Казах тыла
Казах тыла Qazaq tili, Қазақ тілі | ||
---|---|---|
Кэпсэтэллэр : | Казахстан, Кытай, Монголия, Афганистан, Тадьикистан, Түркийэ, Түркменистан, Украина, Узбекистан, Россия, Иран | |
Регион: | Орто Азия | |
Бары кэпсэтээччилэр: | 12 млн | |
Ranking: | 66 | |
Тыл ууhа: | Кыпчак Кыпчак-Ногай Казах тыла | |
Суруга: | Латин, Араб | |
Ил суолталаах | ||
Ил статустаах: | Kazakhstan | |
Салайыллар: | no official regulation | |
Тыл кодтара | ||
ISO 639-1: | kk | |
ISO 639-2: | kaz | |
ISO 639-3: | kaz | |
Note: This page may contain IPA phonetic symbols in Unicode. |
Казах тыла (Қазақ тілі) диэн ногай уонна каракалпак тылларыгар чугас. Кыргыз, татар, башкир, соҕуруу алтай тылларын кытта кыпчак бөлөҕөр киирэр.
Географията
Казах тыла Казахстаҥҥа ил тыла, онно 10 млн. казах тыллаах баар. Икки мөлүйүөнтэн тахса Кытайга, 560.000 Россияҕа, 200.000 Монголияҕа. Ону таhынан казах тыллаахтар Орто Азияҕа (бастатан туран Узбекистаҥҥа), Афганистаҥҥа, Ираҥҥа, Түркийэҕэ уо.д.а. дойдуларга бааллар.
Алпаабыт
2025 сылга көһөр.
Кириллическай алфавит
А а | Б б | В в | Г г | Ғ ғ | Д д | Е е | Ё ё | |
Ж ж | З з | И и | Й й | К к | Қ қ | Л л | М м | |
Н н | Ң ң | О о | Ө ө | П п | Р р | С с | Т т | |
У у | Ұ ұ | Ү ү | Ф ф | Х х | Һ һ | Ц ц | Ч ч | |
Ш ш | Щ щ | Ъ ъ | Ы ы | І і | Ь ь | Э э | Ю ю | Я я |
Латиничнай алфавит
Бастакы вариант
A a | A’ a’ | B b | D d | E e | D d | F f | G g |
G’ g’ | H h | I i | I’ i’ | J j | K k | L l | M m |
N n | N’ n’ | O o | O’ o’ | P p | Q q | R r | S s |
S’ s’ | C’ c’ | T t | U u | U’ u’ | V v | Y y | Y’ y’ |
Z z |
Иккис вариант
A a | Á á | B b | D d | E e | F f | G g | Ǵ ǵ |
H h | I i | I ı | J j | K k | L l | M m | N n |
Ń ń | O o | Ó ó | P p | Q q | R r | S s | T t |
U u | Ú ú | V v | Y y | Ý ý | Z z | Sh sh | Ch ch |
Үһүс вариант
A a | Ä ä | B b | Ç ç | D d | E e | F f | G g | |
Ğ ğ | H h | I i | I ı | Y y | J j | K k | Q q | |
L l | M m | N n | Ŋ ŋ | O o | Ö ö | P p | R r | |
S s | Ş ş | T t | U u | Ü ü | V v | W w | Z z | |
Суруга-бичигэ
Билигин Казахстаҥҥа уонна Монголияҕа кирилл алпабыытынан тутталлар, онтон Кытайга олорор казахтар араб бичигинэн тутталлар. Президент Нурсултан Назарбаев укааһынан 2025 сыллаахха дылы Казахстан казах тылын суруга латин алпабыытыгар көһүөхтээх.
