Фуйуй кыргыс тыла
Фуйуй кыргыс тыла — Кытайга Хэйлунцзян провинциятын Фуйуй уеһыгар олорор фуйуй кыргыстарын төрөөбүт тыллара. Фуйуй кыргыс тыла түүр тыллар хакас-алтаай бөлөҕөр киирэр. Фуйуй кыргыс тыла кыргыс тылыттан уратыта диэн z-тыл буолар (хакас тылын курдук). Фуйуй кыргыс тыла хакас тылларыттан XVII–XVIII үйэлэргэ арахсыбыт. Фуйуй кыргыстара Енисей кыргыстарын сыдьааннара буолаллар[1]. Кинилэри 1703–1706 сылларга Хакас сириттэн Дьуҥҕаар сиригэр көһөрбүттэр. Дьуҥҕаар дойдута суох буолбутун кэннэ мандьулар 1755–1757 сылларга кыргыстары Мандьу сиригэр көһөрбүттэр.
Тыл туһунан
Фуйуй кыргыс тыла сарыг йоҕыр тылыгар чугас, ол эрээри уратыта диэн төрүт -š- уонна -č- дорҕооннор уларыйбакка хаалбыттар (сарыг йоҕыр тылыгар -š- дорҕоон -s- дорҕооҥҥо уонна -č- дорҕоон -š- дорҕооҥҥо уларыйбыт), ону таһынан j > n (ń?) дорҕооннор уларыйыылара буолбут.
Чинчийээччилэр сабаҕалыылларынан фуйуй кыргыс тыла XVIII үйэҕэ хакас тылын саҕай эбэтэр качин диалектарыттан арахсыбыт. Сорох чинчийээччилэр этэллэринэн фуйуй кыргыс тыла сарыг йоҕыр тылыгар быдан чугас.
Сурук-бичик
2000 сыллар бүтүүлэригэр Кытай тыл үөрэхтээхтэрэ латыын алпабыытыгар олоҕуран (эбии Č č, Ğ ğ, Ï ï, Ö ö, Š š, Ü ü буукубалардаах) фуйуй кыргыс тылын суругун айбыттара. Ол эрээри бу сурук киэҥник тарҕана илик.
Эбии көр
Кинигэлэр
- Hu, Zhen-hua; Imart, Guy (1987), Fu-Yü Gïrgïs: A tentative description of the easternmost Turkic language, Bloomington, Indiana: Indiana University Research Institute for Inner Asian Studies
- Li, Yongsŏng; Ölmez, Mehmet (2007), Some Newly Identified Words in Fuyu Kirghiz (Part 1), Neue Folge
- Тенишев Э.Р. О языке кыргызов уезда Фуюй // Вопросы языкознания. 1961. № 1. С. 88–95.
- Янхунен Ю. К вопросу о зарубежных хакасах // Проблемы сохранения природы и культурно-исторического наследия Хакасии. Абакан. 1994. Вып. 1. С. 99–107.
Быһаарыылар
- ↑ Языки мира: Тюркские языки / Институт языкознания РАН. — Москва: Индрик, 1997. — С. 456. — 542 с. — ISBN 9785857590614
Сигэлэр
- Кытай фуйуй кыргыстара (1-кы бас, видео)
- Кытай фуйуй кыргыстара (2-с бас, видео)
- Кытай фуйуй кыргыстара (3-с бас, видео)
|