Мэҥэ-Хаҥалас улууһа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
улуус[1] / муниципальнай оройуон[2]
Мэҥэ Хаҥалас улууһа
Мэҥэ Хаҥалас улууһа
381 Алас Мамыкан.jpg
Дуоҕата Дьаралыга
Дуоҕата Дьаралыга
61°58′ с. ш. 129°55′ в. д.GЯO
Дойдута АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа
Киирэр Саха сиригэр
Холбуур 31 муниципальнай тэриллиини
Дьаһалтатын киинэ Аллараа Бэстээх
Дьаһалта баһылыга Тихонов Дмитрий Иванович
Устуоруйата уонна географията
Олохтоммут күнэ 1930 сыл олунньу 10 күнэ
Иэнэ 11 733,05[3] км²
Кэм курдааһына MSK+6 (UTC+9, сайын UTC+10)
Олохтоохторо
Олохтоохторо

33 110[4] киһи (2023)

  • (3,31 %)
Чиҥэ 2,82 киһи./км²
Омугун састааба сахалар, нууччалар
98 229 000

Официальнай ситим-сирэ
Мэҥэ Хаҥалас улууһа каартаҕа
Логотип РУВИКИ.Медиа Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһа (нууч. Мегино-Кангаласский улус) — Саха Сирин ортотугар баар улуус.

Дьаһалта киинэ — Аллараа Бэстээх[5]. Ол гынан баран улуус сорох тэрилтэлэрэ Майаҕа бааллар. Тыа хаhаайыстыбата сайдыылаах.

Географията

Хоту Уус-Алданныын, хотугулуу-илин Чурапчылыын, соҕуруулуу-илин Аммалыын, cоҕуруулуу-арҕаа Хаҥаластыын уонна арҕаа Дьокуускайкай куорат уокуругун (нууч.) кытта кэккэлэhэр. Бу Саха Өрөспүүбүлүкэтин иэнинэн саамай кыра улууһа буолар. Кини иэнэ өрөспүүбүлүкэ саамай улахан иэннээх Өлөөн улууһуттан 27 төгүл кыра, ол эрээри Израиль судаарыстыбатын иэнигэр чугаһыыр.

Айылҕата

Улуус Саха сирин ортоку намталыгар баар; соҕуруу өттө — Өлүөнэтээҕи хаптал хайалаах сиригэр баар.

Улуус арҕаа кыраныыссата Өлүөнэ өрүс салааларынан ааһар.

Улуус сиригэр-уотугар үс дэхси сир баар: Майа, Нөөрүктээйи уонна Төҥүлү.

Улуус сиригэр-уотугар элбэх күөл баар: Төҥүлү, Балыктаах. Ону таһынан Абалаах эмтээх бадарааннаах күөл.

Тохсунньу орто температурата −41…−42 °C, от ыйыгар +17…+18 °C. Сылга 200—255 мм сөҥүү түһэр.

Устуоруйата

Улуус билиҥҥи кыраныыссатынан Олунньу 10 күнүгэр 1930 с. Мэҥэ уонна Илин Хаҥалас улуустар холбоhууларыттан үөскээбитэ. Оройуоннааһын кэмигэр Мэҥэ улууһун Алтан нэһилиэгин аҥаара (Чаҥкычах аҕатын ууһа бүтүннүү, Улахан уонна Биэкэнэ аҕаларын ууһун сорох өттө) Амма оройуонугар бэриллибиттэрэ. Маны таһынан Аммаҕа Сатаҕай уонна Эмис нэһилиэктэрэ холбоммуттар. Оттон Мэлдьэхси, Бахсы уонна Алаҕар (Чыаппара) нэһилиэктэрин Чурапчы улууһугар холбообуттар.

Сэтинньи 8 к. 2007 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин ылыммыт сокуонунан улуус киинэ Майаттан Аллараа Бэстээххэ көспүтэ[5].

Улуус сиригэр саха омугун аатырбыт хорсуна Манчаары Баһылай төрөөбүтэ.

Мэҥэ улууһа XVII үйэттэн өрөбөлүүссүйэ буолуор диэри Саха Сирин биир биллэр-көстөр уонна саамай бөдөҥ улуустарыттан биирдэстэрэ этэ. 1917 сыллаахха 20-ттэн тахса тыһыынча киһилээҕэ. Олохтоохтор үс улахан бөлөххө арахсаллара: Мэҥэ ууһа (Алтан, Моорук, Тараҕай нэһилиэктэрэ), Доллу Мэҥэ ууһа (Доллу, Дьаабыл, Араҥас нэһилиэктэрэ), Мэлдьэхси Дьаҥхаады, Мөҥүрүөн нэһилиэктэрэ. Бу үс бөлөх нэһилиэктэр уопсай төрүттээхтэр диэн буолар. Мэҥэ ууһун уопсай төрдүнэн Эллэй Боотур уола Болотой Орхон (Оххон) ааҕыллар. Сорох сэһэнньиттэр атын дьону ааттыыллар: Соҕуруу Даары, Орулаа Талый, бэл XVII үйэ 70-с сылларыгар диэри олорбут Буох Дьиэхсин ойууну (сурукка киирбитинэн Декси Орлов)[6].

Мэҥэ — төрүт-уус аат. Үһүйээннэр кэпсииллэринэн — киһи аата (антропоним). 1898 с. Байаҕантай улууһунааҕы Хаҥалас нэһилиэгин киһитэ П. Е. Готовцев: «Эллэй сиэнэ, Болотой Орхон уола Мэҥэ улуус төрдө буолбут» — диэбит. Бу кэпсээн эрдэ суруллубут уонна улуу учуонай В. Радлов кинигэтигэр бэчээттэммит буолан, ордук ыйааһыннаах. XVIII үйэ бастакы аҥаарыгар үлэлээбит Иккис Камчатскай экспедиция научнай үлэһитэ Я. И. Линденау: «Мэҥэ ууһун төрдө Болотой» — диэн суруйан хаалларбыт. Ити — үөһээ ахтыллыбыт Болотой Орхон. Нуучча хаһаахтара кэлээт да кинилэри, кинилэр олорор сирдэрин туспа улуус, волость диэн арааран ааттаабытынан киирэн барбыттара: Мегинская, (Маганская, Магальская, Мангунская).

Нэһилиэнньэ

Дьон ахсаана
1970[7]1979[8]1989[9]20022009[10]2010
25 21027 63631 62332 28831 00431 278
20112012[11]2013[12]2014[13]2015[14]2016[15]
31 26430 87030 68330 46030 52930 629
2017[16]2018[17]2019[18]20202021[19]2022
30 87730 97130 77530 90533 29833 339
2023
33 110
10 000
20 000
30 000
40 000
2002
2013
2018
2023

Урбанизация

Улуус нэһилиэнньэтин 15,52%-на куорат усулуобуйаларыгар (Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр) олорор.

Национальнай састааба

2002 сыллааҕы биэрэпис дааннайынан:
омук киһи %
сахалар 29 382 91
нууччалар 2 066 6.4
украиннар 129 0.4
эбээннэр 97 0.3
атыттар 484 1.5

Экэниэмикэтэ

Мэҥэ-Хаҥалас улууһа — Саха Сиригэр биир бастыҥ сайдыылаах улуус буолар. Саха Сирин 11 % тыа хаһаайыстыбатын хааччыйар, Саха Сирин 17—25 % промышленнай табаарын хааччыйар. Манна элбэх фермалар бааллар уонна 2020 (Сүүрбэ Сүүрбэ) программанан федеральнай программаҕа улуус киирбитэ — Мэҥэ бырайыак диэн. Мэҥэ бырайыак — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ыбылы сайыннарыы, аныгы саҥа оҥорон таһаарар тэрилтэлэри үлэҕэ киллэрии, саҥа олохтоох дьону аҕалыы (150 тыһ.) уонна временнай үлэһиттэри (70 тыһ).

Улууска 2004—2005 сыллартан нэһилиэктэри гаас ситимигэр холбооһун толору бара турар. Улуус 16 кыбартааллаах котельнайдара, 1000-ҕа чугаһыыр тус дьиэлэр гааска туруорулуннар, өрүс уҥуордааҕы улуустар гаас хаһаайыстыбатын эксплуатационнай базата, автоматтаах гаас тарҕатар станциялара уонна пууннара тутулуннар. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун нөҥүө гаас уматыга атын өрүс уҥуордааҕы улуустарга барыларыгар транзитынан ааһыаҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҥорон таһаарар күүстэрин, тырааныспарын уонна энергетикатын кэлимник сайыннарыы Схемытын биир бөдөҥ уонна суолталаах бырайыагынан Томмот — Майя үрдүк күүрүүлээх уот ситимин тутуу буолар. Бу ситим өрөспүүбүлүкэ Соҕурууҥҥу энерго-оройуонун Киин энерго-оройуону кытта холбообута[20].

