Дорофеев Иван Андрианович
Иван Андрианович Дорофеев | |
---|---|
И. А. Дорофеев | |
Төрөөбүт күнэ | 1895 |
Төрөөбүт сирэ | Нижегородская губерния, Российская империя |
Өлбүт күнэ | 22 тохсунньу 1940 |
Өлбүт сирэ | Советский Союз |
Дорофеев Иван Андрианович — Саха АССР НКВД-тын наркома, кини ис дьыала уорганнарын салайан олорбут кэмигэр Саха сиригэр репрессия чыпчаала буола сылдьыбыта.
1895 сыллаахха тохсунньу 18 күнүгэр оробуочай дьиэ кэргэнигэр Нижегородскай күбүөрүнэҕэ Кулебяки куоракка төрөөбүтэ. 1915 сылтан Хара байҕал флотугар мотуруоһунан сулууспалаабыта, онно сэриини утары аҕытаассыйаны ыыппытын иһин икки ый хаайыыга сыппыта, онтон миннай оскуоланы бүтэрэн «Счастливый» диэн миноносецка слууспалаабыта. 1917 сыл бэс ыйыгар хараабыл кэмитиэтин бэрэстээтэлинэн уонна Севастополь реввоенсоветын чилиэнинэн талыллыбыт. Бу кэмҥэ бассабыык тар баартыйаларыгар киирбит. Гражданскай сэрии кэмигэр румыннары уонна Щербаков генерал сэриилэрин утары сэриилэспит кыһыл чаастарга сулууспалаабыта. Одесса куоратын өрөпкүөмүн чилиэнэ буола сылдьыбыт. Наарва анныгар кыргыһыыларга батальону хамаандалаабыт. 1919 сыллаахха төрөөбүт куоратыгар Кулебякига ыытыллыбыт, онно полка тэрийэн хамыһаар буолбут. Колчак утары сэриилэспит. 1920 сыллаахха Тургай истиэптэригэр ыытыллыбыт, онно өстөөх тыылыгар бартыһааннар этэрээтэрин баһылыгынан сэриилэспит.
1921 сыллаахтан ис дьыала уорганнарыгар үлэлээбит. 1922 сыл сэтинньитигэр Орто Азия ОГПУ-тун политотделын начаалынньыгынан анаммыт. Ибрагим-бек этэрээттэрин урусхаллааһыҥҥа кыттыбыт, 1928 сыллаахха Туркмен ССР Үлэ Кыһыл Знамятын уордьанынан, онтон 1930 сыллаахха Узбек ССР Кыһыл Знамятын уордьанынан наҕараадаламмыт.
1933 сыллаахха эмискэ үлэтиттэн ууратыллан Алдаҥҥа ыытыллыбыт. Ол төрүөтүнэн кини эппиэттиир кыраныыссатын учаастагынан Сталин көмөлөһөөччүтэ Н. Бажанов кыраныысса таһыгар күрээбитэ буолбут. Алдаҥҥа оперативнай сектор начаалынньыга буолбут, кэлин 1937 с. НКВД управлениета Саха АССР НКВД-та (ис дьыала наркомаата) буолбутугар онно нарком Андрей Коростин бастакы солбуйааччытынан анаммыт.[1]
Быһаарыылар
- ↑ Николаев И.И., Ушникий И.П. Центральное дело (Хроника сталинских репрессий в Якутии). — Якутск: Якутское книжное издательство, 1990. — С. 6—8. — 160 с. — 25 тыс. экз. — ISBN 5-7696-0011-X