын 99% тыыннаах хаалларар этэ.
  • Бенчик Христина Афанасьевна - аатырбыт иистэнньэҥ.

Быһаарыылар

  1. Иллюстрированный атлас Республики Саха, Дь., Бичик, 2012