1920 сыл
Сыллар |
---|
1916 1917 1918 1919 — 1920 — 1921 1922 1923 1924 |
Уоннуу сыллар |
1890-с 1900-с 1910-с — 1920-с — 1930-с 1940-с 1950-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1920 сыл.
Түбэлтэлэр
- Атыылаhар кыах паритета айыллыбыт
Тохсунньу
- Тохсунньу 1 — Верхоянскайга Дьокуускайтан Сибииргэ барытыгар уонна Саха сиригэр Сэбиэскэй былаас олохтонорун туһунан бирикээс кэлбит. Олохтоох дьон уопсай мунньахтарыгар Үөһээ Дьааҥытааҕы саха уонна хаһаах депутаттарын сэбиэтэ тэриллибит. Сотору бу Сэбиэт былааһы бэйэтигэр ылбытын туһунан илдьиттэри Булуҥҥа, Усуйаанаҕа, Абыйга уонна Орто Халымаҕа ыыппыт.
- Тохсунньу 4 — Иркутскайга адмирал Александр Колчак тутуллубут уонна олунньу 7 күнүгэр премьер-миниистир Виктор Пепеляевы кытта ытыллыбыт. Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ Сэбиэскэй былаас олохтоммут.
- Наассыйалар Лиигалара баар буолбут. Саҥа тэрилтэ тохсунньу 16 күнүгэр Парижка бастакы мунньаҕын ыыппыт.
- Тохсунньу 16 — Парижка Наассыйалар Лиигаларын сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолбут.
- Тохсунньу 17 — АХШ Көнүстүүссүйэтигэр 18-с уларытыы күүһүгэр киирбит, дойдуга арыгы атыыта, оҥоруута уонна тиэйиитэ бобуллубут. 1933 сыл ахсынньы 5 күнүгэр бу бобуу көтүрүллүбүтэ.
Олунньу
- Олунньу 2 — Орто Азияҕа Кыһыл Аармыйа Арассыыйа импиэрийэтин вассала буола сылдьыбыт Хива ханлыгын суох оҥорбут.
- Олунньу 2 — РСФСР уонна Эстония сэриитэ Тартутааҕы эйэ дуогабарынан түмүктэммит. Эстония тутулуга суох буолбут.
- Олунньу 19 — Дьокуускайга Байыаннай-революционнай трубинал тэриллибит. Сотору кэминэн кыһыллар өттүлэриттэн репрессиялар саҕаламмыттар.
Кулун тутар
- Мурманскайы кыһыллар ылбыттар.
- Кулун тутар 14 — амньыыстыйаламмыт Өксөкүлээҕи Саха күбүөрүнэтин чинчийэр подотделын уус-уран литэрэтиирэҕэ сиэксийэтин сэбиэдиссэйинэн анаабыттар.
- Х.А. Гладунов, чилиэннэрэ — Т.З. Винокуров, М. Соловьев.
- Кулун тутар 15 — кэлин үрүҥнэр салайааччыларыттан биирдэстэрэ буолбут Михаил Артемьев ревком бэрэстээтэлинэн анаммыт.
Муус устар
- Муус устар 15 — Дьокуускайга уездтааҕы (киин улуустар) сири оҥорооччулар сийиэстэрэ саҕаламмыт, муус устар 22 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэскэ көрүллүбүт боппуруостар: 1) Олохтоох сирдэртэн дакылааттар. 2) Уездкэ сири туһаныы туруга. 3) Сэбиэскэй былаас декреттэрин билсии, кинилэри олоххо киллэрии.
- А.Е. Кугаевскай талыллыбыт. Бу кэннэ куораттарга, нэһилиэктэргэ, уездтарга комсомол ячейкалара үөскээн барбыттар. Ол курдук 1921 сыл олунньутугар Саха сирин комсомолун кэккэтигэр 625 киһи баара.
