Урум тыла

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Урум тыла (гириэк-татаар тыла, урум тылынан: урум тили эбэтэр урум дили) – Приазовьеҕа олорор түүр тыллаах гириэк урум омугун төрөөбүт тыла. Урумнар сүрүннээн Украина Донецк уонна Запорожскай уобаластарыгар олороллор. Грецияҕа да аҕыйах ахсааннаах урум диаспората баар.

Тыл туһунан

Урум тыла Кырыым татаардарын тылларыгар чугас уонна майгынныыр. Урум тыла X үйэ ортотугар Илиҥҥи Европаҕа, Дашт-и Кыпчак диэн киэҥ сиргэ олохсуйбут половецтар тылларыттан үөскээбит буолуон сөп. Сорох чинчийээччилэр урум тылын туспа тыл дии саныыллар, сорохтор Кырыым татаардарын тылын биир диалега дииллэр.

Урум тыла үчүгэйдик үөрэтиллэ илик буолан бу тыл диалектарын туһунан биир кэлим санаа суох. С. Н. Муратов урум тылын үс диалекка араарар[1]:

  • кыпчак (бешевскэй, янисольскай уонна мангушскай гуобардар);
  • оҕус (мариупольскай уонна старокрымскай гуобардар);
  • орто диалект икки бөлөххө арахсар: оҕус диалектан улахан дьайыыта суох (богатырскай, керменчикскэй уонна улаклинскай гуобардар) уонна күүстээх оҕус диалегын дьайыылаах (игнатьевскай, каранскай, комарскай, ласпинскай гуобардар).

А. Н. Гаркавец буоллаҕына урум тылын түөрт диалекка араарар[2]:

  • кыпчак-половец (Великая Новосёлка, Старобешево, Мангуш);
  • кыпчак-оҕус (Старый Керменчик, Богатырь, Улаклы);
  • оҕус-кыпчак (Карань, Староласпа, Камара, Гурджи);
  • оҕус (Мариуполь, Старый Крым, Каракуба).

Ону тэҥэ диалектарга арахсыбат урум фольклорун тыла баар. Бу тыл лексикатыгар уонна морфологиятыгар оҕус тылларын дьайыыта улахан [1].

Сурук-бичик

Урум тылынан аҕыйах тиэкистэр гириэк алпабыытынан суруллан хаалбыттар. 1920–1930 сылларга урум сэлиэнньэлэригэр латыын алпабыыттаах Кырыым татаардарын тылын үөрэтэр этилэр[1]. Билиҥҥи кэмҥэ кирилл суруга туһаныллар, ол гынан баран биир кэлим уонна официальнайдык бигэргэммит көрүҥэ суох, ол иһин араас-араас көрүҥнээх алпабыыттар бааллар. Александр Гаркавец диэн кыпчак тылларын чинчийээччитэ бэйэтин үлэлэригэр маннык алпабыыты туһанар[2]:

А а Б б В в Г г Ғ ғ Д (Δ δ) Дʹ дʹ
(Ђ ђ) Е е Ж ж Җ җ З з И и Й й К к
Л л М м Н н Ң ң О о Ö ö П п Р р
С с Т т Тʹ тʹ (Ћ ћ) У у Ӱ ӱ Υ υ Ф ф
Х х Һ һ Ц ц Ч ч Ш ш Щ щ Ъ ъ Ы ы
Ь ь Э э Ю ю Я я Θ θ

2008 сыллаахха Киевкэ тахсыбыт урум тылын үөрэтэр кинигэҕэ маннык алпабыыт туһаныллыбыт[3]:

А а Б б В в Г г Ґ ґ Д. Дʹ дʹ Дж дж
Е е З з И и Й й К к Л л М м Н н
О о Ö ö П п Р р С с Т т Тʹ тʹ У
Ӱ ӱ Ф ф Х х Ч ч Ш ш Ы ы Э э

Эбии көр

Кинигэлэр

  1. 1,0 1,1 1,2 С. Н. Муратов. Урумский язык // Языки мира: Тюркские языки. М., ИЯ РАН, 1996 г. — 543 с.
  2. 2,0 2,1 Гаркавець. О. М Урумський словник. — С. 632.
  3. Халыып:К.: БЛАНК-ПРЕСС, 2008. — С. 168. — ISBN 966-8535-15-4