УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сэтинньи 8 диэн Григориан халандаарыгар сыл 312-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 313-c күнэ). Сыл бүтүө 53 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Дойдулар ардыларынааҕы Көрдөөх уонна булугас өйдөөх кулуубун (КВН) күнэ
- Дойдулар ардыларынааҕы радиология күнэ. Радиологтар Европатааҕы уопсастыбалара олохтообут
- Аан дойдутааҕы урбанизм күнэ (атын аата Куорат тутуутун күнэ). Урбанизация тулалыыр эйгэҕэ дьайыытыгар уонна куорат киһиэхэ табыгастаах эйгэни тэрийииэхтээҕэр болҕомто тардаары бэлиэтэнэр
- КанаадаАбориген бэтэрээннэр күннэрэ. Канаада олохтоох омуктара Бастакы уонна Иккис аан дойду сэриилэригэр уонна Кэриэй сэриитигэр кыттыыларын билинии күнэ. 1984 сыллаахтан бэлиэтэнэр
- Кыргыстаан Кыргыстаан — Устуоруйа уонна өбүгэлэри кэриэстээһин күннэрэ (сэтинньи 7-8). 1916 сыллаахха буолбут Орто Азиятааҕы өрө туруу кэриэстэбилэ.
Түбэлтэлэр
- 1519 — Испания конкистадора Эрнан Кортес Ацтек импиэрийэтин киин куоратыгар Теночтитлаҥҥа этэрээтин кытары киирбит. Кинилэри ацтек ыраахтааҕыта Монтесума үөрүүлээхтик көрсүбүт уонна улахан малааһын тэрийбит. Онно Монтесума Кортеска элбэх кыһыл көмүс киэргэл бэлэхтээбитэ испанецтар бу дойдуну баһылыыр баҕа санааларын эбии күүһурдүбүт эбит. Кортес дьоно Теночтитлаҥҥа биир нэдиэлэ эйэ-дэмнээхтик сылдьан баран ыраахтааҕы Монтесуманы тутан ылан аманаат гыммыттар.
- 1644 — Манчжурдар Цин династияларын үһүс импэрээтэрэ Шуньчжи бүтүн Кытайы баһылыыр сиэрэ-туома ыытыллыбыт. Бу иннинэ өрө турааччылар Пекини ыла сылдьыбыттар, онтон сылтаан Мин династия бүтэһик ыраахтааҕыта бэйэтигэр тиийинэн өлбүт. Мин аармыйата Цин аармыйатын кытта өрө турааччылары утары сэриилэһэргэ күһэллибит. Тиһэҕэр Цин аармыйатын баһылыга Доргон былааһы бэйэтигэр ылбыт, Пекиҥҥэ киирбит, Мин ыраахтааҕытын аймахтарын өлөртөөбүт. Доргон бу саҕана кыра саастаах импэрээтэргэ (убайын уолугар) регент этэ, дьиҥ былаас киниэхэ баара.
- 1895 — Ньиэмэс физигэ Вильгельм Конрад Рентген элэктириичэстибэҕэ сыһыаннаахх эспэримиэннэри оҥоро сылдьан рентген сардаҥаларын булбут. Рентген сардаҥалара билигин мэдиссиинэҕэ, аэропорт куттала суох буолуутугар, дефектоскопияҕа, матырыйааллары чинчийиигэ уо.д.а. эйгэлэргэ киэҥник туттуллаллар. 1901 сыллаахха ити арыйыытын иһин Рентген физикаҕа аналлаах маҥнайгы Нобель бириэмийэтин ылбыта.
- Петроградка Аврора кириэйсэр көмөтүнэн Кыһыҥҥы дыбарыаһы ылбыттар. Быстах кэм бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин хаайбыттар, ол эрээри, сарсыныгар босхолообуттар.
- 1917 (эргэ истиилинэн алтынньы 26) — Сэбиэскэй былаас бастакы дэкириэттэрэ тахсыбыттар: "Эйэ туһунан" — Аан дойду бастакы сэриитин тохтоторго ыҥырыы, "Сир туһунан" — помещиктар сирдэрин бааһынайдарга биэрии, "Былаас туһунан" — саҥа Сэбиэскэй былаас уорганнарын тэрийии.
- 1917 (эргэ истиилинэн алтынньы 26) — Сэбиэскэй былаас бырабыыталыстыбата төрүттэммит — Норуот хамыһаардарын сэбиэтэ (Совнарком). Бэрэстээтэл Ленин буолбут, 11 хамыһаар анаммыт (ону таһынан тимир суол хамыһаарын дуоһунаһа ааттаммыт эрээри киһи анамматах, аармыйаны биир хамыһаар буолбакка үс киһилээх кэмитиэт салайар буолбут). Арассыыйаҕа аан бастаан омуктарынан анаан-минээн дьарыктанар уорган баар буолбут — наркомнац (хамыһаарынан Джугашвили-Сталин анаммыт).
- 1923 — Германияҕа Мюнхен куоратыгар Пиибэ путча буолбут. Адольф Гитлер бэйэтин куомуннаахтарын кытары судаарыстыбаннай переворот оҥоро сатаабыта кыаллыбытах. Гитлер судаарыстыбаны таҥнарыыга буруйданан 5 сыллаах түрмэ хаайыытыгар ууруллубут, ол эрээри 9 ый ааспытын кэннэ босхоломмут. Бу путч кинини Германия үрдүнэн аатырдыбыта.
- 1928 — Дьокуускайга уобаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ хартыына саалата аһыллыбыт. Саалаҕа 106 хартыына уонна эскиз, ол иһигэр 10 Сибиир худуоһунньуктарын, 69 саха худуоһунньуктарын киэннэрэ уонна 27 Третьяковскай галерея хартыыналара көрдөрүллүбүттэр. Бу саалаттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин наассыйалыы уус-уран түмэлэ үүнэн тахсыбыта.
- 1943 — ССРС үрдүкү байыаннай уордьана «Кыайыы» уонна эмиэ байыаннай «Албан Аат» уордьана олохтоммуттар.
- 1961 — "Көрдөөхтөр уонна булугас өйдөөхтөр кулууптара" — КВН («Клуб весёлых и находчивых») программа аан бастаан эпииргэ тахсыбыт.
- Home Box Office (HBO) төлөбүрдээх тэлэбиидэнньэ ситимэ баар буолбут.
- өрө туруу буолбут. Валерий Саблин диэн замполит хараабыл хапытаанын хаайбыт уонна дойду салалтата Кронштадка (Швеция кыраныыссатыттан чугас) баран эрэр хараабылы буомбалаан тохтоппутарын кэннэ хапытаан Саблины бэстилиэтинэн атахха бааһырдан былааһы бэйэтигэр төннөрбүтэ. Саблины сууттаан баран дойдуну таҥнарыыга буруйдаан ытан өлөрбүттэрэ, киниэхэ көмөлөспүт Александр Шеин диэн мотуруоһу 8 сыл хаайыыга ыыппыттара. Атыттар дисциплинарнай миэрэҕэ тардыллыбыттара. 1994 сыллаахха дьыала хат көрүллүбүтэ, Үрдүкү суут таҥнарыыга буруйдарын устубута, ол эрээри устаабы кэһиигэ буруйдарын бигэргэппитэ, онон толору реабилитациялаабаҕа.
- 2007 — Мэҥэ Хаҥалас улууһун киинэ Майаттан Аллараа Бэстээххэ көһөрүллүбүт. Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэ хас даҕаны суол ыпсыытыгар сытар: икки федеральнай суолталаах суол (М56 "Өлүөнэ" уонна "Халыма"), биир өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах суол ("Амма"), Амур-Дьокуускай тимир суол уонна Өлүөнэ өрүһүнэн устуу суолун хорук тымыра. Ону кытары өрүс уҥуор A331 "Бүлүү" бэдэрээл суолталаах суол аартыга баар.
Төрөөбүттэр
- Степан Эрьзя (1959 өлб.), худуоһунньук уонна скульптор.
- 1902 — Андрей Попов Бүлүү уокуругун Үгүлээтигэр төрөөбүт нуучча этнолога (1960 с. өлб.), ойууннааһыны чинчийбитэ, дулгааннар уос номохторун бастакы классификациятын оҥорбута.
- 1905 — Дмитрий Дьячковскай - Сэһэн Боло — саха биллиилээх фольклору хомуйааччыта, кыраайы үөрэтээччитэ.
- 1911 — Александр Ополовников — биллиилээх архитектор-реставратор, архитектура билимин дуоктара. Ополовников салататынан 50-ча нуучча архитектууратын мас пааматынньыктара сөргүтүллүбүттэрэ, ол иһигэр нуучча мас зодчестватын киэн туттуута — аатырбыт Кижи, уонна Дьокуускай остуруогун башнята. Ону кытары кини сүүрбэттэн тахса сыл тухары Саха сирин кэрийэ сылдьан былыргы мас тутуулары үөрэппит.
- 1921 — Дмитрий Петров (04.01.1994 өлб.) — устуоруйа билимин хандьыдаата, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Саха Сирин Аҕа дойду Улуу сэриитин кэминээҕи историяны үөрэппит биир биллиилээх чинчийээччи. Кини көҕүлээһининэн, Саха Сириттэн баран хорсуннук сэриилэспит, сэрии хонуутугар охтубут буойуннар кэриэстэрин ытыктаан, Ильмень күөл кытыытыгар памятник, Кашира аттыгар монумент туруоруллубуттара.
- 1928 — Михаил Иванов - Багдарыын Сүлбэ — топонимист, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи. Саха Сирин топонимикатыгар үгүс научнай уонна научно-популярнай кинигэлэри суруйбута.
- 1929 — Дмитрий Кустуров — саха аатырбыт суруналыыһа, тылбаасчыт, ССРС бэчээтин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Томпо уонна Таатта улуустарын Ытык киһилэрэ.
- 1934 — Юрий Мочанов — археолог, «Хотугу сулус» уордьан кавалера. Кини салайар эспэдииссийэтэ 40 сыл тухары Саха сирин барытын чинчийбитэ. Былыргы палеолит (3—2,5 мөл сыл ынараа өттүттэн) археология эбийиэктэриттэн саҕалаан эрдэтээҕи саха култууратыгар диэри (XVIII үйэ) 1000 тахса эбийиэк чинчийиллибит.
- 1948 — Федор Жегусов — саха живописеһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
Өлбүттэр
- Иван Бунин (1870 төр.), нуучча суруйааччыта, Нобель бириэмийэтин лауреата (1933).
- 1986 — Вячеслав Молотов (1890 төр.), сэбиэскэй салайааччы, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.