Тырааныспар

Улуус сиринэн федеральнай суолталаах 2 массыына суола ааһар: А-360 «Өлүөнэ» уонна Р-502 «Халыма», ону таһынан Уус-Майаҕа диэри барар «Амма» диэн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суол баар. Сайын Аллараа Бэстээх — Дьокуускай ыккардалыгар боруом үлэлиир.

2024 сыллаахха Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ тутуута саҕаламмыта[21][22].

Аллараа Бэстээххэ өрүс бириистэнэ үлэлиир.

Ону таһынан Аллараа Бэстээххэ тимир суол вокзала баар, күн аайы № 327/328 «Аллараа Бэстээх — Тында — Аллараа Бэстээх» поезд сылдьар.

Муниципальнай-территориальнай тутула

Мэҥэ Хаҥалас улууһа олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии чэрчитинэн 31 муниципальнай тэриллииттэн (нууч.) турар. Ол иһигэр 1 куорат көрүҥнээх сэлиэнньэ (нууч.) уонна 30 тыа сирин нэһилиэгэ[23]:

Муниципальнай тэрилДьаһалта
киинэ
Нэһилиэнньэлээх
пууннар
ахсааннара
Нэһилиэнньэ
(киһи)
Иэнэ
(км²)
1Аллараа Бэстээх бөһүөлэкАллараа Бэстээх пгт15139[4]24,00[3]
2Алтан нэһилиэгэӨлөчөй сэлиэнньэ1470[24]238,00[3]
3Араҥас нэһилиэгэТарат сэлиэнньэ1354[24]222,00[3]
4Баатара нэһилиэгэСыымах сэлиэнньэ1446[24]754,00[3]
5Бүтэйдээх нэһилиэгэБүтэйдээх сэлиэнньэ1662[24]440,00[3]
6Догдоҥо нэһилиэгэБөкө сэлиэнньэ2375[24]242,00[3]
7Дойду нэһилиэгэХапчаҕай сэлиэнньэ2112[24]176,00[3]
8Доллу нэһилиэгэТумул сэлиэнньэ1593[24]290,00[3]
9Дьабыыл нэһилиэгэНуораҕана сэлиэнньэ1639[24]561,00[3]
10Дьаҥхаады нэһилиэгэТөхтүр сэлиэнньэ21087[24]631,00[3]
11Мэҥэ нэһилиэгэБалыктаах сэлиэнньэ1759[24]370,00[3]
12Мөҥүрүөн нэһилиэгэМатта сэлиэнньэ1460[24]323,00[3]
13Мэлдьэхси нэһилиэгэСуола сэлиэнньэ1482[24]289,00[3]
14Моорук нэһилиэгэСуола сэлиэнньэ1435[24]204,00[3]
15Бэдьимэ нэһилиэгэБэдьимэ сэлиэнньэ1506[24]236,00[3]
16Бастакы Наахара нэһилиэгэТиэлиги сэлиэнньэ1505[24]1015,00[3]
17Иккис Наахара нэһилиэгэХочо сэлиэнньэ1509[24]450,00[3]
18Нөөрүктээйи нэһилиэгэПавловскай сэлиэнньэ22170[24]389,00[3]
19Ороссолуода нэһилиэгэОроссолуода сэлиэнньэ1431[24]410,00[3]
20Майя нэһилиэгэМайа сэлиэнньэ17322[24]19,00[3]
21Тараҕай нэһилиэгэТабаҕа сэлиэнньэ1784[24]364,00[3]
22Томтор нэһилиэгэТомтор сэлиэнньэ1425[24]193,00[3]
23Бастакы Тыыллыма нэһилиэгэЛоомтука сэлиэнньэ1663[24]634,00[3]
24Иккис Тыыллыма нэһилиэгэХаатылыма1120[24]414,00[3]
25Төҥүлү нэһилиэгэТөҥүлү сэлиэнньэ12163[24]362,00[3]
26Хаптаҕай нэһилиэгэХаптаҕай сэлиэнньэ11047[24]212,00[3]
27Хара нэһилиэгэПетровка сэлиэнньэ11225[24]118,00[3]
28Ходоро нэһилиэгэЧүүйэ сэлиэнньэ1642[24]233,00[3]
29Холгума нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Бырама сэлиэнньэ1286[24]200,00[3]
30Хорообут нэһилиэгэХорообут сэлиэнньэ2921[24]290,00[3]
31Чыамайыкы нэһилиэгэДаркылаах сэлиэнньэ1418[24]1430,05[3]

Нэһилиэнньэлээх пууннар

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 36 нэһилиэнньэлээх пуун баар.

Суох буолбут нэһилиэнньэлээх пууннар
  • Маандай

Үөрэҕирии

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун биллиилээх дьоно

Кэрэ-бэлиэ сирдэр

Быһаарыылар

  1. дьаһайар-территориальнай тутул өттүттэн
  2. муниципальнай тутул өттүттэн
  3. 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 Республика Саха (Якутия). Общая площадь земель муниципального образования. Сигэнии күнэ: 25 Ахсынньы 2025.
  4. 1 2 3 Оценка численности населения на 1 января 2023 года по муниципальным районам
  5. 1 2 О переносе административного центра муниципального района "Мегино-Кангаласский улус" Республики Саха (Якутия). https://docs.cntd.ru. Сигэнии күнэ: 30 Ахсынньы 2025.
  6. Г. В. Попов Алтан, Моорук, Тараҕай нэһилиэктэрин төрүттэрэ. — Дь.: Кудук, 1998. — 88 с.
  7. Всесоюзная перепись населения 1970 года. Численность наличного населения городов, поселков городского типа, районов и районных центров СССР по данным переписи на 15 января 1970 года по республикам, краям и областям.
  8. Всесоюзная перепись населения 1979 года. Численность наличного населения РСФСР, автономных республик, автономных областей и округов, краев, областей, районов, городских поселений, сел-райцентров и сельских поселений с населением свыше 5000 человек.
  9. Всесоюзная перепись населения 1989 года. Численность населения СССР, РСФСР и ее территориальных единиц по полу.
  10. Численность постоянного населения Российской Федерации по городам, поселкам городского типа и районам на 1 января 2009 года.
  11. Численность населения Российской Федерации по муниципальным образованиям. Таблица 35. Оценка численности постоянного населения на 1 января 2012 года.
  12. Численность населения Российской Федерации по муниципальным образованиям на 1 января 2013 года.
  13. Таблица 33. Численность населения Российской Федерации по муниципальным образованиям на 1 января 2014 года.
  14. Численность населения Российской Федерации по муниципальным образованиям на 1 января 2015 года.
  15. Численность населения Российской Федерации по муниципальным образованиям на 1 января 2016 года.
  16. Численность населения Российской Федерации по муниципальным образованиям на 1 января 2017 года.
  17. Численность населения Российской Федерации по муниципальным образованиям на 1 января 2018 года.
  18. Численность населения Российской Федерации по муниципальным образованиям на 1 января 2019 года.
  19. Таблица 5. Численность населения России, федеральных округов, субъектов Российской Федерации, городских округов, муниципальных районов, муниципальных округов, городских и сельских поселений, городских населенных пунктов, сельских населенных пунктов с населением 3000 человек и более.
  20. ИА «PrimaMedia» написало об изменениях в электроэнергетическом комплексе Якутии за 5 лет. https://yakutia-daily.ru. Сигэнии күнэ: 26 Ахсынньы 2025.
  21. В Якутии стартовал основной цикл строительства Ленского моста. TACC (17 Алтынньы 2024). Сигэнии күнэ: 25 Ахсынньы 2025.
  22. Өлүөнэ күргэтин бастакы сыбаайатын куттулар! TACC (18 Алтынньы 2024). Сигэнии күнэ: 25 Ахсынньы 2025.
  23. Закон Республики Саха (Якутия) от 30 ноября 2004 года N 173-З N 353-III «Об установлении границ и о наделении статусом городского и сельского поселений муниципальных образований Республики Саха (Якутия)». Сигэнии күнэ: 30 Ахсынньы 2025. Архивировано 21 Балаҕан ыйын 2019 года.
  24. 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 Численность постоянного населения Российской Федерации по муниципальным образованиям на 1 января 2021 года.
  25. 1 2 3 4 5 6 7 8 9 Итоги Всероссийской переписи населения 2010 г. Том 1: Численность и размещение населения Республики Саха (Якутия)
  26. Численность населения Российской Федерации по муниципальным образованиям. Таблица 35. Оценка численности постоянного населения на 1 января 2012 года (рус.). Сигэнии күнэ: 31 Ыам ыйын 2014. Архивировано 16 Ыам ыйын 2013 года.