Казах тылын араас бичигинэн суруллубут Киһи быраабын бирдэһиллибит декларацията бастакы ыстатыйаттан быһа тардыы:
Кирилл алпабыыта | Саңа латин алпабыыта | Араб алпабыыта | Латиница ҚазАқпарат | Сахалыы тылбаас |
Барлық адамдар тумасынан азат және қадір-қасиеті мен құқықтары тең болып дүниеге келеді. Адамдарға ақыл-парасат, ар-ождан берілген, сондықтан олар бір-бірімен туыстық, бауырмалдық қарым-қатынас жасаулары тиіс. | Barlyq adamdar týmasynan azat jáne qadir-qasıeti men quqyqtary teń bolyp dúnıege keledi. Adamdarǵa aqyl-parasat, ar-ojdan berilgen, sondyqtan olar bir-birimen týystyq, baýyrmaldyq qarym-qatynas jasaýlary tıis. | بارلىق ادامدار تۋمىسىنان ازات جانە قادىر-قاسيەتى مەن قۇقىقتارى تەڭ بولىپ دۇنيەگە كەلەدى. ادامدارعا اقىل-پاراسات، ار-وجدان بەرىلگەن، سوندىقتان ولار ءبىر-بىرىمەن تۋىستىق، باۋىرمالدىق قارىم-قاتىناس جاساۋلارى ءتيىس. | Barlıq adamdar twmasınan azat jäne qadir-qasïeti men quqıqtarı teñ bolıp dünïege keledi. Adamdarğa aqıl-parasat, ar-ojdan berilgen, sondıqtan olar bir-birimen twıstıq, bawırmaldıq qarım-qatınas jasawları tïis. | Дьон барыта бэйэ суолтатыгар уонна быраабыгар тэҥ буолан төрүүллэр. Кинилэр бары өркөн өйдөөх, суобастаах буолан төрүүллэр, уонна бэйэ бэйэлэригэр тылга кииринигэс быһыылара доҕордоһуу тыыннаах буолуохтаах. |
Казах литературнай тыла уонна уратылара
Аныгы казах тыла диалектарга арахсыбат, ол эрэн үс (говор) баара биллэр: хотугулуу-илиҥҥи, соҕурууҥҥу уонна арҕааҥҥы, ол сүрүннээн казах үс жузтара (уустара) тарҕанан олорор сирдэригэр сөп түбэһэр. Атын дойдуларга өр кэмҥэ ойуччу олорбут буолан, Кытай (со5урууҥҥу уонна хотугулуу-илиҥҥи говордар) уонна Монгуол (хотугулуу-илиҥҥи говор) казахтарын саҥарар тылларын лексикалара кыра уратылардаах. Ол эрэн ол уратылар кэпсэтэр дьоҥҥо улахан мэһэйи үөскэппэттэр, бэйэ-бэйэлэрин судургутук өйдөһөллөр. Ол биир үксүн казах аҕатын уустара, хонууга олорор буоланнар, атын омуктардааҕар бэйэ-бэйэлэрин кытта сылдьыыһыылара элбэҕиттэн буолар.
Казах судаарыстыбыннаһа сайдыбыт кэрчик кэмнэриттэн тутулуктанан араас кэмҥэ казах литературнай тыла хотугулуу-илиҥҥи уонна арҕааҥҥы говордорга олоҕурара. Билиҥҥи казах литературнай тыла дойду урукку киинин Алматы куорат говоругар олоҕурар. Сорох чинчийээччилэр барааба (Сибиир) татаардарын, харахалпаах уонна ногай тылларын казах тылын диалектарынан ааттыыллар.
Казах литературнай тыла Абаай Кунанбаай уонна Ибрай Алтынсарин ыыппыт үлэлэрин түмүгэр XIX үйэ иккис аҥаарыгар олоҕурбута. Ол саҕана арааб алпабыыта киэҥник туттуллара. ССРС бары омуктарын суруга-бичигэ (славяннартан ураты) 1929 сыллаахха латыын алпабыытыгар көспүтэ уонна нэһилиэнньэни үөрэхтээһин күүскэ ыытыллыбыта. Ити кэмҥэ казах литературата муҥутуу сайдыбыта, үгүс элбэх саҥа суруйааччы, айымньы тахсыбыта. 1937 сыллаахха Казахстан суруйааччыларын Сойууһа тэриллибитэ. Ол кэннэ 1940 сыллаахха казах тылын суруга-бичигэ кириллицаҕа көспүтэ .
