Олунньу 16

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олунньу 16 диэн Григориан халандаарыгар сыл 47-с күнэ. Сыл бүтүө 318 күн (ордук хонуктаах сылга 319 күн) баар.

Бэлиэ күннэр

  • Хотугу КэриэйэFlag of North Korea.svg Хотугу Кэриэйэ — Чаҕылыйар сулус күнэ (Ким Чен Ир төрөөбүт күнэ)
  • ЛитваFlag of Lithuania.svg Литва — Судаарыстыбаннас сөргүтүллүүтүн күнэ (Арассыыйаттан уонна Германияттан 1918 сыллаахха)
  • АляскаFlag of Alaska.svg Аляска (АХШ) — Елизабет Ператрович күнэ (1988 сыллаахтан бэлиэтэнэр). Елизабет Ператрович (1911-1958, төрүүрүгэр Ḵaax̲gal.aat, тлинкииттии "бэйэтэ бэйэтин сууланар"), киһи быраабын туруулаһааччы, Аляска төрүт олохтоохторун аатыттан тэҥ быраап иһин охсуспута. Кини туруорсуутунан Аляскаҕа бу күн 1945 сыллаахха Дискриминацияны утары охсуһуу сокуона ылыныллыбыта.

Түбэлтэлэр

  • Андре де Лонжюмо диэн доминикаан манааҕа салайааччылаах посольствоны Монгуол импиэрийэтин баһылыгар Гуйук Хааҥҥа ыыппыт. Лонжюмо биир сыл устата айаннаан тиийиэр диэри Гуйук Хаан өлөн хаалбыт, саҥа хаан талыллыар диэри судаарыстыбаны салайан олорбут хаан ойоҕо Огул Хаймыс хоруол баай бэлэхтэрин бас бэринии бэлиэтин быһыытынан туппут, хоруй суругар хоруолу бэйэтин оччо ахсарбаттыы ахтыбыт.
  • Литва Улуу княжествотын сэриитэ Ливон уордьанын сэриитин Каруза аттынааҕы кыргыһыыга үлтүрүппүт.
  • 1722Бүөтүр I «Бүрүстүөл нэһилиэстибэтин туһунан ыйаахха» илии баттаабыт. Импэрээтэр оннугар хаалааччыны бэйэтэ талар буолбут. Бу ыйаахтан сылтаан XVIII үйэ Арассыыйаҕа дыбарыас перевороттарын үйэтэ буолбута.
  • 1854Казахстаҥҥа Жетысу (каз. Сэттэ уу, Семиречье) сиригэр Верный диэн кириэппэс олохтоммут. Билигин — Алматы.
  • 1916 — генерал Юденич Кавказтааҕы аармыйата Туурсуйа 3-с аармыйатын урусхаллаабыт, хааннаах кыргыһыы түмүгэр Эрзурум кириэппэһи ылбыт.
  • 1918Литва Арассыыйаттан уонна Германияттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
  • Андрей Коростин анаммыт, кини бастакы солбуйааччытынан Иван Дорофеев (кэлин кини наркомнаан олордоҕуна репрессия Саха сиригэр уһук чыпчаалга тиийбитэ).
  • 1937Америкаҕа Уоллес Х. Карозерс нейлоҥҥа патент ылбыт.
  • 1943Харьков куорат ниэмэс сэриилэриттэн босхоломмут. Ол эрэн кулун тутарга ниэмэстэр утары кимэн киирэн Харьковы төттөрү ылбыттара.
  • 1945Аляскаҕа тэҥ быраап туһунан сокуон олоххо киирбит. Бу АХШ-ка ылыныллыбыт дискриминацияны утары бастакы сокуон.
  • 1957ССРС-ка «За спасение утопающих» мэтээл олохтоммут.
  • 1962 — Саха сирин обкуомун бюрота бэйэтин сабыылаах мунньаҕар бастакы сэкиритээр Семен Борисов литэрэтиирэҕэ сыанабыллара алҕастааҕын, 1952 сыллаахха тахсыбыт суруйааччылары уонна учуонайдары омугумсуйууга буруйдуур уураах омсолоох содулун көннөрөр туһунан, учуонай Георгий Башарин кэнсиэпсийэтэ сөптөөҕүн бигэргэтэр уурааҕы ылыммыт[1]. Бу иннинэ ССКП Киин кэмитиэтин хамыыһыйата Москубаттан кэлэн бу боппуруоһу быһаарыыга Дьокуускайга үлэлээбитэ. Онон сүүрбэһис сылларга саҕаламмыт, 1944 сыллаахтан Илья Винокуров өҥөтүнэн саха чулуу суруйааччылара Өксөкүлээх, Алампа уонна Н. Неустроев ааттара тиллэ сылдьыбытын кэннэ хаттаан күөдьүйбүт мөккүөр уҕарыйбыта, суруйааччылар ааттара ыраастаммыта, айымньылара бобуллубат, оскуолаҕа үөрэтиллэр буолбута.
  • 1976ССРС-ка Каматааҕы массыына собуотун конвейерыттан бастакы КАМАЗ массыына оҥоһуллан тахсыбыт.
  • Экэниэмикэҕэ бииргэ үлэ тэрилтэтин (нууч. ОЭС) мунньаҕар Тегераҥҥа ОЭС чилиэннэринэн Азербайджан, Узбекистан, Туркменистан, Кыргыстаан уонна Таджикистан буолбуттар.
  • 2005 — Арассыыйа ратификациялаабытын кэнниттэн Киото боротокуола олоххо киирбит. Бу сайдыылаах уонна сайдан эрэр экономикалаах дойдулар парниковай эффеги оҥорор гаастары таһаарыыны кыччаталларын эбэтэр улаатыннарбаттарын мэктиэлиир докумуон.
  • 2005Бүлүү улууһун дьаралыга бигэргэммит.

Төрөөбүттэр

  • Николай Лесков (1895 өлб.), нуучча тылын сыыһырдар киирии тыллар утары охсуспут биллиилээх нуучча суруйааччыта. "Левша" туһунан айымньы ааптара.
  • Ким Чен Ир — 1994—2011 сылларга Хотугу Кэриэйэ басхана.

Өлбүттэр

  • 1871 — Шамиль Имам (1797 төр.), Хапхаас олохтоох омуктарын баһылыга, Хотугу Хапхаас имамаатын салайааччыта.
  1. Пртокол №18 заседания бюро Якутского обкома КПСС от 16 февраля 1962 года.// Нацархив РС(Я), фонд П-3, опись 220, дело 32