Ыччат күнэ
Ыччат күнэ диэн Арассыыйаҕа бэлиэ күн, бэс ыйын 27 күнүгэр бэлиэтэнэр.
Устуоруйата
Сэбиэскэй ыччат күнэ 1958 сыллааххха олунньу 7 күнүгэр ССРС Үрдүкү сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн ыйааҕынан бэс ыйын тиһэх баскыһынньатыгар бэлиэтэнэр буолбута. Бу күн сүрүн тэрээһиннэри хомсомуол ыытара. Параадтар, кэнсиэртэр, викториналар, күрэхтэһиилэр буолаллара. Ону таһынан судаарыстыба ыччат сыл устун тугу гыммытынан түмүк таһаарара, ситиһиилээх ыччаты бэлиэтиирэ.
ССРС ыһыллыбытын кэннэ урукку өрөспүүбүлүкэлэр бу күн аатын уларыппыттара уонна үксүгэр атын күҥҥэ көһөрбүттэрэ. Бэс ыйын тиһэх баскыһыанньатыгар ыччат күнүн билигин Беларуська эрэ бэлиэтииллэр.
Арассыыйаҕа бу күн 1993 сыллаахтан бэрэсидьиэн Б. Н. Ельцин уурааҕынан сылын аайы бэс ыйын 27 күнүгэр бэлиэтэнэр буолбута.
1985 сыллаахха ХНТ «Аан дойдутааҕы ыччат сылын» ыыта сылдьыбыта. Арассыыйаҕа 2009 сыл — ыччат сылынан биллэриллибитэ.
Ыччат күнэ атын дойдуларга
Азербайдьан — олунньу 2 күнэ
Вьетнам — кулун тутар 26 күнэ
Тайвань — кулун тутар 29 күнэ
Кытай — ыам ыйын 4 күнэ
Түркийэ — ыам ыйын 19 күнэ
Соҕуруу Африка — бэс ыйын 16 күнэ
Украина — бэс ыйын 24 күнэ
Кирибати — атырдьах ыйын 7 күнэ
Ылыллыбыт сирэ
Бэс ыйын 27 күнэ — Ыччат күнэ, А. Налимова, «Кыым», 2009, 24№