Фонологията
«В, ё, ф, ц, щ, ч, ъ, ь, э» буукубалар киирии тылларга эрэ туттуллаллар.
Фонетика өттүгэр казах тыла атын түүр тылларыттан кыра уратылаах.
Казах тыла | Кыргыыс тыла | Туурак тыла | Азербайдьаан тыла | Татаар тыла | Узбек тыла | Саха тыла | ||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
«Ч(Ç/Ch)» → «Ш» | ашты | ачты | açtı | açtı | ачты | ochti | аста | |||||||
«Ш(Ş/Sh)» → «С» | бас | баш | baş | baş | баш | bosh | бас | |||||||
Дж(C)/Җ/«Й(Y)» → «Ж» | жоқ | жок* | yok | yox | юк | yoʻq* | суох |
Бүтэй дорҕооннор
Уос | Тиис уонна тиис уйата | Постальвеолярнай | Палатальнай | Велярнай | Увулярнай | Глоттальнай | ||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Мунну | /m/ | /n/ | /ŋ/ | |||||||||||
Эстии | /p/ | /b/ | /t/ | /d/ | /k/ | /g/ | [q] | |||||||
Аффрикаттар | (ts) | /ʒ/ | (tɕ)[төрүт?] | [ʑ][төрүт?] | ||||||||||
Фрикативнай | (f) | (v) | /s/ | /z/ | /ʃ/ | [ɕ][төрүт?] | (x) | [ʁ][төрүт?] | (h) | |||||
Флаптар | /ɾ/[төрүт?] | |||||||||||||
Аппроксиманттар | /l/ | /j/ | /w/ |
Аhаҕас дорҕооннор
кытаанах | сымнаҕас |
---|---|
/ɑ/ | /æ/, /e/ |
/o/ | /ɵ/ |
/ʊ/ | /ʉ/ |
/ə/ | /ɘ/ |
Морфологията уонна синтаксиhа
Солбуйар ааттар
Казах тылыгар аҕыс сирэй солбуйар аат баар:
Биир ахсаан | Элбэх ахсаан | ||
---|---|---|---|
Казахтыы | Сахалыы | Казахтыы | Сахалыы |
Мен | Мин | Біз | Биhиги |
Сен | Эн | Сендер | Эhиги |
Сіз | Эн | Сіздер | Эhиги |
Ол | Кини | Олар | Олор/Кинилэр |
Түһүктэр
Казах тылыгар 7 түһүк баар.
Түһүк | Ыйытыы | сыһыарыы |
---|---|---|
Төрүөт түһүк (Атау септік) | ким? (кім?) туох? (не?) | — |
Араарыы түһүк (Ілік септік) | кими? (кімнің?) тугу? (ненің?) | -ның, -нің, -дың, -дің, -тың, -тің |
Сыһыарыы түһүк (Барыс септік) | кимиэхэ? (кімге?) туохха? (неге?) ханна? (қайда?) | -ға, -ге, -қа, -ке, -на, -не, -а, -е |
Туохтуу түһүк (Табыс септік) | кими? (кімді?) тугу? (нені?) | -ны, -ні, -ды, -ді, -ты, -ті, -н |
Локатив (Жатыс септік) | кимиэхэ? (кімде?) туохха? (неде?) ханна? (қайда?) | -да, -де, -та, -те, -нда, -нде |
Таһаарыы түһүк (Шығыс септік) | кимтэн? (кімнен?) туохтан? (неден?) хантан?(қайдан?) | -дан, -ден, -тан, -тен, -нан, -нен |
Туттуу түһүк (Көмектес септік) | кимниин? (кіммен?) туохтуун? (немен?) | -мен, -бен, -пен, |
- Атау септік, сүрүн түһүк Мынау не? — Мынау кітап. «Бу тугуй? — Бу кинигэ.» Бала ойнап жатыр. «Оҕо оонньуур.»
