Асямов Сергей Александрович
Асямов Сергей Александрович | |||||
---|---|---|---|---|---|
Төрөөбүт күнэ | 19 алтынньы (1 сэтинньи) 1907 | ||||
Төрөөбүт сирэ |
Красноярскай, Россия империята |
||||
Өлбүт күнэ | 30 муус устар 1942 (34 сааһыгар) | ||||
Өлбүт сирэ | Великобритания | ||||
Сулууспалаабыт дойдута | ССРС | ||||
Сулууспалаабыт сыллара |
1929—1933, 1941—1942 |
||||
Солото | |||||
Чааһа | 746-с АП | ||||
Кыргыһыылар/сэриилэр | Аҕа дойду Улуу сэриитэ | ||||
Наҕараадалара |
|
Асямов Сергей Александрович (01.11.1907, Красноярскай, Россия империята — 30.04.1942, Великобритания) — лётчик, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1942), майор.
Олоҕун олуктара
1907 сыллаахха алтынньы 19 (сэтинньи 1) күнүгэр Красноярскай куоракка рабочай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Омугунан нуучча.
Кыһыл Аармыйаҕа 1929—1933 сылларга, 1941 сылтан сулууспалаабыт. 1931 сыллаахха Ейскайдааҕы военно-морской авиационнай училищены бүтэрээт, летчик-инструктор быһыытынан сулууспалаабыт. 1933 сылтан — Гражданскай Воздушнай флот летчига, 1935 сылтан — Главсевморпуть Өлүөнэтээҕи авиационнай группатын летчига.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941 сыл от ыйыттан кыттыбыт. 1942 сылтан ВКП(б) чилиэнэ.
1942 сыл тохсунньутугар майор Сергей Асямов, 746-с авиационнай полк хараабылын командира, 48 ситиһиилээх бойобуой көтүүлэри оҥорбут. Кини экипаһа өстөөхтөргө сүүс тонна буомбаны быраҕан, өстөөх күүстэригэр, техникатыгар улахан хоромньуну таһаарбыта, өстөөхтөр сабардаабыт сирдэригэр үс мөлүйүөнтэн ордук листовка ыһыллыбыта.
1942 сыллаахха муус устар 30 күнүгэр, Великобританияҕа, биир бастыҥ летчик быһыытынан командировкаҕа сылдьан, хомолтолоохтук авиакатастрофаҕа өлбүт.
ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1942 сыл бэс ыйын 20 күнүнээҕи Ыйааҕынан бойобуой сорудахтары уһулуччулаахтык толорорун, көрдөрбүт хорсун, геройдуу быһыытын иһин майор Асямов Сергей Александровичка өлбүтүн кэннэ Сэбиэскэй Сойуус Геройун аата иҥэриллибитэ.[1]
Наҕараадалара
- «Кыһыл көмүс Сулус» мэтээл (20.06.1942)[2]
- Ленин уордьана (20.06.1942)
- Кыһыл Знамя уордьана (20.02.1942)[3]
Аатын үйэтитии
Герой аатынан Үөһээ Халыма улууһугар Зырянка бөһүөлэк уулуссата, Таймыр полуостровка Лаптевтар муораларыгар хомо ааттаммыттар.
Быһаарыылар
- ↑ Указ Президиума Верховного Совета СССР «О присвоении звания Героя Советского Союза начальствующему составу Военно-воздушных сил Красной Армии» от 20 июня 1942 года // Ведомости Верховного Совета Союза Советских Социалистических Республик : газета. — 1942. — 30 июня (№ 24 (183)). — С. 1.
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
Сигэлэр
Асямов Сергей Александрович. Cитим-сир «Герои Страны».
- Дьон алпабыытынан
- Сэтинньи 1 күнүгэр төрөөбүттэр
- 1907 сыллаахха төрөөбүттэр
- Красноярскайга төрөөбүттэр
- Муус устар 30 күнүгэр өлбүттэр
- 1942 сыллаахха өлбүттэр
- Великобританияҕа өлбүттэр
- Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара
- Ленин уордьанын кавалердара
- Кыһыл Знамя уордьанын кавалердара
- «Үлэҕэ уһулуччутун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- УРУБИИКИ:Навигация халыыптара
- Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара
- Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара:Саха Сирэ