Охлопков Фёдор Матвеевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Охлопков Фёдор Матвеевич
Төрөөбүт күнэ 2 кулун тутар 1908({{padleft:1908|4|0}}-{{padleft:3|2|0}}-{{padleft:2|2|0}})
Төрөөбүт сирэ Кириэс-Халдьаайы, Байаҕантай улууһа, Саха уобалаһа
Өлбүт күнэ 28 ыам ыйын 1968({{padleft:1968|4|0}}-{{padleft:5|2|0}}-{{padleft:28|2|0}}) (60 сааһыгар)
Сулууспалаабыт дойдута ССРСRed Army flag.svg ССРС
Сулууспалаабыт сыллара 1941—1945
Солото
Сержант
Чааһа 234-с СП, 179-с СД;
259-с СП 179-с СД
Кыргыһыылар/сэриилэр Аҕа дойду Улуу сэриитэ
Наҕараадалара
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа — 1965
Ленин уордьана  — 1965 Кыһыл Знамя уордьана  — 1944 Аҕа дойду сэриитин II ст. уордьана— 1943 Орден Красной Звезды  — 1942
Орден Красной Звезды  — 1942 «Хорсунун иһин» мэтээл — 1944

Охлопков Фёдор Матвеевич (02.03.1908, Кириэс-Халдьаайы, Байаҕантай улууһа, Саха уобалаһа — 28.05.1968) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1965).

Олоҕун олуктара

Кириэс-Халдьаайыга төрөөбүт. Аҕата Матвей Тааттаттан төрүттээх киһи этэ. Сэрии иннигэр колхуоска механизаатарынан, булчутунан, Аллаҥҥа Орочоон бириискэлэригэр обкатчигынан үлэлээбитэ. Эдэр булчут биэс тыһыынчаттан тахса тииҥи туттарбыта. 100 хаамыылаах сиртэн быһах биитин ытан буолдьаны икки аҥыы хайытара[2].

Сэриигэ кыттыыта

Аармыйаҕа 1941 с. атырдьах ыйыгар Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун военкоматынан ыҥырыллыбыт. 375-с уонна 179-с стрелковай чаастарга пулеметчик, автоматчик, снайпер быһыытынан сэриилэспитэ. Бастакы кэмҥэ быраата Василийдыын биир пулемет расчета буолан кыргыһыыларга кыттыбыттара. Онтон быраата ыараханнык бааһыран өлөр. Ол кэнниттэн 1942 с. сааһыгар Федор пулеметын снайпер бинтиэпкэтигэр уларытар. Албан ааттаах снайпер быһыытынан киэҥник биллибитэ, соҕотох 429 фашиһы өлөрбүтэ. Ол иһигэр ниэмэс снайпердара бааллара. 30 снайперы үөрэтэн бэлэмнээбит. Фроҥҥа 12 төгүл бааһырбыта уонна контузияламмыта. Тверскай, Смоленскай уобаластары, Белоруссияны босхолоспута.

1945 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Кыайыы Парадыгар кыттыбыт.

Сэбиэскэй Сойуус Геройун аата 1965 с. ыам ыйын 6 күнүгэр иҥэриллибит.

Сэрии кэнниттэн дойдутугар араас үлэҕэ үлэлээбит. Элбэх оҕо аҕата.

1968 сыллаахха ыам ыйын 28 күнүгэр өлбүт. Төрөөбүт дойдутугар Кириэс-Халдьаайыга көмүллүбүт.

Наҕараадалара

Үйэлээх аата

  • Герой бүүһэ Кириэс-Халдьаайыга туруоруллубут.
  • Ф. М. Охлопков аатынан Томпоҕо совхоз уонна муора хараабыла ааттаммыттара.
  • Дьокуускай, Чөркөөх, Хаандыга уулуссалара Герой аатын сүгэллэр.

Быһаарыылар

  1. Хойут Таатта, билиҥҥинэн Томпо улууһа.
  2. Саха саарыннара. Хомуйан оҥордулар Л. Г. Николаев, А. Г. Николаев, Ф. Э. Данилов. — Дь.: «Кудук», 1998. — ISBN 5-7863-0122-2
  3. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  4. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  5. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  6. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  7. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»

Сигэлэр

Hero of the Soviet Union medal.png Охлопков Фёдор Матвеевич. Cитим-сир «Герои Страны».