Петров Дмитрий Ананьевич
Дмитрий Ананьевич Петров | ||||
---|---|---|---|---|
Төрөөбүт күнэ | 21 бэс ыйын 1921 | |||
Төрөөбүт сирэ |
Таатта улууһа, Саха Сирэ |
|||
Өлбүт күнэ | 6 сэтинньи 1971 (50 сааһыгар) | |||
Сулууспалаабыт дойдута | ССРС | |||
Сулууспалаабыт сыллара | 1942—1946 | |||
Солото | Старшина | |||
Кыргыһыылар/сэриилэр | Аҕа дойду Улуу сэриитэ | |||
Наҕараадалара |
|
Петров Дмитрий Ананьевич (21.06.1921—06.11.1971) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Албан аат уордьанын толору кавалера.
Олоҕун олуктара
Арҕаа Буугу туорааһыҥҥа кыттар. 1945 с. муус устар 2 күнүгэр Хоенштейн диэн нэһилиэнньэлээх пууну ылар иһин кыргыһыыга өстөөх пулеметтаах дзотугар ыга сыыллан кэлэн, гранаталарынан тамнаан суох гынар, батальон кыайыытын хааччыйар, бааһыран да баран сэрии хонуутуттан тахсыбат[1]. Бу хорсун быһыытын иһин Албан аат уордьан I истиэпэнигэр түһэриллэн, уордьан толору кавалера буолар.
Сэрииттэн эргиллэн кэлэн төрөөбүт оройуонугар Тааттаҕа сэбиэскэй уонна партийнай тэрилтэлэргэ үлэлээбит.
1971 сыллаахха сэтинньигэ өлбүт.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Албан аат уордьанын I ст. (31.05.1945)[2]
- Албан аат уордьанын II ст. (25.03.1945)[3]
- Албан аат уордьанын III ст. (27.07.1944)[4]
- Мэтээллэр
Үйэлээх аата
- Д. А. Петров аатынан Ытык Күөл уулуссата ааттаммыта, бүүһэ улуус киинигэр туруоруллубута.
- Д. А. Петров аата Таатта улууһун Ытык-Күөл орто оскуолатыгар иҥэриллибит[5] (2006)
Быһаарыылар
- ↑ Саха саарыннара. Хомуйан оҥордулар Л. Г. Николаев, А. Г. Николаев, Ф. Э. Данилов. — Дь.: «Кудук», 1998. — ISBN 5-7863-0122-2
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Указ Президента РС(Я) от 17.07.2006 № 2823 «О присвоении имени Дмитрия Ананьевича Петрова муниципальному общеобразовательному учреждению „Ытык-Кюельская средняя общеобразовательная школа № 2“ муниципального района „Таттинский улус (район)“». — Газета «Якутия» № 129, 19.07.2006
Литература
- Андреев Г. И., Вакуров И. Д. Солдатская слава. — М.: 1971. — С. 178—179.
- Избеков Д. Д. Полный кавалер ордена Славы. — Якутск, 1965. — 36 с.
- Пестерев В. И. История Якутии в лицах. — Якутск: Бичик, 2001. — С. 258—260. — 464 с. — ISBN 5-7696-1606-7
- Сомов В. М. По велению сердца. — Якутск, 1974. — С. 125—135.
- Албан Аат орден толору кавалера: Ахтыылар / Д. Н. Павлов. — Якутск: Сахаполиграфиздат, 2001. — 96 с.
Сигэлэр
Петров Дмитрий Ананьевич. Cитим-сир «Герои Страны».
Категориялар:
- Дьон алпабыытынан
- Бэс ыйын 21 күнүгэр төрөөбүттэр
- 1921 сыллаахха төрөөбүттэр
- Таатта улууһугар төрөөбүттэр
- Сэтинньи 6 күнүгэр өлбүттэр
- 1971 сыллаахха өлбүттэр
- Албан аат уордьанын кавалердара
- УРУБИИКИ:Навигация халыыптара
- Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара:Таатта улууһа
- Албан аат уордьанын толору кавалердара:Саха Сирэ