- Ілік септік указывает на принадлежность одного предмета другому: Азаматтың досы «Азамат доҕоро», бөлменің терезесі «хос түннүгэ», үйдің есігі «дьиэ аана»
- Барыс септік или дательно-направительный падеж. Орманға барамыз. «Тыаҕа барыахпыт» Досыма дәптер беремін. «Доҕорбор тэтэрээт биэриэҕим.»
- Табыс септік падеж прямого дополнения. Мына жігітті көрдің бе? «Бу уолу көрбүтүҥ дуо?» Мұғалімді күтіп тұрмыз. «Учууталы күүтэбит»
- Жатыс септік местный или локативный падеж, указывающий на местонахождение предмета либо лица: Ақша кімде? — Менде. «Харчы кимиэхэ? — Миэхэ». Мен Алматыда болдым. «Мин Алматыга баар этим» Үйде ешкім жоқ. «Дьиэҕэ ким да суох»
- Шығыс септік указывает на исходный пункт движения. Мектептен шықтық. «Оскуолаттан таҕыстыбыт.» Оралдан қашан қайтасың? «Оралтан хаһан төннөҕүн?»
- Көмектес септік указывает на совместность действия либо на орудие, которым выполняется действие: Ол досымен асханаға барды. «Кини доҕорунаан остолуобайга бардылар.» Нанды пышақпен кесу керек. «Килиэби быһаҕынан быһыахха наада.»
Ахсаан аат
0 | 1 | 2 | 3 | 4 | 5 | 6 | 7 | 8 | 9 | 10 | |||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
нөл | бiр | екі | үш | төрт | бес | алты | жеті | сегіз | тоғыз | он | |||
11 | 20 | 30 | 40 | 50 | 60 | 70 | 80 | 90 | 100 | 1000 | 10000 | 1000000 | |
он бір | жиырма | отыз | қырық | елу | алпыс | жетпіс | сексен | тоқсан | жүз | мың | он мың | миллион |
Этиилэр холобурдара
Казах тыла | Саха тыла |
Қайырлы таң | Үтүө сарсыарданан |
Қайырлы түн | Үтүө күнүнэн |
Қайырлы кеш | Үтүө киэһэнэн |
Сәлеметсіз бе? | Эҕэрдэ / Дорообо |
Сәлем | Дорообо |
Иә | ээх |
Жоқ | суох |
Қалыңыз қалай? | Хайдаххытый? |
бәрі ойдағыдай | барыта үчүгэй |
жақсы | үчүгэй |
жаман | куһаҕан |
керемет | бэрт |
көп рахмет | улахан махтал |
Аман бол | чэгиэн буол |
Сау болыңыз! | Көрсүөххэ диэри |
Қош келдіңіз(дер) | Нөрүөн нөргүй |
Ертеңге дейін! | Сарсыҥҥа диэри |
Танысып қойыңыз, бұл менің досым Арман | Билсэн кэбиһиҥ, бу мин доҕорум Арман |
Бұлар менің балаларым | бу мин оҕолорум |
Мен сізді бір жерде көрген сияқтымын | Мин эйиигин ханна эрэ көрбүтүм |
Сенің атың кім? | Аатыҥ кимий? |
Менің атым – Жан. Тегім – Бейсембин | Мин аатым Жан, фамилиям Бейсембин |
Мынау менің досым. Оның аты Қайрат | Бу мин доҕорум. Кини аата Кайрат |
Сенің ұлтың кім? | Эн омугуҥ кимий? |
Оның ұлты қазақ па? | Кини омуга казах дуо? |
Мен қазақпын | Мин казахпын |
Сен неше (қанша) жастасың? | Эн хас саастааххын? |
Менің жасым отыз бесте | Мин сааһым отут биэс |
Қазір сағат қанша? | Билигин хас чааһый? |
