Томпо улууһа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Томпо улууһаСаха Сирэ улууһа.

Томпо улууһа
Гиэрбэтэ
Coat of Arms of Tomponsky rayon (Yakutia).png
Былааҕа
Flag of Tomponsky rayon.png
Дойду  АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа
Регион  Саха ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of Sakha.svg Саха Өрөспүүбүлүкэтэ
 Хандыга
Улуус баһылыга  Степанов Яков Иннокентьевич
Улуус буолуута  1931 с.
Иэнэ  135 843,51 км²
Климата  тосту-конт
Олохтоох дьонун ахсаана
 • Чиҥэ
 • Омуктара
 ↗12 526 (2020)

(1,29 %) киһи
 0,08 киһ./км²
 саха, нуучча, эбээн

Томпо улууһа Саха Сирин каартатыгар
Официальнай ситим-сир

Киинэ — Хаандыга бөһүөлэк. Төрүттэммит күнэ-дьыла — 1931 сыл ыам ыйын 20 күнэ. Сирин иэнэ — 135,8 тыһ. кв. км. Дьокуускайга диэри ырааҕа: сиринэн — 449 км; уунан — 642 км; салгынынан — 370 км. 2002 сыллааҕы сурутуу көрдөрөрүнэн, олохтоохторун ахсаана: 15 275 киһи. 2002 сыллааҕы сурутуу түмүгүнэн омуктар ахсааннара уонна өлүүлэрэ маннык: украйыыннар — 850 киһи(5,56)%, эбээннэр — 829 киһи (5,43%); татаардар — 167 киһи (1,09%), эбэҥкилэр — 86 киһи (0,56%); атыттар — 676 киһи (4,43%). Улуус киһитин ахсаана 2007 сылга 14 281 киһи.

Улуус Саха Сирин илин өттүгэр тайаан сытар. Сирин ньуура араас. Сыл устата 200—250 мм сөҥүү түһэр. Сүрүн өрүстэрэ — Томпо, Алдан. Улуус иһигэр эриэккэс сир — былыр-былыргыттан ураты баай флоралаах Лэкэ Хайата баар.

Күн бүгүн улууска 9 муниципальнай тэриллии баар, ол иһигэр 2-тэ куораттыы тииптээх. Куораттыы тииптээх бөһүөлэктэргэ 9,2 тыһ. киһи, тыаларыгар 6,1 тыһ. киһи олорор. Тополинай сэлиэнньэтигэр, сүрүннээн, эбээннэр олороллор.

Улууска хорҕолдьун, алтан, сибиниэс, сурьма, молибден, кыһыл уонна үрүҥ көмүс, таас чох, о. д. а. туһалаах баай арааһа баар. Федор Шарыпов кыһыл көмүстээх руднигын туһунан сибидиэнньэлэр өссө 1743—1745 сс. биллибиттэрэ.

Улууска промышленность күүскэ сайдар. Экономикатыгар сүрүн миэстэни чоҕу хостооһун ьлар. Тыа хаһаайыстыбата промышленноһы кытары тэҥҥэ сайдар. Олохтоохтор тыа хаһаайыстыбатынан: сылгы, ынах сүөһүнү, табаны, килиэккэлээх кыылы иитиинэн, кылааннаах түүлээҕи бултааһынынан, оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктаналлар.

Демография

Биэрэпис ыытыллыбыт сыллырга уонна 2007 сылга нэһилиэнньэ ахсаана

Администрацияларынан араарыы

Томпо улууһун каартата
Улуус иһинээҕитэ
# Бөһүөлэктэр

уонна нэһилиэктэр

Кииннэрэ Кыра

бөһүөлэктэр

Улуус

кииниттэн,

км

Почта

индекса

Нэһилиэнньэ

ахсаана

(2007 сыл)

1 Хаандыга бөһүөлэк улуус киинэ 0 6 700
2 Дьабарыкы Хайа бөһүөлэк 60 2 000
3 Байаҕантай Кириэс Халдьаайы Арыы Толоон, Ударник 90 1 613
4 Мэҥэ Алдан Мэҥэ Алдан 65 1 013
5 Теплай Ключ Теплай Ключ Авиапорт, Развилка 73 904
6 Томпо Тополинай 294 872
7 Саһыл Кэскил 40 540
8 Ыҥаа Новай Сайдыы 8 404
9 Охотскай Перевоз Охотскай Перевоз 120 135
Барыта 14 281

Улуус биллиилээх дьоно

Hero of the Soviet Union medal.png Охлопков Фёдор Матвеевич (1908—1968) — Сэбиэскэй Сойуус Геройа.
Hero of Socialist Labor medal.png Кладкин Василий Михайлович (1931—2003) — Социалистическай Үлэ Геройа.
Znak Narod RSYa.png Мекюрдянов Лаврентий Иннокентьевич (1927—1997) — балет артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа.
Znak Narod RSYa.png Степанов Ефим Николаевич — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа, театр уонна киинэ артыыһа, туруорааччы режиссер.
Ефимов Николай Ефимович (1907—1999) — «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалера, үлэ, тыыл бэтэрээнэ.

Үөрэҕирии