Атырдьах ыйын 9
Атырдьах ыйын 9 диэн Григориан халандаарыгар сыл 221-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 222-c күнэ). Сыл бүтүө 144 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- — Олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэрэ
- АХШ — Ойууру өртөн көмүскээһин күнэ
- Канаада — Эйэни хааччыйар сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ ааҥл. National Peacekeepers' Day
- Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Дьахтар күнэ
- Дьоппуон — Куустуһуу күнэ
- Арассыыйа албан аатын күнэ (Гангуттааҕы кыргыһыы)
Түбэлтэлэр
- Б.э.и. 48 сыл — Гражданскай сэрии кэмигэр Грецияҕа баар Фарсала куорат аттынааҕы кыргыһыыга Помпей сэриитин кыайбыт, Помпей Эгиипэккэ күрээбит.
- 378 — Адрианополь кыргыһыытыгар вестготтар Рим аармыйатын кыайбыттар, император Валент аармыйатын улахан аҥаарын кытта кыргыһыыга охтубут. Мантан ыла Арҕаа Рим импиэрийэтин ыһыллыыта саҕаламмыт.
- 1173 — Икки үйэ тухары салҕаммыт Пиза башнятын тутуута саҕаламмыт.
- 1329 — Папа Иоанн XXII Квилон диэн Ииндийэҕэ бастакы католическэй епархияны олохтообут. Бу Васко да Гама Ииндийэҕэ диэри байҕалынан суол булуон быдан иннинээҕи түгэн.
- Кириэмилгэ бэйэтин бэйэтэ ыраахтааҕынан биллэриммит, кэлин Лжедмитрий I быһыытынан биллибит кини ыраахтааҕыга бэргэһэлэммит.
- 1853 — Нуучча сэриилэрэ Сырдарья өрүскэ турар Ак-Мэчиэт диэн сири баһылаабыттар. Бу кыайыы Коканд ханствотын сэриилээһиҥҥэ көмөлөспүтэ.
- 1940 — Бэлиитикэҕэ улахан суолталаах Берлин—Багдад тимир суол тутуута түмүктэммит.
- 1945 — Аан дойду иккис сэриитэ бүтүүтүн саҕана Дьоппуоҥҥа Нагасаки куоратыгар АХШ атомнай буомба бырахпытыгар 74 тыһыынча киһи өлбүт.
- 1958 — Кытайга Мао Цзэдун "Баараҕай көҥү көтүү" диэн ааттаммыт реформатын саҕалаабыт. Бу реформа сатамматаҕа, улахан алдьархайга тиэрдибитэ. 1958 сылтан 1962 сылга диэри официальнай дааннайынан 45 мөл. тахса киһи сутаан өлбүтэ.
- 1965 — Сингапур куорат Малайзия састаабыттан таһаарыллыбыт. Билигин бу бэйэтин баҕатын утары тутулуга суох буолбут соҕотох судаарыстыба.
- Уотергейт айдаанын түмүгэр Ричард Никсон АХШ бэрэсидьиэнин дуоһунаһыттан батынарга күһэллибит.
- 1978 — Саха сиригэр сир аннынааҕы ядернай дэлби тэптэриилэртэн саамай улаханнара 22 килотонналаах «Кратон-4» оҥоһуллубут. Кэбээйи бөһүөлэгиттэн 30 км арҕаа сытар Бадарааннаах диэн күөл таһыгар 560 миэтэрэ дириҥҥэ сир баайын уөрэтэр сыаллаах сейсмозондирование оҥороору дэлби тэптэриллибит, саахал тахсыбатах.
- 1990 — РСФСР Үрдүкү Сэбиэтэ «Арассыыйа экэниэмикэҕэ суверенитетын көмүскүүр туһунан» диэн уураах ылыммыт. Бу уурааҕынан көмүскэ, алмааска, урааҥҥа уо.д.а. хостонор баайдарга Сэбиэскэй Сойуус туох баар дуогабардарын сотон кэбиспит.
- 1990 — Арассыыйа Федерациятын өрөспүүбүлүкэлэриттэн бастакыннан Карельскай АССР судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэт Декларациятын ылыммыт. Ол эрээри Арассыыйаттан арахсыбатаҕа. 1991 сыллаахтан РФ иһинэн Карелия Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттанар буолбута.
- Сергей Степашины премьер-миниистир дуоһунаһыттан уураппыт (кинини кытта туох баар миниистирдэр кабинеттарын), Владимир Путины Арассыыйа премьер-миниистиринэн анаабыт. Бу күн тэлэбиидэнньэҕэ Путины бэйэтин салҕааччытынан көрөрүн туһунан эппит.
- Александр Лукашенко кыайбыт. Киэһэ уонна түүн ону утаран Минскэйгэ уонна атын уобаластарга уонунан тыһыынча киһи таһырдьа тахсыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1913 — Георгий Шавкунов — сэрии иннинэ Дьокуускайга кэлэн олохсуйбут, сэриигэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбута.
- 1945 — Уйбаан Ороhуунускай — бэйиэт уонна публицист. Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Өлбүттэр
- 1925 төр.), ССРС-ка уонна АХШ-ка олорбут скульптор. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, десантнай рота хамандыыра, "Кыһыл Сулус" уордьан кавалера. Берлини ылыы кэмигэр сиһин тоноҕоһугар бааһыран икки сыл баттыктаах сылдьыбыта эрээри, ол кэнниттэн Ригаҕа уонна Москубаҕа үөрэнэр кэмнэригэр 14 сыл куруусчутунан, каменщигынан, литейщигынан үлэлээбитэ. Бастакы скульптураларын металлоломтан оҥорбута. Валютаны көҥүлэ суох атыылаабытын иһин уонна үспүйүөннээтиҥ диэн КГБ-лар хаста да тута, кырбаан эчэтэ сылдьыбыттара. Быыстапкаҕа турбут үлэлэрин Хрущев кириитикэлээбитэ (сэбиэскэй дьон сирэйдэрин алдьатан көрдөрөҕүн диэн буруйдаабыта). 1976 сыллаахха Швейцарияны нөҥүөлээн АХШ-ка көспүтэ, онно үлэлээн аатырбыта, скульптуралара аан дойду үрдүнэн тураллар. Перестройка кэмигэр Магадааҥҥа ГУЛАГ сиэртибэлэригэр, Калмыкияҕа күүстэринэн көһөрүллүбүт дьоҥҥо мэҥэлэри айбыта. Сылын ахсын Арассыыйаҕа туттарыллар "Тэффи" бириэмийэ статуэтката — кини үлэтэ.
|