Эгиипэт

Эгиипэт (араб. مصر‎‎ , Miṣr эбэтэр Máṣ) диэн улахан өттө Хоту Африкаҕа уонна кыра өттө Арҕаа Азияҕа (Синай тумул арыыта) баар дойду. Иэнэ 1,010,000 км2. Эгипеттан хоту Сир ортотунааҕы байҕал уонна илин Кыhыл байҕал бааллар. Кирбиилэhэр: Газа Балаhата уонна Исраил хотугулуу-илин, Судан соҕуруу уонна Лиибийэ арҕаа.

Эгиипэт Африка уонна Орто Илин ордук элбэх дьонноох дойдуларыттан биирдэстэрэ. Дойду дьонун ахсаана 82 млн., олор улахан өттүлэрэ Нил өрүс кытылларыгар олороллор. Онтон Саhаара кумах куйаар киэҥ сирдэрэ олус дэҥ дьонноохтор. Эгипет ордук улахан куораттара Каир уонна Александрия.

Былыргы Эгиипэт аан дойду ордук былыргы уонна биллиилээх цивилизацияларыттан биирдэстэрэ. Биллиилээх история күндүлэринэн буолаллар Гиза пирамидалара, Улахан Сфинкс, Луксор куорат, Карнак Таҥара дьиэтэ уонна Хоруоллар хонуулара.

Эбии бу тиэмэҕэ