Олохтоох омуктар
Олохтоох омуктар - ханнык эмит сиргэ былыргыттан олохсуйбут төрүт омуктар. Урукку кэмҥэ (XVI үйэттэн саҕалаан) бөдөҥ сэриилээх Европа омуктара аҕыйах ахсааннаах омуктар уруккуттан олорбут сирдэригэр (Азияҕа, Африкаҕа, икки Америкаларга) өтөн киирэн, кинилэри күөмчүлээн, кыһарыйан, бэйэлэрин судаарыстыбаларыгар киллэрбиттэрэ. Ол түмүгэр олохтоох омуктар бас билэр сирдэриттэн маппыттара, баайдарын-дуолларын сүтэрбиттэрэ, култууралара уларыйбыта, тылларын сүтэрэр халыыпка киирбиттэрэ.
Билигин аан дойдуга ханнык баҕарар омуктар бэйэлэрин култуураларын сүтэрэллэрэ куһаҕана, ол бар-дьон култууратын дьадатара, дьон олоҕун уустугурдара бастакы күөҥҥэ таҕыста. Ол иһин ХНТ, чуолаан ЮНЕСКО, уонна да атын тэрилтэлэр уонна биирдиилээн дойдулар бырабыыталыстыбалара төрүт култуураны харыстыырга, омуктар тыллара сүппэтигэр болҕомтолорун уураллар. Ол холобурунан ХНТ икки төгүллээн, 1994 уонна 2004 сыллардаахха, Олохтоох омуктар уон сылларын анаабыта буолар. Ону таһынан 1994 сылтан сыл аайы атырдьах ыйын 9 күнүгэр Олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэрэ бэлиэтэнэр.
ХНТ Генеральнай Ассамблеята 62-с сессиятыгар Олохтоох омуктар бырааптарын туһунан Декларация ылыммыта. Бу декларация сокуон буолбатах эрээри, ХНТ дойдулара сайдар тосхоллорун быһаарар. Кини бу дойдуларга киһи бырааба күөмчүлэммэтин, олохтоох омуктар баттаныылара уонна култуураларын сүтэриилэрэ суох буоларын туһугар бу дойдулар тугу эрэ гыныахтаахтарын туһунан этэр.