Лукин Тимофей Спиридонович
Лукин Тимофей Спиридонович | |
---|---|
Төрөөбүт күнэ | 1913 |
Төрөөбүт сирэ | |
Өлбүт күнэ | 15 муус устар 1980 |
Өлбүт сирэ |
Лукин Тимофей Спиридонович (1914, Сатаҕай нэһилиэгэ, Амма улууһа, Саха уобалаһа — 15.04.1980) — биллиилээх сылгыһыт, Социалистическай Үлэ Дьоруойа.
Олоҕун олуктара
- 1914 сыллаахха Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.
- 1931 сыллаахха саҥа тэриллибит «Саҥа дэриэбинэ» холкуоска киирбит. Сотору кэминэн биригэдьииринэн, салалта чилиэнинэн талыллыбыт.
- 1942—1946 сс. — Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыт.
- 1946 сыллаахха «Саҥа дэриэбинэ» колхоз сылгы ферматын сэбиэдиссэйинэн анаммыт.
ССРС Үрдүкү Сүбэтин 1949 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи Ыйааҕынан сүөһү иитиитигэр үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Тимофей Спиридонович Лукиҥҥа Социалистическай Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
- Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин III уонна IV ыҥырыыларын дьокутаатынан талылла сылдьыбыт.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Социалистическай Үлэ Дьоруойа (1949)
- Ленин уордьана (1949)
- Амма улууһун ытык киһитэ
Аатын үйэтитии
- Биллиилээх сылгыһыт таһаарыылаах үлэтин туһунан суруйааччы Күннүк Уурастыырап суруйбут.
- Сатаҕай нэһилиэгин Тыа хаһаайыстыбатын кооператива Т.С. Лукин аатын сүгэр.
- Т.С. Лукин аатынан Сатаҕайга уулусса ааттаммыт.
Литература
Герои Социалистического Труда Якутской АССР: Биобиблиогр. справ. — Якутск, 1987. — С. 93—94.
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |