Пак Дюнгер

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Пак Дюнгер — Социалистыы Үлэ Дьоруойа.

Олоҕун олуктара

1913 сыллаахха атырдьах ыйын 10 күнүгэр төрөөбүт. Узбекистааҥҥа холкуоска үлэлии сылдьан дьоруой аатын ылбыт. 1965 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсыбыт. Кэлин Саха сиригэр олоро сылдьыбыта биллэр. Хаһан өлбүтэ биллибэт.

ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1951 сыл от ыйын 17 күнүнээҕи Ыйааҕынан Пак Дюнгерга Социалистическай Үлэ Геройун аата иҥэриллибит, Ленин уордьана уонна «Сиэрпэ уонна Балта» кыһыл сулус туттарыллыбыт.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Социалистическай Үлэ Геройа[1] (1951)

Өссө маны көр

Социалистическай Үлэ Геройдарын тиһигэ (Саха Сирэ)

Быһаарыылар

Сигэлэр