Балаҕан ыйын 13

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕан ыйын 13 диэн Григориан халандаарыгар сыл 256-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 257-c күнэ). Сыл бүтүө 109 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Африка, Соҕуруу Америка дойдулара, Улуу БританияРоальд Даль — Норвегияттан төрүттээх Британияҕа олорбут аатырбыт оҕо суруйааччыта, Иккис аан дойду сэриитин кэмигэр аас лүөччүк
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа — Парикмахер күнэ
  • Аан дойдуга Программист күнэ (сыл 256-с күнүгэр бэлиэтэнэр, онон ордук хонуга суох сылга бүгүн түбэһэр)
  • МиэксикэFlag of Mexico.svg Миэксикэ — Ниньос Героэс күнэ (дьоруой уолаттар күннэрэ, Мехиконы 1847 сыллаахха көмүскээһин кэмигэр өлбүт алта 13-19 саастаах уолу кэриэстээн бэлиэтэнэр)
  • МаврикийFlag of Mauritius.svg Маврикий — Инженер күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1229 — Курултаайга Чыҥыс Хаан үһүс уола Үгэдэй Монгол импиэрийэтин Улуу Хаанынан биллэриллибит.
  • Кёнигсберг (билигин Калининград) кафедралаах собуорун туһунан бастакы ахтыы.
  • 1501 — Микеланджело Давид статуятын саҕалаабыт.
  • Жан Кальвин Женеваҕа төннүбүт, уонна сыаркабы кэлин кальвинизм диэн ааттаммыт тосхолунан уларыта туппута.
  • 1736 — Соҕуруу Ураалга Силэбэ диэн сиргэ Челябинскай куорат олохтоммут. Башкиирдыы «силәбе» — намтал, оҥхой.
  • целлулоид фотопленканы патеннаабыт.
  • 1902Улуу Британияҕа бастакытын киһи буруйун тарбаҕын суолун туһанан дакаастаабыттар.
  • 1914Аан дойду бастакы сэриитэ: Германия уонна Франция Эне аттынааҕы кыргыһыылара саҕаламмыт.
  • Амуур-Дьокуускай массыына суолун тутарга диэн уураах ылыммыт.
  • 1948 — соторутааҕыта Британияттан тутулуга суох буолбут Ииндийэ сэриилэрэ Хайдарабад штааты сэриилии аттаммыттар. Дьиҥэр Британия субконтинентан тахсан биэрбитин кэнниттэн штааттар бары туһунан судаарыстыба буолар кыахтаахтара, ол эрээри бу кэмҥэ диэри бары Ииндийэҕэ эбэтэр Пакситааҥҥа холбоспуттара, арай саамай баай штаат Хайдарабад туспа хаалбыта. Бу кимэн киирии түмүгэр штаат Ииндийэ сорҕотунан буолбута.
  • 1965ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ доруобуйаҕа буортулаах үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо босхо үүт түҥэтиллиэхтээҕин туһунан уураах таһаарбыт.
  • Варшава байыаннай сөбүлэҥиттэн тахсыбыт.
  • 1985 — Nintendo хампаанньа Super Mario Bros. ("Супер Марио ини-биилэр") оонньууну Дьоппуоҥҥа бастакытын таһаарбыт. Бу оонньуу 20 сыл тухары аан дойдуга саамай киэҥник атыыламмыт оонньуу аатын сүкпүтэ.
  • Десмонд Туту салалталаах апартеиды утары улахан марш буолбут.
  • Ицхак Рабин уонна өр сылларга саа-саадах тутан охсуспут Палестина босхолонуутун тэрилтэтин баһылыга Ясир Арафат илии тутуспуттар. Бу күн Палестинаҕа хааччахтаах автономия олохтоммут.
  • 1999 — Москубаҕа Каширскай шоссеҕа аҕыс этээстээх дьиэни дэлби тэптэрбиттэр. 127 киһи өлбүт.
  • 2007ХНТ Генеральнай Ассамблеята Олохтоох омуктар бырааптарын туһунан декларацияны ылыммыт. Бу докумуоҥҥа олохтоох омуктар культуураларын уонна институттарын харыстыыр бырааптара, ону кытары хайа хайысханан сайдыы суолун туталларын бэйэлэрэ быһаараллара этиллэр.
  • 2008
    • Пекиҥҥэ Паралимпиадаҕа Анастасия Диодорова 50 м баттерфляйынан харбьааһыҥҥа (S6 категория) үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт (39,93), көмүс мэтээли ылбыт кытай Цзян Фуинь аан дойду рекордун олохтообут (38,44).
    • Балаҕан ыйын 13-14 күннэригэр Липецкэйгэ Арассыыйа спортиҥҥа чөмпүйэнээтигэр Айаал Макаров үһүс миэстэни ылбыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр