Арааб тыла

Арааб тыла диэн семит тылларыттан биирдэстэрэ. Аныгы арааб тыла 27 хос тылларга арахсар.

Арааб тыла Ислам дойдуларын тылларыгар улаханнык дьайбыта. Орто үйэлэргэ Эуропа тылларыгар дьайбыта, сүрүннээн үөрэх, математика уонна философия эйгэлэригэр. Ол иhин үгүс Эуропа тылларыгар арабтыыттан киириилэр элбэхтэр.

Арааб тыла бэйэтэ былыр былыргыттан атын тыллартан дьайыылаах, бастатан туран гириэктииттэн, перстыыттан уонна санскриттан. Аныгы арааб тылыгар Эуропа тылларыттан элбэх киирии баар.

undefined

Быһаарыылар

  1. Nationalencyklopedin (швед.) — 1999.
  2. Ethnologue — 25 — Даллас: SIL International, 2022.
  3. Красная книга языков ЮНЕСКО