Папышев Иван Петрович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Папышев Иван Петрович
Төрөөбүт күнэ 10 кулун тутар 1915({{padleft:1915|4|0}}-{{padleft:3|2|0}}-{{padleft:10|2|0}})
Төрөөбүт сирэ Чинянино д., Омскай уобалаһа
Өлбүт күнэ 2 олунньу 1999({{padleft:1999|4|0}}-{{padleft:2|2|0}}-{{padleft:2|2|0}}) (83 сааһыгар)
Сулууспалаабыт дойдута ССРСRed Army flag.svg ССРС
Сулууспалаабыт сыллара 1936—1938; 1941—1946
Солото Гвардия старшината
Старшина
Кыргыһыылар/сэриилэр Аҕа дойду Улуу сэриитэ
Наҕараадалара
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа — 1945
Ленин уордьана  — 1945 Кыһыл Знамя уордьана  — 1945 Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьана — 1985 Аҕа дойду сэриитин II ст. уордьана— 1945
Орден Красной Звезды  — 1944

Папышев Иван Петрович (10.03.1915, Чинянино д., Омскай уобалаһа — 02.02.1999) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1945).

Олоҕун олуктара

1915 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр Омскай уобалас Муромцевскай оройуонугар Чинянино дэриэбинэҕэ бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Омугунан нуучча. Сэттэ кылаас үөрэхтээх, колхозка, Иркутскай уобаласка Бодойбоҕо шахтаҕа үлэлээбит.

1936—1938 сылларга Кыһыл Аармыйаҕа сулууспалаабыт (Учур оройуонун военкоматынан ыҥырыллыбыт).

1939—1941 сылларга Алдаҥҥа НКВД-га үлэлээбит.

1941 сыллаахха Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 1942 сыл атырдьах ыйыттан Аҕа дойду Улуу сэриитин фронугар барбыт. 1944 сылтан ВКП(б)/ССКП чилиэнэ.

60-с гвардейскай кавалерийскай полк разведкаҕа взводун командира гвардия старшината Иван Папышев Польша Томашув куоратын иһин кыргыһыыга 1945 сыл тохсунньу 17—18 күнүгэр өстөөх туһунан сыаналаах сибидиэнньэни булбута, куораты ылыыга туһа буолбут. Варта өрүһү туорааһыҥҥа аттаах разведчиктар өстөөх тоҕус миномёттаах расчёттарын эспит. Вислаттан Одерга дылы кыргыһыыларга Папышев взвода 76 өстөөҕү билиэн ылбыт, 20-н тахса араас байыаннай ыскылааттары сэриилээн ылбыт.

ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1945 сыл олунньу 27 күнүнээҕи Ыйааҕынан байыаннай сорудахтары көрдөрүүлээхтик толоруутун уонна өстөөхтөрү кытта кыргыһыыларга хорсун, геройдуу быһыытын иһин гвардия старшинатыгар Папышев Иван Петровичка Сэбиэскэй Сойуус Геройун аата иҥэриллибитэ.

1945 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр Москва куорат М. В. Фрунзе аатынан Киин аэродромугар Берлинтан Кыайыы Знамятын аҕалбыттара. Кыайыы Знамятын үөрүүлээхтик Бочуот караулун, ССРС оборонатын Норуодунай Комиссариатын уо. д. а. кэккэлэрин аттынан тутан ааспыттара. Онно гвардия старшината Папышев И. П. сержант Маштаков П. С. кытта знамя тутааччы гвардия старшай сержаныгар Шкирёв Ф. А. ассистеннаабыттар.

Сэбиэскэй Сойуус Геройа гвардия старшината Папышев И. П. 1945 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр Москваҕа Кыһыл болуоссакка буолбут Кыайыы парадын кыттыылааҕа.

1946 сылтан хоһуун кавалерист-разведчик запаска тахсыбыт. Москваҕа олорбут. 1946—1989 сылларга Москватааҕы полиметаллар заводтарыгар үлэлээбит. 1989 сылтан үлэнэн ситиһиллибит сынньалаҥар олорбут.

1999 сыллаахха олунньу 2 күнүгэр өлбүт. Москваҕа Котляковскай кылабыысаҕа көмүллүбүт.

Наҕараадалара

Үйэлээх аата

Герой аата көмүс буукубанан 112-с Башкирскай (16-с гвардейскай Черниговскай) кавалерийскай дивизия 78 Сэбиэскэй Сойуус Геройдарын кытта өйдөбүнньүк доскаларга суруллубута Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай түмэлигэр уонна 112-с (16-с гвардейскай) Башкирскай кавалерийскай дивизия түмэлигэр (Уфа, Левитан уул., 27) туруоруллубуттар.

Быһаарыылар

  1. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  2. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  3. Карточка награждённого к 40-летию Победы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  4. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  5. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»

Сигэлэр

Hero of the Soviet Union medal.png Папышев Иван Петрович. Cитим-сир «Герои Страны».