1942 сыл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1938 1939 1940 1941 — 1942 — 1943 1944 1945 1946
Уоннуу сыллар
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэXXI үйэ

1942 сыл.

Туох буолбута

Тохсунньу

Олунньу

Кулун тутар

  • Кулун тутар 8 — Аан дойду иккис сэриитэ: Голландия Ост-Индията Яваны дьоппуоннарга туран биэрбит.
  • Кулун тутар 8 — Аан дойду иккис сэриитэ: Япония сэриилэрэ Рангуну уонна Бирманы Британияттан былдьаабыттар.

Ыам ыйа

  • Ыам ыйын 29 — Харьков таһыгар сэбиэскэй сэриилэр хотторбут күннэрэ.

Бэс ыйа

Алтынньы

Сэтинньи

  • Сэтинньи 12 — Аан дойду иккис сэриитэ: Гуадалканал иһин үс хонуктаах байҕал кыргыһыыта АХШ уонна Дьоппуон сэриилэрин ыккардыгар саҕаламмыт. Дьоппуоннар кыайтарбыттар.
  • Сэтинньи 17АлСиб устуоруйатыгар саамай улахан авиакатастрофа буолбут: Красноярскайтан Киренскайга лүөччүктэри төттөрү илдьиэхтээх Ли-2 сөмүлүөт саахалламмыт, сүүрбэттэн тахса киһи өлбүт.
  • Сэтинньи 19Сталинградтааҕы кыргыһыы кэмигэр сэбиэскэй аармыйа "Уран" диэн ааттаах утары кимэн киирии эпэрээссийэтин саҕалаабыт. Үс фронт кимэн киириитин түмүгэр икки Германия, икки Румыния уонна биир Италия аармыйалара урусхалламмыттар, ону кытары Сталинградка ньиэмэс 6-с аармыйата уонна атын чаастара төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиттэр.
  • Сэтинньи 23 — 330-тыһыынчалаах ньиэмэс сэриилэрин бөдөҥ бөлөҕүн Сталинград анныгар төгүрүктээһин түмүктэммит.

Ахсынньы

Төрөөбүттэр

  • Мухаммед Али (төрүүрүгэр аата Кассиус Марселлус Клей - кыра) — Америка боксуора, Олимпия оонньууларын чөмпүйүөнэ (1960), ыарахан ыйааһыҥҥа аан дойду муҥутуур кыайыылааҕа.
  • Эйсебио (Эузебиу да Силва Феррейра) — аатырбыт Португалия футболиһа.
  • Тохсунньу 26Людмила Матвеева — 1980—2007 сылларга СӨ оҕо сэллик санаторийын кылаабынай бырааһа, Саха АССР үтүөлээх бырааһа.

Өлбүттэр

  • Ахсынньы 6Семен ИвановИркутскайга өрөбөлүүссүйэ кыттыылааҕа, кавалерист, Гражданскай сэрии кэмигэр Саха сиригэр кыһыл разведчиктар этэрээттэрин хамандыыра, Дьокуускайдааҕы хомуньуус баартыйа кэмитиэтин чилиэнэ, экэнэмиис (Ленинграадтааҕы норуот хаһаайыстыбатын үнүстүүтэ, 1924-26 сс.), Саха сиринээҕи Госбаан хонтуоратын управляющайа, Өлүөнэ өрүс пароходствотын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы, инженер-гидролог (Ленинграадтааҕы транспортнай академия, 1930-34 сс.).
  • Ахсынньы 6Григорий Попов — Саха сиригэр төрөөбүт нуучча аҕабыыта, богословие билимин хандьыдаата, уопсастыбаннай диэйэтэл.