Бубякин Николай Васильевич
Бубякин Николай Васильевич (15.09.1898—12.05.1942) — ил уонна баартыйа диэйэтэлэ, 1928—1929 сылларга Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ.
Олоҕун олуктара
- Иккис Наахара нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
- 1918—1919 cc. — Илин Хаҥалас сир управлениетын чилиэнэ.
- 1919—1920 сс. — Үһүс Наахара нэһилиэгин Совнаркомын чилиэнэ.
- 1920—1924 сс. — Илин Хаҥалас эрэпкиэмин сэкирэтээрэ.
- 1924—1928 сс. — Дьокуускай уокурук ситэриилээх кэмитиэтин бэрэcсэдээтэлэ.
- 1928—1929 сс. — Саха АССР Совнаркомун бэрэcсэдээтэлэ.
- 1929 с. — сир оҥоруу наркома.
- 1930—1931 сс.— Арҕаа Хаҥалас райисполкомын бэрэcсэдээтэлэ.
- 1932 с. — Саха АССР КСК салаатын сэбиэдиссэйэ.
- 1932—1935 сс. — Дьокуускайдааҕы куорат сэбиэтин бэрэcсэдээтэлэ.
- 1937 с. — Саха АССР Совнаркомун дьыалатын салайааччыта.
- 1938 сыл сэтинньи 1 күнүгэр эрипириэссийэҕэ түбэһэн хаайыллыбыта.
- 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр аҕыс сылга хаайыыга барбыта (КрасЛаг).
- 1942 сыл ыам ыйын 12 күнүгэр хаайыы балыыһатыгар өлбүтэ.
- 1956 сыл муус устар 29 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Суута реабилитациялаабыта.
Уус-Андылааҕа диэн алааска 1898 сыллааха балаҕан ыйын 15 күнүгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Таҥара дьиэтигэр церковнай-приходской оскуолаҕа үөрэнэн 4 кылааһы бүтэрбитэ. Дьадаҥы ыал оҕото буолан салгыы кыайан үөрэммэтэҕэ . 1916 сыллаахха билэр киһитин кытта Бодойбоҕо тиийэн бириискэ хонтуоратыгар суруксуттаабыта. Онтон Илин-Хаҥалас улууһун волревкомун сэкиритээринэн анаммыта. 1921 с. Волревком продналогу хомуйуу боппуруоһунан дьарыктаммыта.1922 с.волисполком сэкиритээринэн, онтон бэрэстээтэлинэн талыллан 1924 с. диэри үлэлээбитэ. Бу сыл ахсынньы ыйга Сэбиэттэр Дьокуускай уокуругунааҕы сийиэстэригэр кыттыбыта. Сийиэскэ кинини Дьокуускай уокурук Ситэриилээх Комитетын бэрэстээтэлинэн талбыттара. 1928 с.ыам ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ситэриилээх Кэмитиэтин (ЯЦИК) уонна Совнаркомун (СНК) бэрэстээтэлинэн анаабыттара. 1930 с . Арҕаа-Хаҥаласка РИК бэрэстээтэлинэн , 1931 с. СКСК-ин тэрийэр салаатын сэбиэдиссэйинэн,1932 с. Дьокуускай куорат сэбиэтин бэрэстээтэлинэн үлэлээбитэ. 1936-37 сс. Саха Автаномиятын 15 сылын бэлиэтиир СКСК үбүлүөй хамыыһыйатын эппиэттээх сэкиритээринэн үлэлээбитэ. 1938 с.сэтинньи 1 күнүгэр Совнарком дьыалаларын дьаһайааччынан ананан үлэлии сылдьан эрипириэссийэҕэ түбэһэн хаайыллыбыта.
Түөрт сыл хаайыы эрэйин-муҥун көрөн, доруобуйата кыайан тулуйбакка 44 сааһыгар 1942 с. түрмэҕэ өлбүтэ. 1956 с. муус устар 29 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Суута Бубякин Н.В. реабилитациялыыр туһунан уураах таһаарбыта. Бубякин Н. В. төһө да кыра үөрэхтээҕин иһин М. К. Аммосов,П. А. Ойуунускай , А. Г. Габышев, Х. П. Шароборин курдук саха чулуу уолаттарын кытта тэҥҥэ дойдутун, норуотун туһугар үлэлии-хамсыы сылдьыбыта.[1]
маны көр
Ылыллыбыт сирэ
Саха сирин Национальнай архыыба Ф. З. Оп.4. Д. 156; Ф.4. Оп.51. Д.333
- ↑ «Дойдум миэнэ Наахара», 2014 с. Дьокуускай. Соловьева Юля, Наахара орто оскуолатын 5 кылаас үөрэнээччитэ