Азербайдьан
Азербайдьан (азер. Azərbaycan), официаллык Азербайдьан Өрөспүүбүлүкэтэ (Azərbaycan Respublikası) — Соҕуруу Хапхаас ордук улахан уонна элбэх дьонноох дойдута. Икки континеҥҥа сытар: Илин Эуропаҕа уонна Арҕаа Азияҕа. Азербайдьантан илин Каспий байҕал баар, соҕуруу Иран, соҕуруулуу-арҕаа Эрмээн Сирэ, арҕаа уонна хотугулуу-арҕаа Грузия уонна хоту Россия. Азербайдьан Нахчыван диэн эксклавыттан Иран соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа баар, Түркийэ арҕаа уонна Эрмээн Сирэ хоту уонна илин. Дойду Каспий байҕалга хас да арыылардаах.[3]
Азербайдьан секулярдыы уонна биир кэлим өрөспүүбүлүкэ.
Устуоруйата
Урукку бириэмэгэ Азербайдьан «Кавказ Албанията» диэн аатанар этэ, уонна Византийа уонна Персия бириэмэтигэр автономия быһыытынан сылдьбыта.
Арааптар 7-с үйэҕэ былдьаабыттарын кэниттэн мусульмааннар сабыдыалыгар 19-с үйэҕэ дылы сылдьыбыта.
1920 сыллаахтан 1991 сылга дылы ССРС өрөспүүбүлүкэтэ буолбута.
Нууччалар Азербайдьаҥҥа 19-с үйэ саҕаланыытыттан олорбуттара, ол гынан баран ССРС суох буолбутун кэнниттэн Азербайдьаҥҥа ахсааннара аччыыр тоҕо диэтэххэ нуччалар уонна атын норуоттар Азербайдьантан барбыттар.