Қазір түнгі сағат он екі | Билигин түүн уон икки чаас |
Кіруге бола ма? | Киириэххэ сөп дуо? |
Жоқ, болмайды | Суох, сатаммат |
Мені күте тұрыңызшы! | Миигин күүтэн туруң! |
Маған көмектесіңізші | Миэхэ көмөлөһүҥ |
Жолыңыз болсын! | Дьоллоох айаны |
Кешіріңіз | Алҕас |
Барлықтарына рақмет! | Барыгытыгар махтал |
Оқасы жоқ/Тілеуің болсын | Баһаалыста |
Дәретхана қайда екен? | Туалет ханан баарый? |
Көрмегелі қанша болды? | Көрсүбэтэх ыраата |
Қай жердікісіз? | Хантан төрүттээххин? |
Күніңіз жақсы өтсін! | Үчүгэй күнү баҕарабын |
Ас дәмді болсын! | Минньигэстик аһаа (Ас минньигэс буоллун) |
Бұл қанша тұрады? | Бу хастааҕый? |
Қашан келдіңіз? | Хаһан кэллиҥ? |
Сіз орысша сөйлейсіз бе? | Эн нууччалыы саҥараҕын дуо? |
Қалыңыз қалай? | Дьыалаҥ хайдаҕый? |
Мен сені сүйемін | Мин эйиигин таптыыбын |
Мен сені сағындым | Мин эйиигин аҕынным |
Құттықтаймын | Эҕэрдэлиибин |
Рахмет, сізді де | Махтал, эйиигин эмиэ |
Жаңа жылыңызбен | Саҥа дьылынан |
Бар арманыңыз орындалсын | Баҕа санааларың барыта туоллуннар |
Ең жақын кинотеатр қай жерде? | Чугас кинотеатр ханна баарый? |
Ертең ауа райы қандай болады? | Сарсын хайдах халлаан буолар? |
Менің мұражайға барғым келеді | Мин музейга барыахпын баҕарабын |
Мен сахаша/якутша білмеймін | Мин сахалыы билбэппин |
Өс хоһооннор
- Өмір бар жерде, үміт бар - Олох баар сиригэр - эрэл баар.
- Аз сөз - алтын. - Үгүс тыл сымсах, аҕыйах тыл минньигэс ("Аҕыйах тыл - көмүс")
- Жел тұрмаса, шөптін басы қимылдамайды - Тыала суохха мас хамсаабат
- Аштықта жеген нан құйқа татыр - Балык суоҕар баҕа да балык.
- Аштық не жегізбейді - Аччыктаатахха ас эрэ амтаннаах.
- Екі қоянды бір оқпен атып алу - Икки куобаҕы биир буулдьанан.
- Жеті рет өлшеп, бір рет кес - Сэттэтэ кэмнээ, биирдэ быс.
- Айтылған сөз атылған оқпен тең - Саңарыаң иннинэ санаан көр (Этиллибит тыл ытыллыбыт оххо тэҥнээх)
- Жаманат жатпайды - Куһаҕан сурах түргэнник тарҕанар
- Байыбына бармай, бал ашпа - Байа иликкинэ мүөккүн аһыма
- Әрекет болмай, берекет болмас - Кыһамньыта суохха, дэлэгэй (байым) эмиэ суох.
- Сырың білмеген аттың сыртынан жүрме - Кистэлэҥин билбэт аккын кытта сылдьыма
- Ортақ өгізден оңаша бұзау артық - Уопсай оҕустааҕар бэйэҥ туспа торбостооҕуҥ ордук
- Түймедейді түйедей қылу - Тимэхтэн тэбиэни оңорор (кыраны үлүннэр, омуннуур)
- Сақтықта қорлық жоқ - Сэрэхтээх буолар буортута суох
- Игіліктің ерте-кешкі жоқ - Үтүөнү оҥорорго эртэ-хойут диэн суох
- Еңбегіне карай - өнбегі. - Хайдах үлэ да оннук түмүк
- Адам сөйлескенше, жылқы кісінескенше. - Киһи кэпсэтэн билсэр, сылгы - кистээн.