- Иркутскай губерния оройуона тэриллибит. Бу уурааҕы Максим Аммосов утаран Сибревкомҥа уонна билэр киһитигэр Емельян Ярославскайга суруктары, телеграммалары ыыталаабыт, Саха сирэ туспа уобалас буолуохтааҕын эппит, тоҕо диэтэр "эрэбиллээх сибээс суоҕар уобалаһы Иркутскайтан салайар букатын сатаммат... Дойду олоҕо тохтуо, 300 биэрэстэ ыраахтан 3 мөлүйүөн квадратнай биэрэстэ иэннээх сири туспа усулуобуйатын билбэккэ эрэ салайар кыаллыбат. Уобалас 95% саха нэһилиэнньэлээх, кинилэр олохторо-дьаһахтара олус элбэх уратылардаах. Бу курдук уруккуттан баар быраап быһыллыытын саха дьоно ыараханык ылыныахтара, омук быһыытынан дьоһуннарын Сэбиэскэй былаас атаҕастыырын курдук саныахтара. Олохтоох дьон абааһы көрбүт, кинилэр интэриэстэрин ахсарбат ыраахтааҕы кэминээҕи киин сиртэн салайыы туһунан өйдөбүл саҥатынан сылдьар." Саха сирэ уонна Иркутскай губерния сыһыаннарын дьүүллэһэр хамыыһыйа тэриллэр, сэкиритээринэн кэлин саҥа былааһы утаран ВЯОНУ бэрэстээтэлэ буолбут Георгий Ефимов үлэлиир. Сотору кэминэн атырдьах ыйын 21 күнүгэр Сибревком уурааҕынан Саха уобалаһа сөргүтүллүбүт.
Бэс ыйа
- А.Ф. Попов.
Атырдьах ыйа
- Саха аймах" уопсастыба салайар дьоно "Оросин саагыбарыгар" кыттыбыттарын иһин ыһыллыбыт. Сиббюро бу быһыыны өйөөбөтөх, репрессиялары эрэ туһанар сыыһатын, культурнай-сырдатар уопсастыба Сэбиэскэй былааска да үлэлиэн сөбүн ыйбыт. Ол туһугар большевиктар бары бу уопсастыбаҕа киирэн салайааччы оруолун ылыахтаахтар эбит. "Саха аймах" уопсастыба уокуруктарынан уонна улуустарынан филиаллардааҕа, үөрэҕэ суохтары ааҕарга-суруйарга үөрэтиинэн, литературнай уонна драматическэй куруһуоктары тэрийиинэн дьарыктанара, сырдатыы темалаах дакылааттары ааҕар биэчэрдэри оҥороро. 1918 сыллаахха бу уопсастыба Сэбиэскэй былааһы билиммэтэҕэ.
- Варшаватааҕы кыргыһыыга кыайбыт (Сэбиэскэй Арассыыйа уонна Польша 1919—1921 сс. сэриитэ).
- Иркутскай губерния оройуона буолбута.
Балаҕан ыйа
- Балаҕан ыйын 8 — Сибревком Саха сиринээҕи боломуочунайа М. Аммосов РКП(б) Саха сиринээҕи оргбюротун мунньаҕар Саха уобалаһыгар күбүөрүнэ бырааба бэриллибитинэн оргбюрону уларытар туһунан эппит.
- Иосиф Альперович анаммыт.
Алтынньы
- Оксфорд университетыгар ылыллыбыттар.
Сэтинньи
- Сэтинньи 4 — РСФСР иһигэр Удмурт, Марий уонна Калмык автономнай уобаластарын тэрийэр туһунан дэкириэт тахсыбыт. Ленин илии баттаабыт.
- Саха аймах" уопсастыбаны солбуйбут. "Саха омук" сыала-соруга: Саха сирин культурнай күүһүн түмэн саха норуотун культурнай таһымын, омук быһыытынан бэйэни өйдөөһүнүн өрө көтөҕүү; өй-санаа уонна эт-хаан өтүнэн сайдыытыгар көмө; саха устуоруйатын, олоҕун-дьаһаҕын, майгытын уонна үгэстэрин үөрэтии; сөптөөх, туһалаах көр-нар тэрийии; былыргы кэм пааматынньыктарын харыстааһын; саха тылын сайыннарыы; учебниктары таһаарыы; сахалыы оскуолалары арыйыы уо.д.а.
- Сэтинньи 14 — Кыһыл аармыйа Кырыымҥа Севастополь куораты ылбыт.
- Женеватыгар Нациялар Лигаларын бастакы ассамблеята буолбут. Бу Аан дойду бастакы сэриитин кэнниттэн үөскүү сылдьыбыт дойдулар ардыларынааҕы тэрилтэ. Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн кыайыылаах тахсыбыт кыттыгастыы дойдулар Нациялар Лигаларын оннугар Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин төрүттээбиттэрэ.
