Парахин Ефим Данилович
Парахин Ефим Данилович | ||||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Төрөөбүт күнэ | 20 тохсунньу 1913 | |||||||||
Төрөөбүт сирэ | Успенье с., Орловскай уобалас | |||||||||
Өлбүт күнэ | 8 муус устар 1997 (84 сааһыгар) | |||||||||
Сулууспалаабыт дойдута | ССРС | |||||||||
Сулууспалаабыт сыллара | 1941—1957 | |||||||||
Солото | Майор | |||||||||
Кыргыһыылар/сэриилэр | ||||||||||
Наҕараадалара |
|
Парахин Ефим Данилович (20.01.1913, Успенье с., Орловскай уобалас — 08.04.1997) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1945).
Олоҕун олуктара
1913 сыллаахха тохсунньу 7 (тохсунньу 20) күнүгэр Орловскай уобалас Новодеревеньковскай оройуонугар Успенье сэлиэнньэҕэ (билиҥҥинэн бөһүөлэк) бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Омугунан нуучча. Ситэтэ суох орто оскуола сэттэ кылааһын, авиационнай техникум икки куурсун бүтэрбит. 1935 сыллаахха Тамбовтааҕы гражданскай авиация оскуолатын бүтэрбит. Дьокуускайга пилотунан, авиационнай этэрээт командирын солбуйааччытынан үлэлээбит.
1941 сыллаахха кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыт. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941 сыл атырдьах ыйыттан кыттыбыт. 1942 сылтан ВКП(б)/ССКП чилиэнэ.
Биир бастакы бойобуой көтүүтүн Брянск аттыгар «Хабаровский комсомолец», Хабаровскай куорат эдэр патриоттарын харчытынан тутуллубут, самолётунан оҥорбут. Өстөөх артиллериятын уотуттан иҥнибэккэ, сорудаҕын толорон, өстөөх аэродромун буомбалаан, алдьаныылаах самолётун этэҥҥэ олордубут.
Е. Д. Парахин Сталинград кыргыһыытыгар ордук хорсуннук сэриилэспитэ бэлиэтэммит. 1942 сыл ыам ыйыттан сэтинньитигэр дылы кини 90 бойобуой көтүүлэри ситиһиилээхтик оҥорбут. 1943 сыл тохсунньу саҕаланыытыгар Парахин Ил-4 самолёта Сталинград халлааныгар өстөөх зенитнай артиллериятынан табыллан, ол кэннэ истребительлэринэн суулларыллыбыта. Парахин бааһыран, ниэмэстэргэ билиэн түбэспитэ. 1943 сыл олунньу 1 күнүн киэһэтигэр лааҕыры сэбиэскэй сэриилэр босхолообуттара. Тымныыттан, аччыктааһынтан эчэйбит Парахин олоҕун туһугар быраастар хас да ыйы быһа охсуспуттара. Үтүөрэн баран, Парахин салгыы сэриилэспитэ, Берлиҥҥэ кимэн киирээһиҥҥэ кыттыбыт.
Сэрии кэмигэр, 1945 сыл ыам ыйыгар дылы, 10-с гвардейскай авиационнай полк звенотун командира гвардия капитана Е. Д. Парахин 294 бойобуой көтүүнү оҥорбута (онтон 237 — түүн). Хельсинки, Констанца, Прага, Будапешт, Бреслау (Вроцлав) байыаннай объектарын буомбалаабыт.
ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1945 сыл бэс ыйын 29 күнүнээҕи Ыйааҕынан байыаннай сорудахтары көрдөрүүлээхтик толоруутун уонна өстөөхтөрү кытта кыргыһыыларга хорсун, геройдуу быһыытын иһин гвардия капитаныгар Парахин Ефим Даниловичка Сэбиэскэй Сойуус Геройун аата иҥэриллибитэ.
Сэрии кэнниттэн ВВС-ка салгыы сулууспалаабыта. 1957 сылтан майор Е. Д. Парахин запаска тахсыбыт.
Полтава куоракка олорбут. 1997 сыллаахха муус устар 8 күнүгэр өлбүт. Полтава Киин кылабыысатыгар көмүллүбүт.
Наҕараадалара
- «Кыһыл көмүс Сулус» мэтээл (№ 8047) (29.06.1945)[1][2]
- Ленин уордьана (29.06.1945)
- Икки Кыһыл Знамя уордьана (1942; 29.12.1943[3])
- Икки Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьана (29.04.1944[4]; 06.04.1985[5])
- Кыһыл Сулус уордьана (1942)
- «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээл (1944)
- «Сталинград көмүскэлин иһин» мэтээл (1942)
Үйэлээх аата
Бу баска суолталаах ситэрии ирдэнэр. |
Быһаарыылар
- ↑ Наградной лист в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Указ Президиума Верховного Совета СССР в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Карточка награждённого к 40-летию Победы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
Сигэлэр
Парахин Ефим Данилович. Cитим-сир «Герои Страны».
- Дьон алпабыытынан
- Тохсунньу 20 күнүгэр төрөөбүттэр
- 1913 сыллаахха төрөөбүттэр
- Орловскай уобаласка төрөөбүттэр
- Муус устар 8 күнүгэр өлбүттэр
- 1997 сыллаахха өлбүттэр
- Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара
- Ленин уордьанын кавалердара
- Кыһыл Знамя уордьанын кавалердара
- Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьанын кавалердара
- Кыһыл Сулус уордьанын кавалердара
- «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- «Сталинград көмүскэлин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- УРУБИИКИ:Навигация халыыптара
- Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара
- Сэбиэскэй Сойуус Геройдара:Саха Сирэ
- Сталинградтааҕы кыргыһыы кыттыылаахтара