- Ағаш көркі — жапырақ, адам көркі — шүберек. - Маһы сэбирдэх киэргэтэр, киһини - таңас.
- Аш бала тоқ баламен ойнамайды, тоқ бала аш болам деп ойламайды - Тот киһи аччыгы өйдөөбөт (Аччык оҕо тот оҕону кытта онньообот, тот оҕо аччык буолуом дии санаабат)
- Екі қошқардың басы бір қазанға сыймас - Икки хой баһа биир хочуолга баппат.
- Адам аласы ішінде, мал аласы сыртында - Киһи эриэнэ иһигэр, кыыл эриэнэ таһыгар
- Адам қатесіз болмас, көл бақасыз болмас - Киһи сыыһата суох буолбат, күөл баҕата суох буолбат.
- Еңбек – адамның көркі, адам заманның көркі - Үлэ киһини киэргэтэр, киһи бириэмэтин киэргэтэр
- Адам тастай берік, гүлдей нәзік. - Киһи таастааҕар кытаанах, чэчиктээҕэр нарын
- Үйдің жылы-суығын қыс түскенде білерсің, кімнің алыс-жақынын іс түскенде білерсің. - Дьиэң итиитин-тымныытын кыһын биллэриэ, ким ырааҕын-чугаһын алдьархай биллэриэ
- Өмір – үлкен мектеп. Олох диэн улахан оскуола курдук.
- Алтын алма, білім ал. - Көмүһү ылыма, билиини ыл
- Күш – білімде, білім – кітапта.- Күүс билиигэ, билии кинигэҕэ
- Білек бірді, білім мыңды жығады. - Күүстээх биири, билиилээх муҥу (тыһыынчаны) хотор
- Білімі жоқ ұл – жұпары жоқ гүл - Билиитэ суох уол сыта суох сибэкки курдук
- Ит жоқта шошқа үреді. - Ыт суоҕар чооску (сибиинньэ) үрэр
- Балық жоқта бақа да балық. - Балык суоҕар баҕа да балык
- Кедей менен бай жолдас болмас, қасқыр менен қой жолдас болмас. Дьадаҥыны кытта баай аргыс буолбат, бөрөлүүн хой аргыс буолбат.
- Біреу тойып секіреді, Біреу тоңып секіреді. - Биир тотон эккириир, биир тоҥон эккириир.
- Ашаршылықты көп көрген өзі тоймай “мә” демес. - Аччыгы элбэҕи көрбүт бэйэтэ тото илигинэ "мэ" диэбэт.
- Батырға таяқ та – жарақ. Боотурга тайах да сэп.
- Күштіде тәңірі жоқ. - Күүстэххэ таңара да наадата суох
- Жаман жолдастан жақсы дұшпан артық. - Куһаҕан доҕордооҕор үчүгэй өстөөх ордук.
- Досы жоқ адам – Тұзы жоқ тағам. - Доҕоро суох киһи - тууһа суох ас.
|
Арассыыйа ил тыллара |
|
---|---|
Федераал тыл | Нуучча |
Федерация субъектарын тыллара | Абазин • Даргин • Ингуш • Кабарда-Черкес • Калмык • Карачаай-Балкаар • Коми • Лезгин • Марий (Хайатааҕы Марий, Ходуһалаах Марий) • Мордва (Эрзя), • Табасаран • Тат • Тыва • Удмурт • Украин • Хакас • Цахур • Чэчиэн • Чуваш |
Официальнай стаатустаах тыллар | Вепс • Коми-Перем • Мансий • Ненец • Селькуп • Финн • Хантый • Хотугу Дьүкээгир, Соҕурууҥу Дьүкээгир) |