- Сэтинньи 18 — "Дьахтар доруобуйатын харыстабылын туһунан" диэн РСФСР Доруобуйа харыстабылын уонна Үстүүссүйэ наркоматтарын холбоһуктаах уураахтарынан Арассыыйаҕа аан дойдуга бастакынан аборт көҥүллэммит. 1936-1955 сылларга Сэбиэскэй Сойууска аборт бобулла сылдьыбыта.
Ахсынньы
- Ахсынньы 1 — Уус-Маайа улууһун Петропавловскайыгар ааҕар балаҕан аһыллыбыт.
- Хотугу Ингрия Өрөспүүбүлүкэтэ суох буолбут, өрөспүүбүлүкэ киинэ буола сылдьыбыт Кирьясало сэлиэнньэ олохтоохторо Финляндияҕа көһөн хаалбыттар. Бу иннинэ Финляндия уонна Арассыыйа ыккардыларыгар түһэрсиллибит Тартутааҕы эйэ сөбүлэҥинэн (1920 сыл, алтынньы 14) өрөспүүбүлүкэ сирдэрэ Арассыыйаҕа бэриллибиттэрэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ сирдэрэ Ленинград уобалаһын Всеволожскай оройуонугар киирэллэр.
- Ахсынньы 22 — РСФСР Сэбиэттэрин VIII сийиэһигэр ГОЭЛРО диэн дойду электрификациятын былаана ылыллыбыт.
Төрөөбүттэр
- Тохсунньу 1 — Алексей Айкаров — Саха АССР үлэһит кылааһын уонна бырамыысыланнаһын устуоруйатын чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.
- Айзек Азимов — Америка фантаст суруйааччыта, билим популяризатора.
- Тохсунньу 20 — Федерико Феллини — Италия киинэ оҥорооччута, режиссера, «Оскар» бириэмийэ 5 төгүллээх лауреата. Феллини киинэлэрэ фантазияны уонна түүлү холбуур киинэлэр буолаллар.
- Олунньу 24 — Ефимов Гавриил Дмитриевич (24.02.1920—19.02.2000) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, тылбаасчыт, поэт.
- Космачёв Михаил Михайлович (1920—1944), Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1945).
- Муус устар 26 — Трофимов Василий Григорьевич (1920—1988), Социалистическай Үлэ Геройа.
- От ыйын 12 — Кондаков Николай Алексеевич, Сэбиэскэй Сойуус Геройа.
- Екатерина Местникова — дииктэр, ССРС бочуоттаах радииһа, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
- Сэтинньи 10 — Лев Габышев — драматуур, кэпсээнньит, тылбаасчыт, Саха сирин бастакы киинэ сценарииһа. «Абаҕа сулустара» диэн драмата Саха театрын сценатыгар туруоруллубута. Ону кытары Лев Габышев сценарийынан «Таджикфильм» киностудия «Көмүстээх үрүйэ» диэн Николай Якутскай сэһэнинэн «Тайна предков» диэн ааттаах уус-уран киинэни устубута.
- Сэтинньи 13 — Степанов Платон Афанасьевич — Ламутскай (1920—1986), эбээн поэта уонна суруйааччыта.
- Сэтинньи 21 — Федоров Михаил Михайлович, юридическай билимнэр доктордара, профессор.
- Ахсынньы 25 — Красильников Дмитрий Данилович (1920—1985), физик-учуонай.
Өлбүттэр
- Олунньу 7 — Александр Колчак — Арассыыйа бэлиитикэтин XX-с үйэ саҕаланыытын аатырбыт диэйэтэлэ, Кырасдааныскай сэрии кэмигэр үрүҥнэр басханнара, нуучча байыаннай флотун адьымыраала, гидрограф-учуонай.
- Олунньу 25 — Вадим Подбельскай — Саха сиригэр көскө ыытыллыбыт революционердар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүт, 1918-1920 сылларга РСФСР почталарын уонна телеграфтарын наркома.
Литература
- Калашников А. А. Якутия. Хроника, факты, события: 1917-1953 г. ч.2. — Дьокуускай: Бичик, 2004.