Алтай тыла
Алтай тыла — эбэтэр "соҕуруу алтай тыла" алтайдар тыллара, түүр тыллар ахсааннарыгар киирэр. Алтай Республикатын официальнай тыла. 1948 с. дылы ойрот тыла диэн ааттанара. 2002 с. 67,900 алтай тылынан саҥарааччы баара.
Морфологията уонна синтаксиhа
Солбуйар ааттар
Алтай тылыгар алта сирэй солбуйар аат баар:
| Биир ахсаан | Элбэх ахсаан | ||
|---|---|---|---|
| Алтайдыы | Сахалыы | Алтайдыы | Сахалыы |
| мен | мин | бис | биhиги |
| сен | эн | слер | эhиги |
| ол | ол | олор | олор |