Чад
Чад (фр. Tchad, араб. تشادTshād) диэн Орто Африка дойдута. Кинилиин кирбиилэhэллэр Лиибийэ хоту, Судан илин, Орто Африка Республиката соҕуруу, Камерун уонна Нигерия соҕуруулуу арҕаа, Нигер арҕаа. Чад сүрүн үс регионнардаах: кумах куйаар зоната хоту, саhель кура ортоку уонна саванна зоната илин. Африка иккис улахан күөлэ Чад баар. Чад ордук үрдүк чыпчаала Эми Кусси Саһаараҕа баар. Киин куорат Ндьамена. Чадка 200 тахса араас тыллар уонна омуктар бааллар. Араб уонна француз тыллара официаллык суолталаахтар. Сүрүн итэҕэл Ислам. Аан дойду ордук дьадаҥы дойдуларын ахсааннарыгар киирэр.