1913

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1909 1910 1911 1912 — 1913 — 1914 1915 1916 1917
Уоннуу сыллар
1880-с 1890-с 1900-с — 1910-с — 1920-с 1930-с 1940-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэXXI үйэ

1913 сыл.

Туох буолбута

Күнэ-дьыла чопчулана илик эбэтэр биллибэт

  • "Саха саҥата" сурунаалга Оонньуулаах Уйбаан "Сут ырыата" бэчээттэммит. 1910-14 сылларга Саха сиригэр улахан кураан буолбута[1].

Тохсунньу

  • Тохсунньу 14 (урукку ааҕыынан тохсунньу 1 күнүгэр) — Дьокуускай уокуругун Боотуруус улууһа икки улууска хайытыллыбыт: Боотуруус уонна Таатта. Таатта улууһугар Алдан, Тыараһа, 2-с Дьохсоҕон, 1-кы Игидэй, 1-кы Дьохсоҕон, Уус-Амма, Дьүлэй, 1-кы Хайахсыт, 4-с Дьохсоҕон, 2-с Игидэй, 3-с Дьохсоҕон уонна Күнээйи, барыта 12 нэһилиэк киирбит. Ол эбэтэр саҥа улууска 4219 дууһа, 2113 үлэһит бэриллибит, эр киһитэ - 4434, дьахтара - 4313.

Олунньу

  • Крафт И.И. салалталаах саха сирин делегацията тиийбит. Делегация сасстаабар киирбиттэр Слепцов Д.И. уонна Никифоров В.В.
  • ОлунньуӨлүөнэттэн Сунтаарга диэри телеграф линията үлэҕэ киирбит.
  • Олунньу 13 — 13-с Далай-лаама Тибиэт Манчжуурдар динаастияларыттан тутулуга суоҕун туһунан биллэрбит. Бу кэнниттэн Тибиэт 40-ча сыл тутулуга суох дойду быһыытынан олорбута.
  • Олунньу 19 — Педро Ласкуран 45 эрэ мүнүүтэҕэ Миэксикэ бэрэсидьиэнэ буолбут. Бу аан дойду рекорда.

Бэс ыйа

  • Ярославскай Е.М. кэргэнинээн кэлбиттэр.
  • Крафт И.И. Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданинын аатын ылар.
  • Пономарев Михаил А. Саха уобалаһын күбүрүнээтэринэн ананар. Бу дуоһунаска үс аҥаар эрэ ый үлэлиир. Кини кэнниттэн бу дуоһунаска Рудольф Витте уонна барон Тизенгуазен үлэлээбиттэрэ.

Алтынньы

  • Алтынньы 31АХШ сирин-уотун байҕалтан байҕалга диэри туоруур бастакы шоссе, Линкольн шоссета, аһыллыбыт.

Ахсынньы

  • Ахсынньы 1Ford Motor Company бастакы конвейеры үлэлэппит. Бу технология массыына оҥоруутугар өрөбөлүүссүйэ оҥорбута.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • структурнай лингвистика төрүттэрин укпут киһи. Фердинанд де Соссюру XX үйэтээҕи лингвистика "аҕатынан" ааттыыллар.
  • Пономарев М.А., Якутскай уобалас губернатора.
  1. Ойунская С.П. В песнях - душа народа // народные песни в переводе Александра Плитченко Якутские народные песни. — Якутск: Якутское книжное издательство, 1988. — С. 3-9.