Олунньу 2

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олунньу 2 диэн Григориан халандаарыгар сыл 33-с күнэ. Сыл бүтүө 332 күн (ордук хонуктаах сылга 333 күн) баар.

Бэлиэ күннэр

  • Аан дойдутааҕы бадарааннаах сирдэр күннэрэ. 1971 сыл олунньу 2 күнүгэр Рамсар куоракка (Ираан) көтөрдөр үөскүүр бадарааннаах сирдэрин харыстыыр туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаммыт. Сэбиэскэй Сойуус онно 1977 сыллаахха кыттыспыт. Билигин Арассыыйаҕа аан дойду суолталаах 35 харыстанар бадараан сирдэр бааллар.
  • АзербайджанFlag of Azerbaijan.svg АзербайджанЫччат күнэ
  • АХШТаарбаҕан күнэ. АХШ-ка уонна Канаадаҕа бэлиэтииллэр. Бу күн таарбаҕан хороонуттан тахсан бэйэтин күлүгүн көрөн куттанан төттөрү түстэҕинэ, ол аата кыһын уһуур, оттон былыттаах буолан күлүгүттэн куттамматаҕына саас түргэнник кэлэр диэн билгэлииллэр.
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа — Арассыыйа байыаннай албан аатын күнэ — Сталинградтааҕы кыргыһыыга Кыһыл Аармыйа ньиэмэс-фашист сэриилэрин үлтүрүппүт күнэ (1943).
  • ЭстонияFlag of Estonia.svg Эстония — Чүмэчи күнэ
  • ЭстонияFlag of Estonia.svg ЭстонияТартутааҕы дуогабар түһэрсиллибит күнэ (1920)
  • ПилипиинFlag of the Philippines.svg Пилипиин — Көнүстүүссүйэ күнэ

Түбэлтэлэр

  • Аларих II, вестготтар ахсыс хоруоллара, кэлин Аларих Бревиарийа диэн ааттаммыт (Breviary Alaricianum эбэтэр Lex Romana Visigothorum) «рим быраабын» хомуурунньугун бар дьонугар таһаарбыт.
  • 629 — Дзёмэй импэрээтэр Япония 34-с импэрээтэрэ буолбут.
  • 1238Бату хаан Москубаны урусхаллаабыт. Монголлар бу куораты Уруусьтан (Нуучча) түһээн хомуйар киин оҥорбуттара.
  • 1386Литва Улуу кинээһэ Йагайло Польша хоруолунан талыллыбыт. Кини оннугар Литва Улуу кинээһинэн аймаҕа Витовт буолбута. Кэлин Йагайло уонна Витовт күүстэрин түмэн үйэлээх өстөөхтөрүн Тевтон уордьан рыцардарын кыайбыттара.
  • Бобуулаах куорат тутуллан бүппүт.
  • Соҕуруу Амыарыка саамай улахан пуорда.
  • Сибиирдээҕи епархия төрүттэммит.
  • 1709 — Мас-о-Тьерра диэн арыыттан Александр Селькирк диэн киһини быыһаабыттар — бу киһи Робинзон Крузо прототииба буолбут. Арыыга түөрт сылтан ордук олорбут.
  • 1771Үөһээ Бүлүү 24 саха буоластарын уонна тоҥус кинээстэрэ алтан бэчээт ылбыттар.
  • 1848АХШ уонна Мексика эйэлээх дуогабарга илии баттаабыттар. 1846—1848 сыллааҕы сэрии түмүгэр Миэксикэ хотторон Техас, Нью Мексико, Үөһээ Калифорния сирдэрин биэрбит.
  • Таарбаҕан күнүн бэлиэтээбиттэр.
  • 1920Орто Азияҕа Кыһыл Аармыйа Арассыыйа импиэрийэтин вассала буола сылдьыбыт Хива ханлыгын суох оҥорбут.
  • 1920РСФСР уонна Эстония сэриитэ Тартутааҕы эйэ дуогабарынан түмүктэммит. Эстония тутулуга суох буолбут.
  • 1923 — Полковник Рейнгард баһылыктаах Пепеляев эписиэрдэрин батальона соһуччу саба түһэн Амма солобуодатын ылбыт. Кыргыһыыга үрүҥнэртэн 20 киһи өлбүт, 32 киһи бааһырбыт, кыһыллартан 3 киһи өлбүт, 49 киһи билиэн түбэспит. Бу түбэлтэ 4 күн иннинэ Иван Строд кыһыл этэрээтэ Амматтан Уус-Майа диэки үрүҥнэргэ утары айаннаабыт эбит.
  • 1943 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сталинград кыргыһыыта түмүктэммит, ньиэмэс бүтэһик чаастара бэриммиттэр.
  • 1946 — Соҕуруу Сахалин уонна Курил арыылара ССРС састаабыгар киирэллэрин туһунан ыйаахха илии баттаммыт.
  • 1959 — Хотугу Ураалга тоҕус хайыһардьыт "Дятлов эспэдииссийэтэ" өлбүт. Билигин да туохтан өлбүттэрэ чопчу быһаарылла илик.
  • көтөрдөр үөскүүр бадарааннаах сирдэрин харыстыыр туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаммыт.
  • ССРС-Афганистаан сэриитэ: Сэбиэскэй Сойуус бүтэһик тааҥкаларын холуонната Кабултан тахсыбыт.
  • Фредерик де Клерк Африка национальнай кэҥгириэһэ бобуллуута уһуллубутун биллэрбит уонна Нельсон Манделаны хаайыыттан таһаартарыам диэбит.
  • 2009Зимбабвеҕа деноминация буолбут, курса — 1 000 000 000 000 : 1 (1 триллион : 1). 2006-2009 сылларга бу курдук үс деноминация буолбута, онтон Зимбабве дуоллара эстибитэ.

Төрөөбүттэр

  • Буссенго Жан Батист — Боронтуус учуонайа, акадьыамык, агрохимияны төрүттээччи.
  • Сүхбаатар (Сухэ-Батор, сахалыы тылбааһа Сүгэ Боотур) — 1921 сыллааҕы Монголия өрөбөлүүссүйэтин салайааччыта.
  • Валерий Чкалов — сэбиэскэй көтөр аалы тургутааччы лүөччүк, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
  • Айн Рэнд (дьиҥнээх аата Алиса Зиновьевна Розенбаум) — Амыарыка суруйааччыта.
  • 1905 — Николай Черскэй — бөдөҥ сэбиэскэй учуонай, геолог, ньиэп уонна гаас үөскээбит сирдэр мэхээньикэлэрин чинчийээччи, 1964—1987 сыллардаахха ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын Саха Сиринээҕи филиалын Бүрүсүүдьүмүн бэрэстээтэлэ.
  • Сэссийэлиистии Үлэ Дьоруойа (1957), Ленин уордьанын кавалера (1957).
  • 1912 — Аркадий Филиппов — Чурапчыга улуус таһымыгар сэбиэскэй, партийнай уорганнарга өр үлэлээбит салайааччы, Чурапчы улууһун Ытык киһитэ, тыыл, үлэ бэтэрээнэ.
  • 1954 — Виктор Михалев — саха археолога, устуоруйа билимин хандьыдаата.
  • Шакира (Шакира Исабель Мебарак Риполь) — Колумбия ырыаһыта, үҥкүүһүтэ.

Өлбүттэр