Муус устар 15

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Муус устар 15 диэн Григориан халандаарыгар сыл 105-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 106-c күнэ). Сыл бүтүө 260 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Earth flag PD.jpg — Аан дойдуга култуура күнэ
  • Earth flag PD.jpg — Аан дойдуга ускуустуба күнэ
  • Арҕаа Бенгалия, Трипура уонна Ассам штааттар (ИиндийэFlag of India.svg Ииндийэ) — Поһила Бойшах (Бенгалия Саҥа дьыла)
  • АнглияFlag of England.svg Англия, Ливерпуль — Хиллсборо сиэртибэлэрин ахтан ааһар күн. 1989 сыллаахха Соҕуруу Йоркшир куоратыгар буолбут футболга Англия кубогун полуфинаалын кэмигэр трибунааҕа үөскээбит дьалхааҥҥа 94 киһини тэпсэн өлөрбүттэрэ. 2014 сыллаахха дьыаланы хос көрөн баран полиция уонна суһал көмө үлэһиттэрэ буруйдаахтара дакаастаммыта
  • Босния уонна ГерцеговинаFlag of Bosnia and Herzegovina.svg Босния уонна Герцеговина — Аармыйа күнэ
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — Джеки Робинсон күнэ. 1947 сыллаахха бу хара тириилээх спортсмен бейсбол үрдүкү лиигатыгар оонньуур буолбут. АХШ-ка спорт бу көрүҥэр 80 сыллаах тирии өҥүнэн араары (сегрегация) суох буолбут
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — АХШ хамсанан этэр тылын күнэ. АХШ уонна Канаада тыла суохтара Британия тыла суохтарыттан атын тылынан кэпсэтэллэр, бу тыл Франция тыла суохтарын тылларыгар маарынныыр. Ону таһынан бу тылынан Арҕаа уонна Соҕуруулуу Илин Африка дойдуларыгар кэпсэтэллэр
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ, ПилипиинFlag of the Philippines.svg Пилипиин — Нолуок күнэ
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — "Бостон биир күнэ" диэн ааттаммыт атын дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу уонна көмөлөһүү күнэ. Бостон марафонугар 2013 сыллахха буолбут теракт биир сыла туолуутугар Бостон баһылыга Марти Уолш биллэрбитэ. Бу күн дьон хаан туттараллар, быстар дьадаҥыларга көмөлөһөр пуондаларга ас-таҥас бэрсэллэр, түмэллэргэ босхо киллэрэллэр
  • Гаваай арыылараГаваай арыылара (АХШ) — Дамиан аҕабыыт күнэ. Бу Бельгияттан төрүттээх католик аҕабыыт 1889 сыллаахха бу күн өлбүт. 1873 сыллаахтан Гаваай арыыларыгар олорбут, онтон 11 сыл араҥ ыарыылаахтар лааҕырдарыгар олорон ыарыһахтары эмтээбит, санааларын бөҕөргөппүт, бэйэтэ сэллигинэн уонна араҥынан ыалдьан өлбүт
  • ГрузияFlag of Georgia.svg Грузия — Таптал күнэ
  • КазахстаанFlag of Kazakhstan.svg Казахстаан — Тапталлаахтар күннэрэ. Казаах эпоһын дьоруойдарын кытта ситимнээх
  • Соҕуруу КэриэйэКим Ир Сен төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр

Түбэлтэлэр

  • Терек өрүс үрдүгэр Тохтамыш сэриитин кыайбыт. Бу кэнниттэн Алтан Ордуу киин куоратын Сарайы суох гыммыта, бөрүстүөлгэ бэйэтин киһитин олордубута.
  • 1450Сүүс сыллаах сэрии түмүгэ: Форминьи аттынааҕы кыргыһыыга французтар Англия сэриилэрин урусхаллаабыттар, Хотугу Францияҕа баһылаан олорбут аҥылычаааннары үүрбүттэр.
  • 1755Лондоҥҥа Сэмюэль Джонсон «Ааҥыл тылын тылдьытын» таһаарбыт.
  • 1865 — АХШ бэрэсидьиэнэ Авраам Линкольн тыйаатырга Джон Уилкс Бут диэн артыыс бэстилиэтинэн ыппытын нөҥүө күнүгэр өлбүт.
  • 1888 — Дьокуускайга хаайыылаахтар уонна көскө ыытыллыбыттар оҕолоругар анаан приют аһыллыбыт. 1889 сыллаахха онно 42 оҕо баар эбит.
  • 1896 — Афины куоракка Грецияҕа аныгы кэм Бастакы Олимпиада оонньууларын сабыллыыта буолбут.
  • П.Е. Баранов. Барыта 44 нүөмэр тахсыбыт эбит.
  • 1920Дьокуускайга уездтааҕы (киин улуустар) сири оҥорооччулар сийиэстэрэ саҕаламмыт, муус устар 22 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэскэ көрүллүбүт боппуруостар: 1) Олохтоох сирдэртэн дакылааттар. 2) Уездкэ сири туһаныы туруга. 3) Сэбиэскэй былаас декреттэрин билсии, кинилэри олоххо киллэрии.
  • 1923 — Диабеттаахтарга инсулин аныыр буолбуттар.
  • 1941 — Люфтваффе икки сүүс бомбардировщига Белфаст куораты (Британия) буомбалаабытын түмүгэр тыһыынча кэриҥэ киһи өлбүт.
  • 1957 — 1939 сыллаахха Дьокуускай хаайыытыгар, доппуруос биир да түгэнигэр бэйэтин буруйдааҕынан билиммэккэ, кими да буруйга уган биэрбэккэ, кырбанан уонна аччыктаан 56 сааһыгар өлбүт судаарыстыбаннай диэйэтэл Илья Прядезников толору реабилитацияламмыт.
  • 1989
    • Кытайга Тяньаньмэнь болуоссат дьалхаана саҕаламмыт. Бэс ыйын 4 күнүгэр бүтэһиктээхтик хам баттаммыта. Чинчийээччилэр этэллэринэн бу түбэлтэттэн сылтаан Кытай Сэбиэскэй Сойуус аҕыйах кэминэн ыһыллыбытын курдук ыһылла сыспыта. Дэн Сяопин кытаанах дьулуура эрэ быыһаабыта.
    • Хиллсборо алдьархайа: Хиллсборо стадионугар полиция сатаан дьон халҕаһатын салайбакка футбол көрөөччүлэр өлбүттэр.
  • 2013
    • Ирааккка дэлби тэптэриилэр буолбуттар, 74 киһи өлбүтэ биллэр.
    • Бостон марафонун кэмигэр икки буомба эстибит, үс киһи өлбүт, 264 бааһырбыт.
  • 2019Парижка (Франция) аатырбыт Нотр-Дам де Пари собуор умайбыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр