Бычырдаан

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бычырдаан, Никита Константинович Докторов - Саха сирин аатырбыт хапсаҕайдьыттарыттан биирдэстэрэ.

Билиҥҥи Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгэр 1913 с., муус устар 15 күнүгэр төрөөбүтэ.

Бычырдаан диэн ааты аҕатын атаһа Бүлүүгэ баар сир аатынан биэрбит. 17 саастааҕар Алын Бүлүү ыһыаҕар хапсаҕайга бастаабыт. 1932-1934 сс. Саха национальнай байыаннай оскуолатыгар үөрэммит. Ол үөрэнэ сылдьан күүстээх бөҕөстөрү Иван Ананьев-Моччорбону (Ньурба), Роман Петухову (Уус-Алдан), курдаһан тустуук татаар Аргылланы, биллиилээх күүстээҕи Аммос Аммосову, Баһылай Семенову (Ньурба) уо.д.а.

Өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр биирдэ даҕаны тустан көрбөтөх, ол гынан баран, бу Буучугурас курдук киһини 1937 с. кыһын уонна сайын анал көрсүһүүгэ тустан кыайбыт. Уҥуоҕунан, быһа холуйан эттэххэ, 1 м 85 см курдук эбит. Уонна муҥутаан сырыттаҕына, бэйэтэ да суруйарынан, 107 кг буола сылдьыбыт. Буучугурастыын бастакы көрсүһүүлэригэр бэрт тэҥҥэ тустубуттар. Үөһээ Бүлүүгэ көрсөн, Бүлүүттэн Ньурбаҕа хайыһар бохуотун оҥоро сылдьар кэмнэригэр салайааччылар булан көрүһүннэрбиттэр. Онно, ол тустубуттарыгар, Бычырдаан быраҕыытыгар Буучугурас тарбаҕынан хаары таарыйан ааспыта үһү.