Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ
Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (кыт. 中華民國, судургулуу 中华民国, пиньинь Zhōnghuá Mínguó, ааҥл. Republic of China), ол эбэтэр Тайбаан (кытайдыы 台湾, пиньинь Тàiwān) - Илин Азияҕа баар республика. Тайбаан суверенитетын аан дойдуга билиҥҥи кэмҥэ 23 дойду билинэр. Кытай Республиката Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин олохтообут дойдуларыттан биирдэстэрэ.
Кытай Республиката 1912 с. төрүттэмитэ. Ол кэмҥэ бүтүн Кытайы уонна Монголияны баһылыыр этэ. 1949 с. гражданскай сэрии кэнниттэн, Кытайга коммунистар былааска кэлбиттэрин кэннэ, урукку дьаhалта - Гоминьдан партията Тайбааҥҥа көспүтэ. Кытай Республикатын хонтуруолугар Тайбаан арыыны кытта Пэнху, Кинмень, Мацу уо.д.а. кыракый арыылар киирэллэр.
Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтэ Тайбааны бэйэтин провинциятынан ааҕынар (台湾省,tàiwānshěng). Онон Кытай Өрөспүүбүлүкэтын ыйытыыта ситэ быһаарылла илик.